Саха норуодунай суруйааччыта, СӨ Былатыан Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, литературнай кириитик, публицист, бэйиэт, уопсастыбаннай диэйэтэл Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат Улуу Кыайыы 60 сылыгар анаан таһаарбыт «Уот сэрии кэпсэтэр тылынан» диэн кинигэтиттэн быһа тардан билиһиннэрэбит.
Кинигэҕэ Сэмэн Тумат суруйааччылар тустарынан бэлиэтээһиннэри, чахчылары түмэн суруйбута, айымньыларын хомуйан оҥорбута киллэриллибиттэр. Суруйааччылар үлэлэрин библиографиятын В.Павлова, Г.Родионова оҥорбуттар. «А5а дойду Улуу сэриитигэр 25 саха суруйааччыта кыттыбыта. Кинилэр төһө да өлөр-тиллэр тыҥааһыннаах быһыыга-майгыга сырытталлар, төрөөбүт Ийэ дойдуларын кытта сибээстэрин быспатахтара. Сэрии тыйыс түгэннэрин, хабыр охсуһууларын республика хаһыаттарыгар таһаартараллара, сэрии туһунан дьиҥ кырдьыгы кэпсииллэрэ, дьоннорун-сэргэлэрин санаатын өрө көтөҕөллөрө. Кинилэр саамай күүстээх, саамай сытыы батастарынан уус-уран тыл этэ. Бу күүрээннээх күннэргэ буойун-суруйааччылар бойобуой сүрэхтэниини эрдээхтик ааһан, бэйэлэрин хорсун патриот быһыытынан көрдөрбүттэрэ. Ону кэриэстээн сэриигэ кыттыбыт суруйааччылар айымньыларын, суруктарын түмэн бэчээттиибит» диэн суруллар кинигэ саҕаланыытыгар.
НИКИФОР КИРИКОВИЧ СЕДАЛИЩЕВ-ДЬҮӨГЭ ААНЫСТЫЫРАП
1939 сылтан ССРС Суруйааччыларын союһун чилиэнэ, биллиилээх прозаик Никифор Кирикович Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап 1913 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонугар Кэнтик нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
Бүлүүтээҕи педагогическай техникум икки курсун бүтэрбитэ. Төрөөбүт нэһилиэгэр бастакы колхоһу тэрийбитэ, биир кэмҥэ колхоз бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлээбитэ.
1938 сыллаахха “Бэлэм буол ” хаһыат эппиэттиир секретарынан, онтон редакторынан анаммыта. Үунэн-сайдан испитэ. 1937 сылтан айымньылара бэчээттэнэн барбыттара.
1941 сыллаахха армияҕа ыҥырыллыбыта. Младшай комсостав аналлаах курсун үөрэнэн бутэрээт, Калинин уонна Ленинград куораттар туһаайыыларыгар буолбут хабыр хапсыһыыларга киирэн бойобуой сүрэхтэниини ылбыта. 1944 сыл олунньутуттан дьонугар суруга кэлбэт буолбута. Онтон ыла сураҕа суох суппүттэр кэккэлригэр киирбитэ.
Никифор Кирикович Седалищев кэпсээннэри суруйуу маастара этэ. Нуучча суруйааччыларын айымньыларын талааннаахтык тылбаастаабыта. Кэлин кини литературнай нэһилиэстибэтин биллиилээх журналист, биир дойдулааҕа Г.Г.Нынныров түмэн туспа кинигэнэн таһаартарбыта.
КЭРГЭНИГЭР СУРУКТАРА
1941 сыл, балаҕан ыйын 14 күнэ
Мин сэриигэ да киирэр күннээх буоллахпына эһиги кэскилгит, үчүгэйдик олороргут иннигэр, эһиги чиэскитин, быраапкытын хараарпат туһугар сэриилэһиэм…
Микииппэр.
1942 сыл, ыам ыйын 2 күнэ
Бүгүн ыам ыйын 2 күнэ. Эйигин, доҕорбун, ахтарым наһаа күүстээх. Ааспыт дьылларга 1 Маайы хайдах көрүнэн-нарынан, аһынан-үөлүнэн атаарарбытын саныыбын.
Быйыл оннук буолбатах. Армия усулуобуйатыгар бырааһынньыгы атаарыы бэрт боростуой. Эн бэйэҥ да билэриҥ буолуо, быйылгы 1 Маай үлэ күнэ буолла. Ити барыта сэрии сабыдыала.
Мин фроҥҥа баран иһэн сурук суруйбутум. Ол сурукпун бу сурукпуттан эрдэ дуу, хойут дуу тутарыҥ буолуо. Бу да суругум сайын тиийэрэ буолуо. Бу суругум тиийэрин саҕана мин эбэтэр өлүөм, эбэтэр баас ылан госпитальга сытыам.
Биһиги аан маҥнай Ленинградтан уонча көс бэттэх тохтообуппут. Онно сэрии биһигиттэн 10—12 биэрэстэ сиргэ буола турара. Биһиги үрдүбүтүнэн самолеттар охсуһаллара, немец самолеттара халлаантан умайбытынан түһэллэрин хаста да көрдүм. Билиэн түбэспит немецтэри эмиэ көрөттөөтүм.
Маҥнай тохтообут сирбит дьэ быртах сир, барыта уу уонна бадараан. Онно отуу туттан биир нэдиэлэ буоллубут. Барбыт сыалбыт — Ленинграды босхолуурга көмөлөһөргө диэн этэ. Онон бүгүн дуу, сарсын дуу сэриини кэтэһэ олорбуппут. Ол олордохпутуна эмискэччи бирикээс кэллэ — атын сиргэ сыҕарыйарга. Тобукпутунан ууну, бадарааны икки суукка тухары кэһэн саҥа сиргэ кэлэн тохтоотубут. Тохтообут сыалбыт — уруккуттан төгүрүйүллэн турар немец 16-с армиятын үлтү охсорго кыттыыны ыларга. Биһигиттэн фронт 10 биэрэстэ. Хаһан бирикээс кэллэ да, сэриигэ киирэбит. Ол бэрт чугас, сарсын дуу, өйүүн дуу.
Тохтообут сирбит үчүгэй, бэс ойуур, салгына доруобай. Саас барахсан кэллэ. Чыычаахтар ыллыыллар, үрэххэ балык сэмсиир, кустар саҥарсаллар, ойуурга улар охсор, ылааҥы күн үөһэттэн тыгар.
Мин маннык сааһы кытта Сахам сирин, саха ыаллардаах, үрүҥ астаах, үүттээх-суораттаах, түптэ буруолаах алааһы ахтабын. 1934 сыллаахха баччаҕа мин Харбалаахха баарбын. Үчүгэй да саас эбит. Онно мин, эн уонна оччотооҕу өҥ-тот олох барыта дьол этэ. Ону билигин ахта саныахха олус астык, үчүгэй.
Сэрииттэн тыыннаах эргиллэр күннээх буоллахха, олох дьолуттан астыктык тииһинэргэ баҕа санаанан туолабын. Итинэн эрэ сүрэхпин- быарбын уоскутабын, көхсүбүн кэҥэтэбин.
Эн хайдах олороҕун, тугу үлэлиигин? Мин аны соторунан билэр кыаҕым суох. Сэриигэ өлбөтөххө, тыыннаах көрсүһэр күннээх буоллахпытына сэһэргэһиэхпит.
Мотя! Чэ быраһаай, бу баҕар бэстилиэнэй суругум буолуо.
Ол эрээри өлүөм диэн санаа миэхэ ончу суох, хайдах эрэ бэйэбин дьоллооҕунан, өлүө суоҕунан, дойдубар эргийиэҕинэн сананабын. Маннык дьикти санаабын бэйэм сөҕө саныыбын.
Доруобуйам үчүгэй, ыалдьыбаппын. Оттон уопсай этим-хааным туруга сылаабай-мөлтөх, үрүҥ аһы суохтуубун.
Сыллыыбын, убуруубун — быраһаай, хааллым доҕоруҥ
Микииппэр.
1942 сыл, ыам ыйын 16 күнэ
Мотя! Доҕоруом, сыллыыбын-убуруубун. Киһи улаханнык да үөрэр, сүрэҕэ-быара дьэгдьийэр буолар эбит. Эн кулун тутар 23 күнүгэр суруйбут суруккун ыам ыйын 12 күнүгэр 1942 с. туттум. Бу суруктан ураты эн 2 суругу тутуохтааххын: 1) сэриигэ баран иһэн, 2) сэрии сиригэр — фронтга тиийэн баран 1 Маайы хайдах атаарбыппыт туһунан.
Дьэ, эн суруккун түһээн да көрбөтөх усулуобуйабар сылдьан туттум — уоттаах сэрии буола турдаҕына, окуопаҕа сытан. Суруккун тутан баран 4 хонукка суруйбакка сылдьан баран, дьэ бу бүгүн арыый иллэҥнэнэн суруйан эрэбин. Биһиги сэриилэспиппит 8 хонно. Сэрии олоҕо, усулуобуйата диэни киһи киһиэхэ сатаан кэпсиэх буолбатах. Мин туох да буолан көрө иликпин. Арай 2 төгүл снаряд-миинэ аттыбар түһэн көхсүм доргуйталаата — бу букатын кыра дьыала.
Мин сэргэстэһэ сытар эбэтэр бииргэ үлэлии сылдьар табаарыстарым мэйиилэрэ ыһыгыллар, быһар быһаҕастара эрэ хаалаллар, атахтара-илиилэрэ бысталлар. Дьэ, бу аата — снаряд таптаҕына өллөҕүҥ, таппатаҕына тыыннаах ортоҕуҥ. Немецэр самолеттан бомбалыыллар, пушкаттан уонна миинэттэн ыталлар. Сороҕор төһө эмэ киэҥ сиргэ биир да тыыннаах кырыс орпот буолар. Оттон биһиги немецтэргэ оннооҕор ордугунан хардарабыт, онон кыралаан иннибит диэки сыҕарыйан иһэбит.
Мин сибээс взводугар телеграфиһынан үлэлиибин. Сэрии буола турдаҕына командирдар приказтарын телефонунан биэрэбин. Үксүн сэрии уотун хаба ортотунан айаннаан штаб уонна роталар икки ардыларыгар сибээс-линия тардабын.
Итинник үлэни сүүрүүнэн, аттаан уонна быарбынан сынан толоробун, ууну, кутаны, бадарааны хаба ортотунан барабын.
Куттанар, өлүөм эбээт диэни киһи умнар буолар эбит. Снаряд аттыгар түһэн дэлби ыстаннаҕына хаптас эрэ гынаҕын, табаарыһыҥ бааһырдаҕына эбэтэр өллөҕүнэ бэлиэтии эрэ көрөн кээһэҕин. Оттон винтовка эбэтэр пулемет буулдьатыттан кумаардаан да көрбөккүн, таптаҕына биирдэ охтуоҥ буолуо.
Мин олоҕум диэн итинник. Ыам ыйын 7 күнүттэн 16 күнүгэр диэри буолбут сэриигэ мин тыыннаахпын, өлүөм эбээт диэн санаа ончу суох. Маннык будулҕан ортотугар аһы-үөлү бэркэ тэрийэллэр — аччыктаабаккын, арай сороҕор урут, сороҕор хойут эрэ аһаталлар.
Доҕоруом, эн суруккун тутаммын, дойдум олоҕун сонуннарын билэммин бэркэ диэн дуоһуйдум-астынным. Быраһаай, этэҥҥэ сырыттахпына суруйуом.
Куораттан, дьиэҕиттэн уонна үлэҕиттэн араҕыма. Дьиэҕэр үчүгэй хаһаайыстыбанньык ыалы дьуккаах киллэр. Мин билэр дьоммор барыларыгар привет.
Сыллыыбын, убуруубун!
Микииппэр.
МААНЫ КИҺИ
I
Эдэр киһи уута кэлбэт. Мурун тыастара, сылааны таһаарар ыҥыраныылар улам дириҥээн бардылар.
“Биирдэ санаатахха, сириминэ даҕаны. Санаата уларыйбыт, атын киһини таптаабыт буолан баран… көҥүлэ буоллаҕа дии. Сүрэхпэр-быарбар киллэрдим, сөбүлээтим да этэ. Ыт бэйэлээх, холбоһуох диэн урут тоҕо эппэтэхпиний?.. Хайдах эрэ киһини таптаата. Мааны дииллэр, үчүгэй сирэйдээх дииллэр, үөрэхтээх дииллэр. Миэхэ тэҥнэһэ сылдьыа дуо, мин сылгылары кытта бадьыыстаһартан атыны билээхтээбэппин, — дии саныы-саныы, кини уот диэки эргилиннэ: — Тутуута, кичээҥитэ, сүрэҕэ ырааһа, этэ-сиинэ толорута, майгыта-сигилитэ үчүгэйэ”. Онтон кыыс сиэҕэ суох харылара, куоптатын бүтэй биллэ-биллибэт сылдьар уһукгаах, өчөс эмиийдэрэ хараҕын иннигэр көстө түстэ. Онтон сиэттэрэн, кыыс атын киһини хоонньугар сытыарбытын санаат, уол өссө тууйулунна. Табахтаата. Табаҕын буруотун быыстала суох уһуурталаан кээстэ…
“Хайаан да ойох ыллахпына сөп. Ким кэлиэй? Ити өрө тэбэ-тэбэ элэктии сылдьар кыргыттартан дуо? Суох…”
Ферма Марыыската диэн ааттыыр кыыстара: “Киһи эриэнэ иһигэр, көтөр эриэнэ таһыгар. Билбэтэхпин. Буолар буолан бүппүт”, — диэн, нөҥүө хоско сытан, санаарҕаан үөһэ тыынна.
“Дьөгүөссэ эрэйдээх саҥараахтаабат, төһө эрэ хоргутан эрээхтиир, — Марыыска өссө дириҥник үөһэ тыынна. — Албынныан быатыгар сыстаҥнаабыта, санаабын эрийэ охсубута түргэниэн! Куоракка икки хостоохпун, ыйга балтараа тыһыынчаны ылабын, дэлэйдик олоруохпут диэбитэ… Оо, дьэ, Миисэ киһи бөҕө эбит… Тахсан көһөрүөх буолбута. Кэлэрин оннугар… Биэс миэтэрэ сиидэһи ыыппыт буола-буола, бырастыы гын диэбит буола-буола, санаабын уларыттым диэбит буола- буола, сааһым тухары кэргэннэммэккэ сылдьарга сананным диэбит буола-буола!.. Сотору таарыйан кэпсэтиэм диэбит буола-буола!..”
“Кыргыттар оннооҕор урут күлбүттэрэ: “Миисэ ойоҕо”… “Миисэҥ хаһан тахсан көһөрөрүй?” Дьөгүөссэ эрэйдээҕи күлэллэр: “Марыыскаҕа түөһүн тосту тэптэрбит, өлөөрү сылдьар”. “Кини тугун буруйай? Дьөгүөссэлиин холбоспуппут буоллар, син олоруо этибит”, — кыыс тулуйбата, ыйдаҥаҕа дьэҥкэрбит түннүгэ өлбөөдүйэн хаалла, кыламаннарын быыһынан сылаас таммахтар, ыгыллан тахсаннар, таҥаска түспэхтээтилэр…
П
Завхоз, хойутаан хаалан, ыскылаат айаҕар мустубут дьон, сүгүн буолуохтааҕар, тылларынан хаадьылаһа турдахгарына:-
—Завхоз кэллэ! — диэн буолла.
—Уочараты ыһаайаҕыт, оргууй үмүөрүһүҥ!
—Завхоз, уочаратынан биэр!
—Доҕоттор, туох… Дьөгүөссэ, Марыыска сибилигин үлэҕэ бараллар үһү. Маҥнай кинилэргэ биэрэбин, — диэтэ завхоз.
Дьөгүөссэ Марыыскалыын биир тэлиэгэҕэ элбэх оҕуруот аһын, аҕыйах куул бурдугу тиэйдилэр.
Дьөгүөссэ аты муоһалаата. Марыыска, уолу кытта сэргэстэһэн, сири одуулуу истэ. Кэннилэригэр дьоннор айдаарса хааллылар.
Кэпсэтии суох. Арай тэлиэгэ лочугуруур. Ат, күүстээхтик тирэнэ-тирэнэ, тардан дьүккүөтүүр. Көннөрү сукуһан иһэллэрэ ордук эрэйдээх буолла.
—Октябы куоракка ылаҕын дуу? — диэтэ Дьөгүөссэ кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан.
Марыыска көхсүн этиттэ, нэһиилэ саҥарда:
—Су-суох…
—Бырааһынньык күҥҥэ көһөр буоллаҕыҥ дии, — Дьөгүөссэ тоҕо кичэйэн ыйыппытын өйдөөбөтө. Онтон бырааһынньыкка, кыыһын көрө-көрө, сүрэх-быар ыарыыта буолуоҕуттан абара санаата.
Марыыска харса суохтук тутунна, уолга хайыста:
—Дьонтон истэн сэтэриэҥ кэриэтин… мин дэҥ үктээн… — диэн иһэн, харыаста түстэ. Атын сиргэ хайыста, “кини элэк гынарыгар эбии “тупсан” биэрээри гынным”, — диэн, кытаатыаҕынан кытаатта…
Ат олбуордарын аана сабыылааҕыттан тохтоото.
Киэһэ. Марыыска, хотонуттан киирээт, куоракка басыылка бэлэмнээтэ. Биэс миэтэрэ сиидэс иһигэр сурук суулаата. Ити сурукка суруйбутун курдук, кими даҕаны ыар тылларынан этэ илигэ. Басыылкатын тигэн эрдэҕинэ, Дьөгүөссэ киирдэ. Тэпсэҥнээмэхтээн баран, аттыгар олордо. Кини, тарбахтара ибигирии-ибигирии, быычыкаа кумааҕыны Марыыска ньилбэгэр уурда. Биирдэһэ ылбакка эрэ аахта:
“Хоргуппаппын. Марыыска, эйигин мин таптыыбын, уруккум курдук”.
Марыыска чараас-чараастык чыпчылыйда.
—Холбоһуох, — диэтэ уол.
Бырааһынньык биэс хонук хаалла. “Бырааһынньыкка”, — дэһэ- дэһэлэр, ыаллар бэлэмнэнэллэр.
Марыыска, ыалдьыт кыргыттар, тигиллэн эрэр ырбаахыны көрө- көрөлөр, сипсиһэллэр. Дьөгүөссэ доҕоро уол буруус маһы устуруустаан туманныыр. Дьөгүөссэ бэйэтин хоһун аанын аны аһыллыбаттыы, хам тоһоҕолоон табырҕатта. Онтон, Марыыска хоһугар киирэн, кинилэри икки аҥы быыһаан турбут истиэнэни суруталаата, аан киэҥин кээмэйдээтэ. Сүгэтин эһэ охсон ылла, үтүлүктээх ытыһыгар силлээтэ. Дьиэ доргуйбутунан, сүгэ олуктара бырдаҥалаабытынан барда. Бу икки ардыгар, мааны таҥастаах, ачыкылаах киһи тастан көтөн түстэ. Ачыкытын быыһынан көрөөт, соһуйда:
—Хайа, Маруся, дьиэҕин тоҕо алдьаттардыҥ? — диэтэ ааҥҥа туран.
—Дьиэбитин оҥостобут! — диэтэ Марыыска, онтон, мааны киһи диэки эргиллээт, сирэйэ-хараҕа эмискэччи уларыйан хаалла. Мааны киһи дьону кэриччи көрдө, онуоха эбии Дьөгүөссэ сүгэтин туппутунан кини диэки хайыста, кыргыттар уонна устуруустуу олорор уол, өссө да өйдөөбөккө тураҕын дуу диэбиттии, ымайдылар. Мааны киһи, биир да тылы эппэккэ, көнтөрүктүк туттан, тахсан барда.
—Тахса турда! — диэтэ устуруусчут уол, көлөһүнүн соттубут былаатынан сапсыйан кээстэ, дьээбэлээхтик, моонньун күөкэс гыннаран, сабыллыбыт ааны ыйда, — куораккар төнүннэҕиҥ эбээт, уот да ылбакка эрэ, һи-һаах!
Кини эппититтэн бары күлүстүлэр. Марыыска Дьөгүөссэлиин, бэйэ- бэйэлэрин көрсөн ылаат, дьоллоохторун, сүрэхтэрэ-быардара сылаанньыйбытын билиннилэр.
1940 с.
МАКАР ИВАНОВИЧ КУЗЬМИН — МАКАР ХАРА
Поэт, тылбаасчыт Макар Иванович КузЬмин-Макар Хара Таатта улууһугар 1915 сыллаахха муус устар 26 кунугэр төрөөбүтэ.
Макар Иванович 1932 сыллаахха Республика рабочай селькордарын I конференцияларыгар бастыҥ улэлээх журналист быһыытынан кыттыбыта. Ити хайысха кинини олох аартыгар таһаарбыта.
Эдэр киһи уөрэҕи ылымтыа этэ. Ол курдук Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун, онтон кэлин Москватааҕы Коммунистическай институт журналистикаҕа салаатыгар үөрэммитэ.
1938—1939 сс. Саха сирин Суруйааччыларын союһун тэрийэр бюротун секретара этэ.
Уон сылтан ордук кэмҥэ “Кыым ” хаһыат отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Сэрии саҕаланыан аҕай иннинэ 1941 сыллаахха Бутун Союзтааҕы быыстапка улэтигэр кыттыыны ылбыта.
Макар Иванович Кузьмин-Макар Хара 1941 сыллаахха атырдьах ыйыгар армияҕа ыҥырыллыбыта. Ленинградскай, I Белорусскай, 1 Прибалтийскай фроннарга хорсуннук сэриилэспитэ. Бойобуой утуөлэрин иһин Кыһыл Сулус уордьанынан уонна мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Лейтенант званиелааҕа. 1945 сыл ахсынньыга демобилизацияланан дойдутугар кэлбитэ.
Олоҕун тиһэх сылларыгар, ол да инниттэн, “Хотугу сулус ” сурунаал сотруднигынан үлэлээбитэ, кэлин ыарытыйар да буолан баран, уоппускаҕа барбыт улэһиттэри солбуйара, сурунаал сыл устата таһаарбыт айымньыларын, ыстатыйаларын библиографиятын түмэн, оҥорон биэрэрэ. 1981 сыллаахха атырдьах ыйын 26 күнүгэр ыалдьан өлбүтэ.
Макар Иванович Кузьмин-Макар Хара бастакы хомуурунньуга 1937 сыллаахха тахсыбыта. Фронтан хоһооннорун ыытара. А. Твардовскай, В.Маяковскай, Самед Вурбун, Сергей Михалков, Мирзо Турсун-заде, Г. Тукай о.д.а. классическай айымньыларын сахалыы тылга тылбаастаабыт үҥкэн улахан утуөлээх. Кини хоһоонноругар суруллубут 30-тан тахса ырыалары Саха сирин былаһын тухары билигин да ыллыыллар. Макар Иванович Кузьмин-Макар Хара 10 кинигэнэн баай ис хоһоонноох поэтическай нэһилиэстибэтин хаалларда.
Саха Государственнай театрын директорыгар
Күндү доҕотторум, Саха театрын үлэһиттэрэ!
Фроҥнга баран иһэр драматург Суорун Омоллоон, поэт Сергей Васильев эһиги ыыппыт саха сэрииһиттэригэр бэлэххититтэн биирдэстэрин миэхэ туттардылар. Күн сирин көҥүл олоҕун, көмүс дьолун көмүскэлигэр кыырыктаах кыргыһыыга Кыһыл Армия кэккэтигэр сылдьар саха уолаттарын алгыһы, тапталы кытта ахтан-санаан ааһаргыт иһин, дириҥник долгуйан туран үөрэбин, махтанабын.
Эһигинэн тустаан бар дьоммут эрэллэрин, Ийэ дойдубут иннигэр иэспитин биһиги туйгуннук толорон кыргыһыы толоонутган кыайыыны кынаттанан тиийэрбитигэр кыратык даҕаны саарбаҕалыы барбаппыт.
Сотору Өлүөнэ эбэбит биэрэгэр, сарпа көмүс сардаҥатын күлүмүгэр үөрэ-көтө көрсүһүөхпүт диэн эрэнэбин.
Эһиги биһигини эрэниҥ, биһиги эрэнэрбит курдук истиҥник, күүстээхтик. Айар үлэҕитигэр саҥа кыайыылары ситиһэргитигэр, төрөөбүт норуоккутугар киһи сүрэҕин-быарын долгутар, Ийэ дойдуга муҥура суох таптал тыыныгар киһини иитэр, өһүөннээх өстөөхтөргө уордайбыт өстүйүүнү өрө күөртүүр саҥа кэрэ бойобуой айымньылары биэрэргитигэр баҕарабын.
Эһиги доҕоргут лейтенант М.Кузьмин-Хара.
1944 сыл, атырдьах ыйын 29 күнэ
* * *
“Кыым” хаһыат редакциятыгар хоһооннорун кытта ыыппыт суруктарыттан.
Улуу Ленин куоратыттан чугас, Сэриилэһэр Армияҕа баарбын. Манна кэлбитим хас да хонно… Биһиги чааспыт кимэн киириини салҕаан ыыта турар.
1943 сыл, муус устар 3 күнэ
* * *
Дьэ, арҕаа ырааттар ыраатан иһэбит. Сотору торҕон кыыл хороонугар тиийдэрбит диэн буолар. Бу бүтэһик сырыыбар да иэспин чиэстээхтик толорон эргиллиэм, эһигини көрсүөм диэн истиҥник эрэнэбин. Оо, хаһан эрэ көрсөбүт, бачча тулуспут киһи сэрии бүтэһик күнүн көрдөрбүн диэн эрэх-турах саныыбын.
1944 сыл, от ыйын 2 күнэ
* * *
Ыраах Саха сирэ ыыппыт уолаттарыгар, биһиэхэ, Советскай Прибалтиканы босхолооһуҥҥа быһаччы кыттар чиэс тосхойбутуттан мин үөрэбин уонна киэн туттабын.
1944 сыл, атырдьах ыйын 20 күнэ
* * *
… Куруутун суруйар түгэн суох, быыс эрэ булларбын саныыр санаабын ырыаларбар этэ сатыыбын…
ТИИЙДИЛЭР ЭН ЫРЫАҤ ТЫЛЛАРА
(Күннүк Уурастыырапка)
Анаабыт хоһоонуҥ алгыстаах тыллара
Арҕааҥҥы фроҥҥа тиийдилэр,
Хоһооннор холбоһон куйаарым тыаллара
Хоспоҕум иһигэр киирдилэр.
Аҕалла Эн ырыаҥ алаастан, алартан
Ача күөх минньигэс сыттарын,
Иһиттим, иһитгим эйэҕэс ырыаттан
Этигэн хомуһум тыастарын.
Санатта Эн ырыаҥ Сайсары хонуутун,
Сахалыы ырыабыт кэрэтин,
Кыргыһар сэриибит кыайыытын-хотуутун,
Кыраайбыт кынаттыыр үлэтин.
Истиҥник эрэнэн этэрбит туолуоҕа,
Эргиллэн кэлиэхпит кыайбыттар,
Оччоҕо көрсүөхпүт ол Кыайыы ыһыаҕар
Охсуһуу тойугун туойбуттар.
Түүннэри-күннэри дүрбүөтээн ытыһыы,
Түгэн суох элбэҕи этэргэ…
Күдэрик тумаҥҥа күүркэйдэ кыргыһыы
Көҥүллээ бу манан бүтэргэ.
1944 с.
СЭРИИЛЭҺЭР АРМИЯ
Сураҕа суох сүтүөхпүт суоҕа,
Бэл, сэрии уотугар да сылдьан өлөртөн
Биитэр ыар бааһырыы муҥун да көрөртөн
Ордук мин харааста саныырым, толлорум, —
Ол таастыы тимирэн, сураҕа суох сүтүү,
Умнубат тапталым, көһүтэр доҕорум
Утуйар да уутун уйгуурдан көтүтүү.
Сураҕа суох сүттэ диэн баҕар ким эмэ
Суруйуо, үһүйээн да хоту кэпсиэҕэ,
Истимэ ол ону, күн Эйэ, Дьол кэмэ
Эргийэн туох буолта барыта биллиэҕэ, —
Элиэнэ эбэбэр этэҥҥэ эргиллиэм,
Эбэтэр тойугум номоҕор да тиллиэм.
1943 с.
КИМ КӨРБҮТ УМНУОҔУН САТАММАТ
Умнуоҕун сатаммат
бу маны ким көрбүт —
Ол түрмэ адарай үөрбэ таас эркинин,
Үөрбэ таас үрдүнэн
өһүөннээх кыр өспүт
Өркөн уот батаһа күөрэйбит килбиэнин.
Хаппарын иһигэр,
халҕанын кэтэҕэр
Хара дьай иэрийбит энэлгэн ынчыгын,
Хатыылаах хаппаҕар,
түүнүктээх түгэҕэр
Халыйбыт субай хаан, быстыбыт үрүҥ тыын…
Оо, бүгүн, бу кыһын
буойуттар кэлэннэр
Ол түрмэ эркинин көтүрү көттүлэр,
Көтүрү көтөннөр,
тэлитэ тэбэннэр
Көҥүл, дьол сырдыгын дьоннорбут көрдүлэр.
Сотото тостубут
эдэр уол барахсан
Соһуллан таҕыста дириҥ иин иһиттэн,
Илбистээх тыллары
уол эттэ ол тахсан
Эрэммит, көһүппүт имэҥнээх сүрэхтэн:
…Тохтубут кыа хааммын,
тостубут уҥуохпун
Толору иэстэһэр күннэрим таҕыста!
Өстөөҕү эһэргэ
күүс көмө буолуохпун
Өлүөр бу илиибэр туттарыҥ кылыста!!!
Умнуоҕун сатаммат
ким көрбүт, ким билбит
Ол түрмэ эркинин үөрбэ таас тиистэрин…
Силлиэрэн кэллилэр
ситиһэр кэмнэрбит,
Сиппийэн иһэҕиҥ сидьиҥнэр биистэрин!
1944 с.
Сиһилии «Бичик» кинигэ кыһатыгар бэчээттэммит «Уот сэрии кэпсэтэр тылынан» кинигэҕэ ааҕыҥ.