Бүгүҥҥүттэн эксээмэннэр саҕаланнылар
Бүгүҥҥүттэн 2019 сыллааҕы эксээмэн саҕаланна. Ол курдук, Арассыыйа үрдүнэн, ол иһигэр Саха сиригэр эмиэ, оскуоланы урукку сылларга бүтэрбит уонна сүрүн (основной) түһүмэххэ убаастанар төрүөтүнэн кыайан туттарбат дьон географияҕа, литэрэтиирэҕэ эксээмэни туттардылар.
edersaas.ru
Саха сиригэр үс сиргэ – Дьокуускайга (икки) уонна Мииринэй куоракка (биир) болдьох иннинээҕи түһүмэх эксээмэн тутар пууннара аһыллан үлэлээн эрэллэр.
“Болдьох иннинээҕи түһүмэххэ, урукку сылларга оскуоланы бүтэрбиттэртэн 341, быйыл бүтэрээччилэртэн 19, ГИА-ны кыайан туттарбатах 57, орто анал үөрэх тэрилтэлэригэр үөрэнэр 24, доруобуйатынан хааччахтаах 2 киһи эксээмэни туттараллар. Бүгүн географияҕа 13, литэрэтиирэҕэ 66 киһи сайабылыанньатын биэрбитэ. Уопсайа, 59 уопсастыбаннай кэтээн көрөөччү үлэлиэҕэ”, — диэн СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Владимир Егоров иһитиннэрэр.
Дьокуускай куорат 3-с №-дээх оскуолатыгар тоҕус чаас чугаһыгар эксээмэн туттарааччылартан, үлэлэһээччилэртэн ураты биир да киһи суох. Тоҕус чааһы ааһыыта кыттааччылары испииһэгинэн ааттаталаан киллэртээн саҕалаатылар. Тимири көрдүүр (металлоискатель) тэрил нөҥүө ааһаллар. Мин көрдөхпүнэ, пааспар, гелевай уруучука, бытыылкалаах уу уонна курдары көстөр салаппаан бакыакка сакалаат тутуурдаахтар.
Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство кыһатын режиссер салаатын 4-с кууруһун устудьуона Сарыал Охлопков оскуоланы 2016 сыллаахха бүтэрбит: “Арассыыйаҕа Тыйаатыр сыла биллэриллибитинэн, Москватааҕы М.С.Щепкин аатынан училищеҕа (институт) актер салаатыгар саха бөлөҕүн туталлар. Онно холонон көрөөрү бу кэлэн турабын, литэрэтиирэ хайаан даҕаны ирдэнэр. Кыаҕым төһө баарынан бэлэмнэнэ сатаатым”, — диэн санаатын үллэстэр.
Людмила ПОПОВА, “Cаха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Ольга СТАРОСТИНА (СИА) хаартыскаҕа түһэриилэрэ.