«АЛРОСА» Абыйга саҥа оскуоланы тутарга көмөлөстө
Абый нэһилиэгэр А.Е.Слепцов аатынан орто сүһүөх оскуола үөрүүлээх аһыллыыта буолан ааста. Оскуоланы Үүнэр көлүөнэ пуондатыгар «АЛРОСА” хампаанньа укпут үбүгэр тутан таһаардылар. Тутууга 341 мөлүйүөн солкуобай туттулунна.
edersaas.ru
Икки этээстээх таас оскуолаҕа 90 оҕо үөрэниэҕэ. Манна спортивнай уонна актовай саала, остолобуой баар. Омук тылын үөрэтэргэ лингафоннай тэрил, кылаастарга саҥа миэбэл туруорулунна. Физика уонна химия уруоктарыгар лабораторнай үлэ ыытарга паартаҕа анал кырааннар оҥоһулуннулар.
«Саҥа оскуола аһыллара Абый курдук уһук хоту кытыы нэһилиэккэ улахан бырааһынньык. Хампаанньа социальнай бырайыактарга өрүү кыттан, тыа сирин оҕолоро үөрэхтээх дьон буола үүнэн-сайдан тахсалларыгар усулуобуйа тэрийэргэ, инфраструктураны сайыннарарга дьулуһар», — диэн бэлиэтээтэ «АЛРОСА» хампаанньа генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Алексей Дьячковскай.
Алмаастаах хампаанньа Үүнэр көлүөнэ пуондатыгар угар харчытынан бу курдук социальнай эбийиэктэр сыл ахсын тутуллаллар.
Марианна ТЫРТЫКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru