Бэрэсидьиэн Владимир Путин Анал туһаайыытыгар Арассыыйа уопсай үөрэхтээһин хаачыстыбатынан 2024 сылга диэри 10 бастыҥ дойду ахсааныгар киириэхтээх диэн соругу туруорбута. Ити туоларын ситиһэр инниттэн, тилэх баттаһа, Саха сирэ 15 эрэгийиэн ахсааныгар киириэхтээх диэн Ил Дархан Айсен Николаев эппитэ. Маныаха биир төһүү күүһүнэн, федеральнай бырайыактар буолаллар.
edersaas.ru
Уруккуну сөргүтүү?
Былырыыҥҥыттан “национальнай бырайыак” диэн тыл үгүстүк ахтыллар буолла. Уопсайа, 12 федеральнай национальнай бырайыак баар. Итинтэн биир сүрүннэринэн “Үөрэх” барылын ааттыыллар. Инники күөҥҥэ уопсай үөрэхтээһин хаачыстыбатын тутар эбит буоллахтарына, иккиһинэн, дойду норуоттарын, култуураларын үгэстэригэр тирэҕирбит өй-санаа, майгы-сигили өттүнэн иитиилээх, сайдыылаах уонна эппиэтинэстээх дьону иитэн таһаарыы буолар.
Олохпут уларыйан, күн тура-тура бырайыагынан эрэ олоробут диэн элбэх киһи бэлиэтиир. Ол эрээри, нууччалыы, “новое – это хорошо забытое старое” дииллэринии, урукку даҕаны сылларга бырайыактар бааллара эрээри, былаан эҥин диэн ааттаналлара. Тус бэйэм көрдөхпүнэ, тустаах бырайыактар уратылара диэн – абына-табына ыспакка, барытын биир сүрүннээн олоххо киллэрии. Дьэ, бу бырайыактар нэһилиэнньэҕэ туох туһаны аҕалыахтарын көрүөҕүҥ.
“Үөрэх цифровой эйгэтэ”
Аҕыйах хонуктааҕыта “Национальнай бырайыактар олоххо киирэллэригэр дьахталлар хамсааһыннарын сабыдыала” диэн бастакы форум ыытыллыбыта. Манна “Үөрэх” национальнай бырайыак Саха сиригэр бырайыактыыр офиһын салайааччытын солбуйааччы Юрий Семенов: “Өскөтүн Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин кэнниттэн соххор үөрэҕэ суоҕу суох оҥоруу эбит буоллаҕына, билигин аныгы технология бары кыаҕын туһанан үөрэтии соруга турар”, — диэн бэрт судургутук быһаарбыта. Ол инниттэн тыа сирин үөрэхтэрин кыһаларыгар 50 Мб/с кырата суох, куораттарга 100 Мб/с итэҕэһэ суох түргэн интэриниэтинэн хааччыйыахтаахтар. Аныгы технология киирдэ да, аан дойдуну өҥөйө олорон тэҥҥэ хардыылыахтаахпыт. Аҥаардас бу сыалга анаан дойду хааһынатыттан 33 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөхтээх диэн этэллэр. Маныаха оҕо, ыччат технологияны сөпкө туһанан үүнэр-сайдар кыаҕын олохтуохтаахтар.
“Аныгы оскуола”
Кистэл буолбатах, XXI-с үйэ дэһэбит эрээри, сорох оскуолалар баай-дуол өттүнэн хааччыллыылара быстар мөлтөх. Оскуоланы тутууга Саха сирэ Арассыыйаҕа бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьар. Сыллата уонтан итэҕэһэ суох оскуоланы туталлар. Билигин ылбыт тэтими ыһыктыбакка тутуу ыытар соруктаахтар. Биллэн турар, инники күөҥҥэ оскуола үөрэнээччитин көҕүлүүр, сатабылын, дьоҕурун үрдэтэр инниттэн үөрэтии, иитии саҥа ньымаларын тобулаллар. Ону тэҥэ, тыа сирин оскуолаларыгар уонна кыра куораттарга цифровой, естественнэй-научнай, техническэй уонна гуманитарнай хайысхалар сүрүн, эбии үөрэхтээһин бырагыраамаларын олоххо киллэрэргэ материальнай-техническэй базаны хаҥатыахтара. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тыа сирин уонна бөһүөлэк 247 оскуолатын хабыахтара.
Манна даҕатан, холобур быһыытынан эттэххэ, оскуола бүгүҥҥү үөрэнээччитэ Чүөчээскини дьоруой оҥостубат, “Төлкөнү” ааҕар кэмигэр Маайа уобараһынан олорбот. Киниэхэ аныгы кэм дьоруойдара наадалар.
“Кэлэр кэм учуутала”
Үөрэх хаачыстыбатын сүрүн үрдэтэр күүһүнэн – учуутал буолар. Ол иһин, 2021 сылга Профессиональнай маастарыстыбаны үрдэтэр киин тэриллэрэ былааннанар. Эдэр педагогтар аччаабыта 70 бырыһыаннара идэтин таһымын үрдэтиэхтээх итиэннэ маҥнайгы үс сыл арыалланыахтаах диэн миниистир үөрэх үлэһиттэрин Тохсунньутааҕы мунньаҕар этэн турар. Алта сыл иһигэр, ол эбэтэр бырайыак олоххо киирэр болдьоҕун устата, учуутал 50 бырыһыанын хабар санаалаахтар. Маныаха үчүгэйэ диэн, учуутал Анаабырга дуу, Дьокуускай куоракка дуу олороруттан тутулуга суох идэтин таһымын хаһан баҕарар үрдэтэр кыаҕын олохтуурга дьулуһаллар. Манна ханыылыы тутан эттэххэ, “Хас биирдии киһиэхэ саҥа кыаҕы” (“Новые возможности для каждого”) бырайыакка олоҕуран, эмиэ дьон ханна олороруттан, идэтиттэн, сааһыттан тутулуга суох сайдар кыаҕын олохтуур соруктаахтар.
“Эдэр профессионаллар”
Тустаах бырайыак сүрүннээн орто анал үөрэҕи кытта ситимнээх. Соруга биир – бүгүҥҥү күҥҥэ ирдэнэр хара үлэһит идэлэри үксэтии. Баайы-дуолу хаҥатыыттан саҕалаан, демо-эксээмэҥҥэ тиийэ былааннанар. Былырыын Саха Өрөспүүбүлүкэтин орто анал үөрэҕин саҥардыыга аан маҥнай 345 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ. Аны Арассыыйатааҕы Ворлдскиллс сойууһун уопутугар олоҕуран 200 производственнай маастар таһымын үрдэтиммитэ. Итинтэн 50 преподаватель (производственнай үөрэтии маастара) Ворлдскиллс эспиэрдэрин быһыытынан сэртипикээттээхтэр.
“Оҕолоох ыалы өйөөһүн”
Өссө биир кэрэхсэбиллээх бырайыагынан “Оҕолоох ыалы өйөөһүн” буолар. Маныаха төрөппүттэри (сокуоннай бэрэстэбиитэллэри), оҕолору итиэннэ төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕолору иитэ ылыан баҕалаах ыалы психологическай-педагогическай, методическай уонна сүбэлиир-амалыыр көмө өҥөлөрүнэн хааччыйар соруктаахтар. Өрөспүүбүлүкэ төрөппүттэригэр 8400 кэриҥэ сүбэлиир-амалыыр көмөнү оҥоруохтара.
“Хас биирдии оҕо ситиһиитэ”
Кистээбэккэ эттэххэ, киин куораттар уонна эрэгийиэннэр, эрэгийиэн кииннэрэ уонна тыа сирэ, гимназиялар (лиссиэйдэр) уонна көннөрү оскуолалар олус уратылаһаллар. Дьиҥэр, аҥаардастыы аҕыйах талааннаах эрэ оҕону сайыннаран киэн туттуу, атыттары умнууга хаалларыы хайдах даҕаны табыллыбат. “Каждый ребенок талантлив” диэн мээнэҕэ этиллибэт. Инньэ гынан, 2024 сылга 5-18 диэри саастаах оҕо ахсааныттан 80 бырыһыанын эбии үөрэхтээһининэн хабан, бары өттүнэн сайдыылаах уонна социальнай өттүнэн эппиэтинэстээх ыччаты иитэн таһаарары хааччыйар толкуйдаахтар. Маныаха аныгы технологиялары туһаныахтара. Ыраата барбакка судургутук холобурдаатахха, үөрэнээччилэр билэ тигэллэригэр илиинэн сордоммокко станогунан оҥорор, оттон оҕуруоларын аныгы технология көмөтүнэн сапка тиһэр курдук ньымалары туһаныахтара. Бары улуустарга кэриэтэ оҕо Технопааркалара тэриллиэхтэрэ диэн ыйаллар. Эти-хааны эрчийиини, спордунан дьарыктаныыны даҕаны тумнубаттар. Ол курдук, 3000 кэриҥэ оҕону хабар санаалаахтар.
Оттон талааннаах оҕолору кытта үлэлэһии быдан саҥа таһымҥа тахсыахтаах. Инньэ гынан, эбии үөрэхтээһин саҥа ситимин таһымын олохтуохтара.
Түмүк
Национальнай бырайыак ханна даҕаны олоххо киирбитин иһин, сыала-соруга биир – Арассыыйа олохтоохторун олоҕун уйгутун тупсарыы. Модун хамсааһын маҥнайгы түмүгэ эһиил номнуо биллиэ диэн кэтэһэллэр. Оттон 2024 сылга диэри силигин толору ситиэҕэ итиэннэ оҕотуттан оҕонньоругар тиийэ хас биирдии Саха сирин олохтооҕун таарыйыа диэн этэллэр.
“Үөрэх” бырайыак:
01.01.2019-31.12.2024 бырайыак болдьоҕо
711 млрд. солк. үп көрүллэр
392,2 млрд. солк. дойду субъектарын сайыннарыыга
19 млрд. солк. ордук суумалаах бырайыак
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru