Кулун тутар 20 күнүгэр, “Емеян” киинэ тыйаатырын таһыгар “Эр киһи” диэн ааттаах пааматынньык баар буолла.
edersaas
Санатан эттэххэ, ДСК оройуонугар тутуллубут “Емеян” тыйаатыр кулун тутар 7 күнүттэн көрөөччүлэригэр аанын арыйбыта.
Онтон ити күнтэн сүҥкэн көстүүлээх, патриотическай тыыны биэрэр композиция тыйаатыр тас бараанын ситэрэн-хоторон биэрэр буолла.
Түөрт туонна ыйааһыннаах, иһэ бетонынан оҥоһуллубут, таһа боруонсаттан кутуллубут пааматынньык ааптара – бу “Емеян” тыйаатыр дириэктэрэ Ян Емельянов, скульптор —— 40-тан тахса биллэр-көстөр үлэлээх Николай Чоччасов.
Пааматынньыгы арыйар үөрүүлээх түгэҥҥэ СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын дьокутаата Павел Ксенофонтов, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын солбуйааччы Леонид Спиридонов, куорат Автодорожнай уокуругун салайааччытын солбуйааччы, пааматынньыгы оҥорууга үлэлээбит биригээдэ маастардара уо.д.а. кытыннылар.
Ян Емельянов: “Биһиги бу композиябытын Эр киһи диэн ааттаатыбыт. “Киһи биир күн ат уорҕатыгар, биир күн ат өрөҕөтүгэр” диэн сахаҕа олус мындыр этии баар. Ол курдук, бу спортивнай быһыылаах-таһаалаах эр киһинэн сүрүннээн эдэр ыччаты куһаҕан дьаллыкка сыстыбакка, чөл олоҕу тутуһарга ыҥырабыт. Маннык быһыылаах-таһаалаах, күүстээх санаалаах эр киһи куруук бэйэтин, дьиэ кэргэнин, норуотун көмүскүүр кыахтааҕын көрдөрөбүт. Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕын тутан турара төрөөбүт дойдутугар тапталын, бэриниилээҕин көрдөрөр. Маннык хаачыстыба хас биирдии саха эр киһитигэр баар буолуохтаах дии саныыбын”, — диэн маастардар үлэлэриттэн олус астыммытын биллэрдэ.
Николай Чоччасовка уонна кинини кытары бииргэ үлэлээбит Николай Михайловка, Алексей Андреевка, Егор Петровка Махтал суруктары туттарда.
Павел Ксенофонтов эҕэрдэ тылыгар саха норуота сайдыылааҕын, күүстээҕин көрдөрөр пааматынньык үйэлэртэн үйэлэргэ туруоҕун бэлиэтээтэ.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru