Саха сылгытын Дьааҥы дьөһөгөйө быыһаабыта

ССРС Норуодунай хамыһаардарын сэбиэтин уонна БСК(б) Киин кэмитиэтин “Холкуостарга, сопхуостарга сылгы иитиитин тупсарар итиэннэ ахсаанын элбэтэр дьаһаллар тустарынан” диэн 1943 с. ыам ыйын 12 күнүгэр таһаарбыт уураахтарыгар, дойдуга аҕыс сылгы племенной рассаднигын, онтон биирин Саха сиригэр тэрийэргэ этиллибитэ.

edersaas.ru


Бу уураахха олоҕуран, өрөспүүбүлүкэ салалтата племрассаднига ыраас хааннаах саха сылгыта баар сиригэр, Дьааҥыга, тэрийэр туһунан дьаһалы таһаарбыта.

Дьааҥы сылгытын чинчийии

Аан бастаан Дьааҥы сылгытын Михаил Рогалевич салайааччылаах ССРС Наукаларын Академиятын эспэдииссийэтэ 1938 с. чинчийэн, 1941 с. “Коневодство в Якутской АССР” кинигэни таһаарбыта. 1942 с. учуонай М.Ф.Габышев салалтатынан Дьааҥыга ыытыллыбыт бонитировкаҕа 1219 сылгы хабыллыбытыттан 272 сылгы, ол иһигэр 232 биэ, 40 атыыр племенной кинигэҕэ суруллубута, онуоха 49 биэ, аҕыс атыыр бастакы кылаастаахтара ыйыллыбыта. Ол сылгылар Арден боруода бастакы кылаастаах сылгыларыттан бэрт кыранан хаалаллара бэлиэтэммитэ.
1944 с. сэтинньигэ тэриллибит улуустааҕы быыстапкаҕа холкуостартан хомуллубут 32 сылгы кыаҕа тургутуллубута. Сэттэ-аҕыс сантиметр халыҥ хаардаах сыһыыга биир биэрэстэ сиргэ сүүрүүгэ “Саҥа суол” холкуос (Табалаах) биэтэ Ходьунаан 1 мүн. 38 сөк., “Ленин суола” холкуос (Элгэс) биэтэ Дьогдук 1 мүн. 48 сөк., “Социалистическай хардыы” холкуос (Остуолба) биэтэ Суордай 1 мүн. 52 сөк. кэлбиттэрэ. Сайын ыһыахха тэриллибит сүүрүүгэ итиччэ дистанцияны НКВД биэтэ Васька 1 мүн. 18 сөк., “Үүнүү” холкуос биэтэ Хобордоойу 1 мүн. 25 сөк. кэлбиттэрэ. Ыараханы тардыыга Суордай (Остуолба) 3 тыһ. 170 кг таһаҕастаах сыарҕаны, Крылатка (потребуопсастыба) 2 тыһ. 825 кг таһаҕастаах сыарҕаны 15 миэтэрэ ыраахха тиэрдибиттэрэ.

Улахан сыыстарыы…

Үөһэ этиллибит ыйаахха олоҕуран, Дьааҥы племрассаднигын Арассыыйа үтүөлээх зоотехнига В.Ф.Качмарчик, иниспиэктэр И.А.Горохов, кылаабынай зоотехник Скринкин тэрийбиттэрэ, 3476 сылгыны хабан, аҕыс племенной-табаарынай пиэрмэнэн үлэлээбиттэрэ. Сылгыны балачча сүүмэрдээн иһэннэр, Дьааҥы олус ырааҕын, айана табыгаһа суоҕун итиэннэ миэстэҕэ анал үөрэхтээх дьон тиийбэттэрин иһин, кэлин киини Нам улууһугар көһөрөн кэбиспиттэрэ.
1950-с с. соҕурууттан сылгылары аҕалыы саҕаланан, киин уонна Бүлүү эҥээр улуустар сылгылара сиэнчэр хааннаммыттара. Ол түмүгэр, уҥуохтарынан улаатан, эттэрин хаачыстыбата, ыйааһыннара уларыйан, түүлэрэ чарааһаан тымныыны тулуйбат буолан испиттэрэ, хаһан аһыыр дьоҕурдара мөлтөөбүтэ. Дьүһүннэрэ кытары уларыйан, кугас, араҕас, элэмэс, эриэн чуоҕур буолан барбыттара. Аммаҕа, Намҥа, Хаҥаласка, Ньурбаҕа сорох үөрдэргэ сахаларын хаанын 30 % эрэ илдьэ сылдьар сылгылар баар буолбуттара.

Алҕаһы көннөрүү үлэтэ

Дьэ ол иһин, 1970 с. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин уонна “Племхолбоһук” исписэлиистэрэ саха сылгытын тупсарар сыалтан Дьааҥыттан ыраас хааннаах саха сылгыларын өрөспүүбүлүкэ хаһаайыстыбаларыгар тарҕатарга туруммуттара. Ол иннигэр Дьааҥы сылгытын хас эмэ сыл үөрэтэн-чинчийэн, сүүмэрдээн баран, Саха АССР үтүөлээх зоотехнига Гавриил Алексеевич Аммосов салалтатынан Дьааҥыга биэс племенной пиэрмэ тэриллибитэ. Ол племпиэрмэлэргэ учуонай Николай Дмитриевич Алексеев, “Племхолбоһук” исписэлииһэ Руслан Михайлович Шахурдин итиэннэ тустаах хаһаайыстыбалар биригэдьиирдэрэ, сылгыһыттара күүскэ турунан үлэлээбиттэрэ. Үтүө суобастаах үлэ сиэрдээхтик сыаналаммытта, племпиэрмэлэр сала­йааччылара уонна биригэдьиирдэрэ Алексей Дмитриевич Горохов, Николай Иванович Старостин, Петр Алексевич Рожин, Степан Васильевич Потапов, Василий Николаевич Потапов “Тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ” аатынан бэлиэтэммиттэрэ, үгүстэр уордьанынан, мэтээллэринэн наҕараадаламмыттара.
Бу племенной пиэрмэлэргэ 2 тыһ. 85 сылгы, ол иһигэр 1 тыһ. 53 биэ, түмүллүбүтэ. Сылгыны киин уонна Бүлүү эҥээр улуустар хаһаайыстыбаларыгар тарҕатыы 1970 сылтан саҕаламмыта. Барыта 2 тыһ. 560 ыраас хааннаах сылгы, ити иһигэр, бастакы уонна элита кылаастаах 1 тыһ. 198 атыыр атыыламмыта. Сылгы сүрүннээн көтөр аалынан илдьиллэрэ. Холобур, ньурбалар 1988 с. бөртөлүөтүнэн 50 убаһаны ылбыттарын өйдүүбүн. Оччолорго биһиги, эдэр үлэһиттэр, бэркэ харыһыйа-харыһыйа, бастыҥ төрүөхтээх сылгыларбытын биэрэн ыытарбыт. Онон саха сылгыта сиэнчэрдээһинтэн эстиитин, боруода быһыытынан быстыытын Дьааҥы сылгыта быыһаабыта!

Сыанабыл ханна даҕаны үрдүк!

Дьааҥы сылгыта ханна тиийбит сиригэр сирдэрбэтэҕэ, үчүгэйдик олохсуйан ууһаабыта. Арассыыйа үтүөлээх зоотехнига И.Н.Соловьев (Мэҥэ Хаҥалас) бэйэтин кинигэтигэр Дьааҥы сылгытын бастыҥ хаан тупсарааччы диэн суруйбута, аатырбыт сылгыһыттар А.И.Артамонов (Уус Алдан), Н.Т.Винокуров (Өймөкөөн) уо.д.а. эмиэ бэрт үрдүктүк сыаналаабыттара. Дьокуускайга ыытыллар быыстапкаларга мэлдьи кыттар бөдөҥ хаһаайыстыбалар: “Биһиги сылгыбыт төрдө Дьааҥы сылгыта”, — диэн махтана билинэллэр.
Сопхуостар эстиэхтэриттэн племенной хаһаайыстыбаларбыт айгыраан, сылгыбыт ахсаана биллэрдик аҕыйаата. Билигин улуус үрдүнэн 7 тыһ. сылгы баар, ол иһигэр биэтэ 3 тыһ. 900. Биһиги сылгыбыт барахсан уһун сыллар усталарыгар элбэхтик эриллибит-мускуллубут сүөһү буолар. Сэрии сылларыгар Дьааҥыттан 5,5 тыһ. сылгы үлэ фронугар илдьиллибитэ, сопхуостар эстиэхтэригэр диэри Саха сирин улуустарын сылгытын хаанын тупсарыыга 2,5 тыһ. сылгы барбыта. 2004, 2008 сс. буолбут улахан угуттаах сылларга 1,2 тыһ. сылгы ууга былдьаммыта, ону “Сахаплемхолбоһук” көмөлөһөн, сыллата 200 убаһаны сыана аҥаарыгар ииттэрэн, чөлүгэр түһэрбиппит.

Түмүк оннугар

Дьааҥы сылгытын бары үтүөлэрин бэлиэтээн туран, аныгы кэпэрээссийэ сокуонугар кытыннаран, билигин баар племенной хаһаайыстыбалары бөҕөргөтөргө, кыаллар буоллаҕына, хаһыанай тэрилтэ оҥорорго этэбин. Дьиҥинэн, биһиги сылгыбыт барыта племенной таһымҥа эппиэттиир хаачыстыбалаах. Атыыга барар сылгыларга датаассыйа көрөн, сылгыны күүскэ ииттэриэххэ. Оччотугар эрэ аатырбыт Дьааҥы сылгытын ахсаана биллэрдик эбиллиэҕэ. Саха сылгытын чинчийбит учуонай М.Ф.Габышев Дьааҥы сиригэр-уотугар 16 тыһыынча сылгы иитиллэр кыахтаах диэбитин умнумуохха.

Дьааҥыттан Илья КОЛЕСОВ,

Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru саайтка анаан

0
0