Быйылгы сылга үктэнэн баран, тэрийэр талааннаах, бэйиэт Александр Дунаев салайааччылаах улуустааҕы «Отуу уота» литературнай түмсүү чилиэннэрэ айар-тутар үлэлэрэ тэтимирдэ, сырыылара лаппа кэҥээтэ, айар үлэлэринэн дьону-сэргэни биллэрдик сэргэхситтилэр. Улуус иһинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ бары кэриэтэ үөрэ-көтө кыттабыт, биир кэмҥэ түбэстэхтэринэ, хайдах табылларынан хайдыһабыт. Бу – түмсүү былааннаах, тэрээһиннээх үлэтин түмүгэ.
edersaas.ru
Тохсунньуттан саҕалаан, Мэҥэ Хаҥаласка, Горнайга, Дьокуускайга, Хаҥаласка, Кэбээйигэ тиийэ сырыттыбыт, араас таһымнаах кэмпэриэнсийэлэргэ, куонкурустарга көхтөөхтүк кытынныбыт, кэккэ ситиһиилэннибит. СӨ Суруйааччыларын сойууһугар мэктиэлэммит дьоммут – Алексей Татаринов—Удьурҕай 3 кинигэлэннэ, кини хоһоонноругар 47 ырыа айылынна, Марта Мохначевская—Маарта-Мария 3 сыл иһигэр 11 кинигэлэннэ (онтон түөрдэ тылбаас), уонча хоһооно ырыа буолан ылланна. Кини Дьокуускайдааҕы «Офсет» хампаанньа тэрийэн ыыппыт күрэҕэр өрөспүүбүлүкэҕэ «Саамай таһаарыылаахтык үлэлиир ааптар» диэн анал аакка тиксиэн тиксэн, 30 тыһыынчалаах сэртипикээти ылла. Кинини сэргэ ытык кырдьаҕаспыт Василий Ушницкай—Сэки «Бастыҥ оҕо суруйааччыта» буолла, эмиэ 30 тыһыынчалаах сэртипикээтинэн наҕараадаланна. Сэки «Күрүлгэн» тэрийбит күрэҕэр эмиэ ситиһиилээхтик кыттан турар. Ырыа куттаах Влад Ядреев—Бэйэ Киһитэ 70 ырыата диискэҕэ таҕыста, соторутааҕыта көрбөттөр өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэригэр кыттан, 3 миэстэни ылла. Кини биһиэхэ киирэн, түмсүүбүт үлэтин биллэрдик сэргэхситтэ, элбэх хоһооннорбутун ырыа гынан көтүттэ. Иван Бубякин-Чөҥөчөк «буриме» диэн биһиэхэ сонун көрүҥүнэн айар-тутар, ону таһынан олоҥхоҕо ылыста. I Хомустаахха олорор СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Антон Софронов—Онтуон 4 кинигэлэннэ. Бу күннэргэ Никольскай биир сэргэх олохтооҕо Зинаида Нератова-Тупсууна 2 кинигэтэ сүрэхтэннэ, Таастаахха олорор Надежда Азарова-Алаас Хотуна бастакы кинигэтин бэчээттэттэ.
Саха Аар Кыыһа Сандаарыйа Оротоо диэн сахалыы ааттаммыт Далбар Хотуммут айар киэһэтэ соторутааҕыта төрөөбүт-үөскээбит Хамаҕаттатыгар үрдүк таһымнаахтык ааста. Сибэкки ыһыаҕа, иэйиилээх ырыа дьүрүскэнэ, айар үлэ алыптаах эйгэтэ – барыта баара!
Кобяков уонна Дунаев “Собо” ырыалара хаста да толорулунна
Мин мантан салгыы кулун тутар 13-15 күннэригэр Кэбээйигэ баран кэлбит сырыыбытын сырдатыахпын баҕарабын.
«Отуу уотун» 7 чилиэнэ Илья Винокуров—Чаҕылҕан аатынан улуустааҕы Литературнай түмэл сэбиэдиссэйэ Т.П.Никоновтыын баара-суоҕа 28 сааһыгар суох буолбут эрээри, саха литературатыгар биллэр суолу-ииһи хаалларбыт, киһи өйүгэр-санаатыгар хатанан хаалар ураты тыыннаах айымньыларынан аатын-суолун үйэтиппит саха биир чаҕылхай фронтовик-суруйааччыта, Кэбээйи уола Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтиир тэрээһиннэри үөрүүлээхтик арыйыыга ыҥырыылаах ыалдьыт быһыытынан баран кэллибит.
Биллэрин курдук, Кэбээйи урут Нам оройуонугар киирсэрэ, 1937 эрэ сыллаахтан туһунан оройуон буолбута. Ол иһин, кэбээйилэр Намтан элбэх киһини күүппүттэрэ табыллыбата – тырааныспар кыаллыбакка, улуус дьаһалтатыттан да, үөрэх уонна култуура салааларыттан да ким да барсыбата. Биһиэхэ Хамаҕатта баһылыга Иван Максимов массыына биэрэн, улаханнык үөрдүбүтэ. Ол эрээри, хомойуох иһин, массыынабыт куораты ааһаат, алдьанан хаалбыта. Хата, «Офсет» хампаанньаны кытта үчүгэй сыһыаннаах буоламмыт, кинилэр массыына булан биэрэннэр, бэркэ табыллан сырыттыбыт.
Тэрээһин Кэбээйигэ — айылҕаттан айдарыылаах, ураты идэлээх Дора Кобякова—Эдьиий Дора төрөөбүт дойдутугар буолла. Кини дьиэтин уу харахпытынан көрөн, бэйэтин кытта ыкса алтыспыт курдук сананныбыт.
Биһигини култуура управлениетын салайааччыта А.А.Кычкин, үөрэх управлениетын начаалынньыга, Түбэттэн төрүттээх И.М.Неустроева, улуустааҕы «Дабаан» хаһыат эрэдээктэрэ, II Хомустаах уола Виктор Эверстов, түмэл сэбиэдиссэйэ Е.А.Павлов көрсүбүттэрэ. Күүтүллүбүтүн курдук, Кэбээйигэ сахалыы сиэр-майгы өрө тутуллар эбит: түмэл иннигэр тутуллубут Тимофей Сметанин пааматынньыгын аттыгар ыытыллыбыт миитин кэнниттэн балаҕаҥҥа арчылааһын сиэрин-туомун ыыттылар, саламааттаах алаадьынан, быырпаҕынан күндүлээтилэр. Эйэҕэс эҕэрдэни, махтал тыллары, ырыаны-тойугу иһиттибит. Манна педагогическай үлэ бэтэрээнэ А.Ф.Левина Сметанин хоһоонун олус бэркэ аахпытын бэлиэтиир тоҕоостоох. Кини 30-тан тахса сыл суруйааччы айымньыларын сырдатан кэлбит, эдэр сылдьан драмаларыгар сүрүн оруоллары толортообут. Ол иһин Тимофей Сметанин бииргэ төрөөбүт балтытыныын Екатерина Тимофеевналыын, төһө да сааһырдаллар, доруобуйалара мөлтөөтөр, сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри сирэйдиин-харахтыын сырдаан, сүргэлэрэ көтөҕүллэн сырыттылар. Ис киирбэх дьүһүннээх, сырдык мичээрдээх, наһаа сэмэй, киһини бэйэтигэр тардар ураты ньэгирдээх Екатерина Егоровна убайыттан 19 сыл балыс эбит. Билигин да хоп курдук, күлэн мичиҥнии-мичиҥнии оргууй аҕай ыйытыыларбытыгар хоруйдаата.
«Отуу уотун» биир кэмҥэ салайан үлэлэтэ сылдьыбыт Андрей Кобяковпыт тылларыгар айыллыбыт Александр Дунаев «Собо» диэн ырыата 3 сиргэ (саха балаҕаныгар, музыкальнай оскуолаҕа, кулуупка) ылланна, дьон олус биһириирин астына көрдүбүт.
Бэйиэт бастакы хаһыата биһиэхэ бэчээттэммитэ
Үбүлүөйдээх суруйааччыны кылгастык сырдатар буоллахха, кини 1919 сыллаахха сэтинньи 25 күнүгэр Маҥан Кэрэх алааска төрөөбүт. Айар үлэнэн дьарыктаныыта Намҥа саҕаламмыт буолан, кэбээйилэр уолларын ситиһиитин Намы кытта ситимнииллэрэ мээнэҕэ буолбатах. Кини «Былатыан суолунан бардарбыан!» бастакы хоһооно 1937 сыллаахха биһиги оройуоммут «Колхоз сирдьитэ» хаһыатыгар бэчээттэммит. Уопсайынан ылан көрдөххө, Тимофей Сметанин дьылҕата хаһыаты кытта ыкса ситимнээх: «Бэлэм буол!» хоһооно эмиэ 1937 сыллаахха «Бэлэм буол» өрөспүүбүлүкэтээҕи хаһыакка тахсар, кинини айар-суруйар үлэҕэ кынаттыыр, кэлин кини 1946 сыллаахха Орджоникидзевскай оройуоҥҥа «Советтар знамялара» хаүыакка үлэлии киирэр.
Тимофей Сметанин бастаан оҕолорго аналлаах уус-уран айымньылары бэрт хомоҕойдук суруйан испит, кэлин литература бары жанрыгар дэгиттэр талааннааҕа биллэн-көстөн барбыт. Дьылҕа Хаан киниэхэ айар үлэнэн дьарыктанарыгар баара-суоҕа 10 эрэ сылы биэрбит. Ол уон сылыттан кооперативнай техникумҥа үөрэммитин, дойдутугар потребсойууска буҕаалтардаабытын, уоттаах сэриигэ кыргыспытын, балыыһаҕа сытан эмтэммитин, пединститукка 2 сыл үөрэммитин көҕүрэттэххэ, Тимофей Сметанин сурук үлэтин эйгэтигэр, айар үлэнэн анаан туран дьарыктаммыт кэмэ-кэрдиитэ өссө кылгас буолан тахсар.
Дэгиттэр талааннаах Тимофей Егорович сэриигэ да бэйэтин хорсун-хоодуот байыас быһыытынан көрдөрбүтүн «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Хорсунун иһин» бойобуой мэтээллэрэ кэрэһилииллэр. Кини 1944 сыллаахха сэриигэ ыараханнык бааһыран, эмтэнэн баран, дойдутугар кэлэр. Ол кэлээт, элбэҕи билиэн-көрүөн баҕалаах эдэр киһи пединститукка үөрэнэ киирэр. Хомойуох иһин, доруобуйата мөлтөөн, 2 сыл үөрэнэн баран, салгыы үөрэнэр кыаҕа суох буолар… Кини бу кэмҥэ Яков Стручковтуун суруйбут «Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ», «Саллаат сүрэҕэ», «Куоска олоҥхото», «Көрүдьүөс күн», «Егор Чээрин», «Күөрэгэй» остуоруйа кинигэлэрин бэчээттэтэр.
Тимофей Сметанин 1945 сыллаахха суруйбут «Лоокуут уонна Ньургуһун» айымньыта бастыҥ драматическай айымньы быһыытынан ааттаммыт, бириэмийэҕэ тиксибит. Бу кэнниттэн суруйааччы «Атын киһи оҕото», «Кыһыл былааттаах кыыс» диэн пьесалары суруйбута биллэр.
Кэбээйи ыалдьытымсах ыалларыгар
Кэбээйилэр уолларын өрө туталлара, кини үрдүк аатыгар сүгүрүйэллэрэ биһигини улаханнык долгутта. Ол курдук, научнай-практическай кэмпэриэнсийэ тэриллэн, 5 сиринэн, «Учууталлар», «Үөрэнээччилэр», «Бибилэтиэкэрдэр», «Түмэл үлэһиттэрэ», «Айар түмсүүлэр» диэн арахсан, дакылааттар ааҕылыннылар. Олорго ситиһиилээхтик кытынныбыт: Сэки кэтэхтэн кыттан, Маарта-Мария тылбаастарын кэпсээн, анал ааттарга тигистилэр, Т.П.Никонов үһүс миэстэ буолла, кэтэхтэн кыттыбыт бибилэтиэкэр А.П.Петрова уонна мин бэйэбит сиэксийэлэрбитигэр бастаатыбыт.
Киэһэ кулуупка тиийбиппит, аҕыйах нэдиэлэ анараа өттүгэр бэчээттэнэн тахсыбыт Маарта-Мариябыт буруолуу сылдьар кинигэтин таһа улахан баннерга бэчээттэнэн турар эбит! Манна сыһыаран эттэххэ, ааспыт сылга кини Тимофей Сметанин айымньытын тылбааһыгар биллэриллибит өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ «Лоокуут уонна Ньургуһун» драматын тылбаастаан, бастакы миэстэни ылан турар.
Эргэ кулуубу тобус-толору мустубут дьоҥҥо суруйааччы айымньыларынан 9 нэһилиэк дьоно литературнай композициялары туруорда. Нэһилиэктэр икки ардылара тэйиччи эбит. Холобур, Мукучуттан Кэбээйигэ диэри 12 ч. айаннаан кэлиллэр. Ону аахсыбакка, бары түмсүбүттэр. Дьахталлар үрүҥ көмүстэрин сиэртибэлээн, «Т.Е.Сметанин төрөөбүтэ 100 сыла» диэн бэлиэ оҥотторбуттарын үөрүүлээх быһыыга-майгыга биһиги кыраайы үөрэтэр түмэлбитигэр бэлэхтээтилэр.
Кэбээйилэр номох буолбут биир дойдулаахтарын 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээһини киэҥ далааһыннаахтык ыытар былааннаахтар. Олортон талан эттэххэ, суруйааччы төрөөбүт күнүгэр Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпэриэнсийэ ыытыллыахтаах, 2020 сылга дойдутугар Т. Сметанин ыһыаҕа ыһыллыахтаах.
Нам уонна Кэбээйи дьоно бэйэ-бэйэлэригэр чугастара тута харахха быраҕыллар: тиийээппитин кытта кинилэр биир дойдулаахтарын И.И.Иванов, А.Г.Кобяков, Г.К.Эверстов, Е.И.Рыкунова уо.д.а. тустарынан ыйыталастылар, биһигини 2 ыалынан түһэрдилэр. Дьахталлар төрдүөн — Лидия уонна Николай Даниловтарга, атыттар Александр Григорьевич күтүөтүн дьонугар. Даниловтар кыыстара Намҥа олохсуйбут, көбөкөннөр кийииттэрэ эбит. Онон, биһигини аймахтарын курдук көрүстүлэр. Фронтовик-суруйааччыбыт соҕотох кыыстааҕа Татьяна Тимофеевна Нам улууһун Граф Биэрэгэр олохсуйбут, өр кэмҥэ техникумІа уґуйааччынан µлэлээбит…
Собонон аатырар Кэбээйигэ сылдьыбыппыт бэлиэтэ – Екатерина Николаевна уонна Петр Моисеевич Кобяковтар ыһаарыламмыт собону кэһии биэрэн ыыттылар, улаханнык үөртүлэр. Түмүктээн эттэххэ, Тимофей Сметанин Дьылҕа Хаан биэрбит бэрт кылгас кэмигэр бэйэтин үтүөкэн бэйиэт, прозаик, талааннаах драматург быһыытынан көрдөрбүтэ. Кини өйө-санаата сырдык, Ийэ дойдутугар таптала муҥура суох, олоххо дьулуһуута сөҕүмэр күүстээх этэ.
Прасковья БАЙАНАЕВА,
“Саха сирэ” хаһыакка, edersaas.ru саайтка анаан.