“Үчүгэйдик даҕаны имэрийэ көрөҕүн,
Чахчы сырдык сулустуу мичилийэ кыыһаҕын.
Эйэҕэскээн мичээриҥ, эдэр-холку көрүҥүн
Күүстээх таптал иэйиитин
Туоһулуурга дылылар…” —
edersaas.ru
Саха дьонугар киэҥник биллибит, хайа да киһиэхэ сүрэҕин-быарын ортотунан киирэр “Билинии” ырыа ааптара Анна Николаевна Бурнашева быйыл кулун тутар ыйга төрөөбүтэ 75 сылын туолла, оттон кини суруйбут уостан түспэт “Билинии” ырыата айыллыбыта, ылламмыта 50 сыла буолла.
Бу бэлиэ даатаҕа анаан, биир дойдулаахтара, Мэҥэ Хаҥалас Табаҕатын олохтоохторо, “Ситим” сынньалаҥ киинигэр муус устар 6 күнүгэр “Ыллыыр ырыам, нарын иэйиим” диэн, Анна Колосова-Бурнашева бэчээттэммэтэх айымньыларын сырдатар, сырдык аатын үйэтитэр аналлаах киэҥ бырагыраамалаах тэрээһини ыытыахтара.
Оттон мусукаан, ырыаһыт, талааннаах аранжировщик, биир дойдулааҕа Иннокентий Гаврильев-Лэкиэс өссө бу ааспыт кыһын ахсынньыга “Доҕотторум” диэн айар киэһэтигэр, Анна Бурнашева “Билинии” ырыатыгар саҥа килиибин ситиһиилээхтик сүрэхтээбитэ. Онон, Анна Николаевна ырыата билигин өссө саҥалыы тыыннанан, өссө элбэхтик ылланыаҕа, кини аатын ааттата туруоҕа.
2015 сыллаахха доҕотторо, дьүөгэлэрэ, кылааһынньыктара Анна Бурнашева төрөөбүтэ 70 сылынан, кини туһунан ахтыы-кинигэ таһаарбыттара.
Дьокуускайга олорор биир дойдулаахтар “Уол Табаҕа” түмсүүлэрин салайааччыта Олег Петрович Марков көмөтүнэн мин Анна Николаевна оскуолаҕа бииргэ үөрэммит табаарыстарыттан Февронья Александровна Порядиналыын кэпсэтэ сырыттым.
“Үчүгэйдик даҕаны имэрийэ көрөҕүн…” – оччолорго бу тыллартан тоҕо эрэ олус кыбыстар, килбигийэр этибит.., — диэн ахталлар Анна Бурнашева кылааһынньыктара.
Февронья Порядина, бэтэрээн-учуутал, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Табаҕа нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо:
—Аанчыгы кытта 6-с кылаастан 10-һу бүтэриэхпитигэр диэри бииргэ үөрэммиппит. Интэринээккэ бииргэ олорбуппут. Олус сэмэй этэ. Ол гынан баран, кэргэниһэн истэҕин аайы, хайдах эрэ, арыллан испитэ. Кинигэни ааҕарын сөбүлүүрэ. Ол аахпытыттан, билбититтэн биһиэхэ үгүстүк кэпсиирэ. Индиийискэй киинэни биири да көтүппэккэ көрөрө, олус сөбүлүүрэ. Бары да сөбүлүүрбүт. Оттон кини, кута-сүрэ ордук уйан эбит буоллаҕа, индиийискэй киинэ ырыатын-тойугун ураты истиҥник ылынара, бэйэтэ эмиэ ыллыыра. Нарын-намчы куоластааҕа… Ол да иһин, “Билинии” ырыата олус нарын иэйиилээх буолан тахсыбыта. Бу ырыа хайдах айыллыбытын үгүстэр ыйытааччылар. Эдэркээн сылдьан, 1968 сыллаахха айбыт эбит. Бэйэтэ кэлин ахтыбыта баар, онно, “Мать” диэн индиийискэй киинэ кэнниттэн, түннүгүнэн сулустаах халлааны көрө турдаҕына, эмискэччи ырыа тыллара тиийэн кэлбиттэр… “Билинии” – бастакы ырыам, диирэ. “Үчүгэйдик даҕаны имэрийэ көрөҕүн…” – бу тыллартан тоҕо эрэ кыбыстар этибит… Онон, биһиги, кыргыттар, Аанчык кими эрэ дьиҥнээхтик таптаан маннык үчүгэй ырыаны суруйдаҕа, диэн сэрэйэ эрэ саныыр этибит. Кэлин эмиэ уонча ырыалаах. Ол гынан баран, нуотаҕа кэмигэр түһэриллибэккэ игин, соччо биллибэккэ хааллылар быһыылаах…
“Билиниини” Табаҕа кулуубугар аан бастаан Фекла Игнатьева диэн оскуола үөрэнээччитэ ыллаабыта дииллэр. Оттон мин тус бэйэм 1974 сыллаахха, оччолорго Чурапчыга үлэлии сылдьарым – “Чороон” ансаамбыл кэлэн, Наталья Трапезникова толорбутун истибитим. Аанчык бэйэтэ ыллаатаҕына, саалаҕа уу-чуумпу буолара, оннук нарыннык, иэйиилээхтик ыллыыра. Ол иһин, кэлин, ырыатын нарын куоластаах Мария Канаева диэн кыыс толорорун ордук сөбүлүүрэ.
Кини, оҕо сылдьан эчэйиини ылбатаҕа эбитэ буоллар, спортсменка буолуохтаах этэ. Аны олус үчүгэйдик уруһуйдуура. Биһиги оскуолаҕа сылдьан ырыанньык оҥостор сөбүлүүр дьарыктаах этибит, бэйэ-бэйэбитигэр ырыа суруйсарбыт, онуоха кини ырыа тылларыгар эбии хайаан даҕаны наһаа үчүгэйдик уруһуйдаабыт буолара. Сир астыырын, айылҕаҕа сылдьарын сөбүлүүрэ—дьэдьэнньит, отонньут этэ. Дойдутугар почтальонунан, кулуупка методиһынан, сэбиэдиссэйинэн, детсаадка иитээччинэн үлэлээбитэ. Онтон олохтоох дьаһалтаҕа техүлэһиттии сылдьан биэнсийэҕэ тахсыбыта. Анна Николаевна ийэтэ Варвара Петровна Бурнашева, дьон ахтарынан, олоҥхоһут, оһуохайдьыт эбит. Билигин, Аанчык бииргэ төрөөбүттэрин оҕолоруттан ырыаһыттар бааллар диэн истэбин. Биһиги айылҕабыт, алаастарбыт, Эбэбит кэрэтэ айар куттаах дьоммут иэйиилэрин уһугуннаран эрдэхтэрэ, дии саныыбын.
Оттон “Билинии”-ни сценаҕа аан бастакынан толорбут Фекла Ивановна Андреева-Игнатьева билигин Сунтаарга олорор эбит. Кини кэпсээнин истиэҕиҥ.
Фекла Андреева-Игнатьева, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, “Билинии”-ни сценаҕа аан бастакы толорооччу:
— Ити, бука, 1967-68-с сыллар буолуо. Мин Табаҕа оскуолатыгар 9-с кылааһы бүтэрэн баран, почтальонунан үлэлии сылдьар кэмим. 17-лээх-18-таах кыыспын. Оччолорго эдэр ыччаттар олус көхтөөхпүт – уус-уран самодеятельноска кыттабыт, араас күрэхтэһии, куонкурус үгүс. Кэнсиэр буолаары гынна да, тоҕо эрэ оскуолаҕа мустар, эрэпэтииссийэлиир этибит.
Оннук биир күн Анналыын түгэх кылааска кэпсэтэ олорбуппут. Кини миигиттэн 5-6 сыл аҕа этэ, ол гынан баран, тоҕо эрэ чуолаан миэхэ итэҕэйэн, эмискэччи: “Саҥа ырыа суруйдум…”, — диэбитигэр — “Ыллаа!” диэтэҕим. Дьэ, онтон ыллаабытыгар тута олус да сөбүлээтим! Көрдөһөн хаста даҕаны ыллаттым. Ырыатын тиэкиһин кумааҕыга суруйан, тута сылдьара. Бу мелодията үчүгэйэ, нарына! Оттон тыллара судургу эрээри олус да истиҥнэрэ! Барытын өйбөр хатаан кэбиспитим. Кыыһым, биллэн турар, бэйэтэ олус сэмэйин сиэринэн: “Кимиэхэ да этимэ” – диэбитэ. Ол эрээри, хайдах эрэ, санаабар, Анна миигин, бу ырыаны толорон дьоҥҥо иһитиннэрдин, диир курдуга… Сотору буолан баран биһиги, Табаҕа ыччата, Чурапчы, Нам улуустарынан гостуруолга туруммуппут. Намҥа тиийэн баран, тоҕо эбитэ буолла – Анна ырыатын толоруох санаам киирбитэ. Оҕолор сөбүлэспиттэрэ, “ыллаа!” диэбиттэрэ. РДК – Оройуоннааҕы култуура дьиэтэ буоллаҕа, саалата киэҥ-куоҥ. Дьэ, ыллаатым. Санаабар, олус үчүгэйдик таҕыста. Арай, бүтэн баран иһиттэхпинэ, саала иһэ уу-чуумпу курдук… Дьэ онтон, эмискэччи ытыс тыаһа тоҕо барбат дуо?! “Биис!” да “Биис!”. Ыҥыр да ыҥыр буолаллар. Мин тахса-тахса тоҥхоҥнуубун эрэ. Ырыабын хостоон ыллыыр туһунан санаа киирбэт… Онтон өссө атын ханнык эрэ дэриэбинэҕэ сырыттыбыт. Биир киһи, арааһа култуура үлэһитэ буоллаҕа, кэнсиэр кэнниттэн дьиэтигэр илдьэн чээйдэттэ. Ол олорон, оҕолор көрдөһөннөр, мин “Билиниини” эмиэ ыллаатым. Олус болҕомтолоохтук истэн, ыйыталаһан баран, култуура киһитэ биһиэхэ, эдэрдэргэ, сүбэлиирдии: “Нуотата сурулла илик ырыаны олус ыллаамаҥ, доҕоттоор, атын дьон мелодиятын уоран ылыахтарын сөп…”, — диэн сэрэттэ. Онтон Табаҕаҕа кэлэн баран биирдэ-иккитэ ыллаабытым. Маай бырааһынньыгар Анна Николаевнаны бэйэтин көрдөһөн ыллаппыппыт. Олус сэмэй, нарын куолаһынан толорбута.
Кэлин мин Дьокуускайдааҕы педучилище мусукаалынай салаатын үөрэнэн бүтэрэн баран, Сунтаар уолугар кэргэн тахсан, кэргэним дойдутугар 20 сыл оҕо саадыгар мусукаалынай салайааччынан, 20 сыл оскуолаҕа муусука учууталынан үлэлээбитим. Билигин Сунтаар 1N-х оскуолатын мусуойун үлэһитэбин. Оҕолор бары ыаллар, 9 сиэннээхпит. “Көлүкэчээн” диэн ансаамбылга ыллыыбын. Анна Николаевна Бурнашева айбыт норуот таптыыр, уоһуттан түһэрбэт “Билинии” ырыатын сценаҕа аан бастакынан толорбуппуттан үөрэбин уонна махтана саныыбын.
ххх
Үчүгэй ырыа улахан сценаттан тарҕанан, кэҥээн, тэнийэн, дьон-норуот иилэ хабан ылан, күннэтэ сөбүлээн ыллыыр ырыата буолар. Киһи ыллыыр эрэ буоллаҕына ырыа тылларын, мелодиятын умнубат. Оттон “Билинии” ылламматах уруута, үбүлүөйэ, дьиэ кэргэн бырааһынньыга диэн, арааһа, суох. Ырыа ылланарын тухары тыыннаах.
Татьяна Маркова, edersaas.ru