Былырыын өрөспүүбүлүкэҕэ 800-тэн тахса аҥаардас аҕа баар диэн аахпыттара. Мантан 200-тэн тахсата куоракка олорор. 2018 сылтан “Аҥаардас аҕалар” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи аҕалар түмсүүлэрэ баар буолбута. Сүрүннээн, манна “Подросток” тэрилтэ иһинэн учуокка турбут 70-ча аҕа киирбитэ.
Түмсүүнү тутааччы идэлээх Иннокентий Спиридонов салайар. 2017 сыллаахха Аҕалар сийиэстэрэ ыытыллыбыта. Ол кэнниттэн киниэхэ маннык түмсүүнү тэрийэр туһунан санаа киирбитэ. Кини бэйэтэ уолаттарын соҕотоҕун иитэрэ. Оҕо көрөр киһитэ суох буолан, кырачаан уолун тутууга илдьэ сылдьар түгэннэрдээҕэ. Онон аҥаардас аҕалар кыһалҕаларын, күннээҕи түбүктэрин үчүгэйдик билэрэ.
Эр дьон бу олоххо ыал буолан, оҕо-уруу төрөтөн, алаһа дьиэ тэринэн баран, аҥаардас хаалбыт төрүөттэрэ араас – ким эрэ огдообо хаалар, ким эрэ кэргэнэ арахсан барарыгар оҕолорун хааллартыыр. Олох очура-чочура суох буолбат. Ханныгын да иһин, соҕотох хаалбыт аҕалар бүдүрүйэн, иһэн-аһаан барбакка, ыһыктынан кэбиспэккэ, үлэлээн-хамсаан, оҕолорун иитэргэ, атахтарыгар туруорарга кыһаллаллара — туһугар эрдээх санааны эрэйэр быһыы.
Аҥаардас аҕалар хаһан да үҥсэргии, муҥатыйа сылдьыбат, бүтэй майгылаахтар. Кыбысталлар даҕаны. Эр киһилии үгүс саҥата суох, кыһалҕаларын бэйэлэрэ быһаара сатыыллар. Биллэн турар, аймахтара, төрөппүттэрэ баар буоллахтарына, күүс-көмө буолаллар. Ол да буоллар, олорор дьиэтэ суох, оҕо көрөр киһитэ суох, тиийиммэт-түгэммэт дьиэ кэргэттэр бааллар.
Иннокентий Николаевич маннык аҕаларга сир бэрдэрэн, дьиэ-уот тутталларын ситиһиэн баҕарар. Ол туһуттан куорат урукку дьаһалтатыгар, Ыччат, дьиэ кэргэн министиэристибэтигэр баран кэпсэтэн, сир биэриэх курдук буолбуттара. Онтон былаас уларыйан, умнуллуох курдук буолбутугар, Иннокентий Николаевич салгыы туруорсар. Мэр Сардаана Авксентьева “өйүүбүт-өйдүүбүт, көмөлөһүөхпүт” диэн эрэннэрбитэ. Эһиилгиттэн граннарга кыттар былааннаахтар.
Микроорйуон тутар баҕа санаа
— Кэнники мин кэргэннэммитим. Мэрия сир биэрбитэ, дьиэ туттан, үһүс сылбын кыстаатым. Бу түмсүүттэн тахсан хаалыахпын сөп этэ да, дьонум кыһалҕаларын өйдүүр буолан, ылсыбыппын тиһэҕэр тиэрдээри, бэрэссэдээтэлинэн хаалбытым. Баҕа санаабыт – Хатас диэки 100-чэ учаастакка биир тииптээх дьиэлэри тутан, бүтүн микро-оройуону тутан таһаарыы. Куоракка 200-чэ аҥаардас аҕа баарыттан, аҥаардара олорор дьиэҕэ-уокка наадыйаллар, — диэн кини кэпсиир.
Аҕалар түмсүүлэрэ Дьокуускай пааркатын дьаһалтатын кытары кэпсэтэн, субуотунньуктары тэрийэллэр. Ол манньатыгар оҕолоро аттракционнарга биир чаас босхо хатааһылыыллар. Уопсай үлэҕэ да оҕолорун илдьэ сылдьаллар. Пааркаҕа Аҕа скверин оҥорторуохтарын баҕараллар. Аҕалар кырдьаҕастарга, кыаммат ыалларга көмөлөһөн, субуотунньуктуур идэлээхтэр.
Быйыл олунньуга Хатаска “Мин аҕам – барыларыттан бастыҥ” диэн куонкурус-бэстибээли тэрийэн ыыппыттара. Этиллибитин курдук, аҥаардас аҕалар биллэ-көстө, күрэстэргэ кытта сатаабаттар. Ол да буоллар, түмсүү баар буолан, аан бастаан тэриллэр куонкуруска балай да кыттыбыттара, бэйэлэрин араас өттүттэн көрдөрбүттэрэ.
Маннык куонкурустар, субуотунньуктар, араас аахсыйалар аҥаардас аҕалар кыһалҕаларыгар уопсастыба болҕомтотун хатыырыгар туһуланаллар.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru