«Олоҥхо дойдутун оҕотобун» өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл
Кулун тутар 29-31 күннэригэр Өксөкүлээх Өксөкүлээх аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин СӨ норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин Киинэ, Олоҥхо тыйаатыра тэрийиилэринэн, үгэс буолбут өрөспүүбүлүкэтээҕи эдэр олоҥхону толорооччулар бэстибээллэрэ буолан ааста. Барыта 16 улуустан уонна Дьокуускай куораттан 276 оҕо кыттыыны ылла. Күрэхтэһии олоҥхону биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн толорууга сааһынан көрөн икки бөлөҕүнэн барда: оскуола иннинээҕи саастаах уонна оскуола оҕолоро.
Дьүүллүүр сүбэҕэ Г.С. Попова, М.К. Аммосов аат. ХИФУ профессора, п.н.к., А.Н. Данилова, ГЧуо.ААХНПИ научнай сотруднига, ф.н.к., Д.Г. Ефимова, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ уонна СӨ норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин Киинин исписэлиистэрэ З.Г. Сысолятина, бэстибээл салайааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Е.Н. Протодьяконова, П.А. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата, У.М. Флегонтова, СӨ үөрэҕириитин туйгуна үлэлээтилэр.
Бэстибээл түмүгүнэн оҕолор көхтөөхтүк, баҕаран туран кыттыылара, толорор эйгэлэммиттэрэ, олоҥхолуур үөрүйэхтэрэ олоҕурбута бэлиэтэннэ. Толорооччуларга уолаттар элбээбиттэрэ, үгүстэрэ бириистээх миэстэҕэ тиксибиттэрэ үөрдэр. Уһуйааччылар идэтийэн туран үөрэтэллэрэ кэрэхсэнэр. Бастыҥ салайааччыларынан А.Д. Софронов (Амма улууһа), З.П. Лугинова (Уус Алдан улууһа), М.Е. Григорьева (Бүлүү улууһа), Е.К. Маркова (Нам улууһа), В.Н. Старкова (Хатас бөһ.), Е.П. Иванова (Мэҥэ Хаҥалас) о.д.а. ааттыыбыт, олоҥхо курдук күөн туттар улуу айымньыбытын эдэр көлүөнэҕэ утумнаахтык, дьаныһан туран тиэрдэллэринэн киэн туттабыт, махтанабыт. Манан сиэттэрэн этиэхпитин баҕарабыт: кинилэргэ үлэлиир усулуобуйаны тэрийиини салайааччы болҕомтоҕо ылара наада.
Түмүккэ сүбэ быһыытынан эттэххэ, олоҥхону үгэс быыһытынан толоруу хайаан да тутуһаллара, ырыатын, сэһэнин биир тэҥник тутуу, тылын-өһүн чуолкайдык саҥарыы өрүү ирдэнэрин бэлиэтиибит. Маны таһынан бэйэлэрин түөлбэлэригэр аатыран-сураҕыран олорон ааспыт олоҥхоһуттарын бэчээккэ тахсыбыт олоҥхолоруттан толоруулара биһирэнэр эрэ.
Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор
Биирдиилээн толоруу
I таһым. Павлова Туйгууна. Чурапчы улууһа. Чурапчы сэл. «Кэскил» оҕо саада. Сал. Т.М. Павлова.
II таһым. Захаров Айтал. Нам улууһа. 1 Хомустаах нэһ. 2№-х «Улыбка» оҕо саада. Сал. А.Д. Аргунова.
III таһым. Анемподистова Анжелина. Чурапчы улууһа. Чурапчы сэл. «Улыбка» оҕо саада. Сал. О.Е. Монастырева.
Анал аат:
«Олохтоох тыллаах толорооччу» — Винокуров Ваня. Хатас бөһ. «Ситим» норуот айымньытын Дьиэтэ, «Малышок» сайдыы устуудьуйата. Сал. В.Н. Старкова.
«Кэскиллээх толорооччу» — Оконушкин Аким. Хатас бөһ. 70№-х «Кэрэчээнэ» о/с. Сал. Г.И. Николаева, А.П. Корнилова.
«Кэскиллээх толорооччу» — Винокурова Сардаана. Таатта улууһа. Чымынаайы нэһ. Сал. З.В. Былахирова.
«Көрөөччү биһирэбилэ» — Захаров Сарыал. Хаҥалас улууһа. Өктөм нэһ. «Мичээр» о/с. Сал. Ф.И. Фомина
«Көрөөччү биһирэбилэ» — Борисова Феня. Чурапчы улууһа. Хайахсыт нэһ. «Күнчээн» о/с. Сал. Т.М. Поисеева.
«Көрөөччү биһирэбилэ» — Егоров Айтал. Ньурба улууһа. Антоновка сэл. «Биһик» о/с. Сал. Н.В. Егорова.
Бөлөҕүнэн толоруу:
I таһым. Мэҥэ Хаҥалас улууһа. Майа бөһ. «Мичил» о/с., «Мичил» бөлөх. Сал. Е.П. Иванова.
II таһым. Чурапчы улууһа. Сылаҥ нэһ. «Сулусчаан» о/с., «Үнүгэсчээн» бөлөх. Сал. Л.В. Винокурова.
III таһым. Уус Алдан улууһа. Баатаҕай нэһ. Хомустаах сэл. 5 №-х «Күнчээн» о/с., «Кустукчаан» бөлөх. Сал. С.И. Готовцева.
Анал аат:
«Сэргэх толоруу» — Чурапчы улууһа. Хайахсыт нэһ. «Күнчээн» о/с., «Ньургуһун» бөлөх. Сал. Т.Я. Поисеева.
«Дьоһун этээччилэр» — Мэҥэ Хаҥалас улууһа. Тарат , «Сулусчаан» о/с. Сал. А.А. Соловьева.
«Боччум сэһэн» — Чурапчы улууһа. Алаҕар нэһ. «Алгыс» о/с., «Үнүгэсчээн» бөлөх. А.Д. Попова.
«Кэскиллээх бөлөх» — Хатас бөһ. 70№-х «Кэрэчээнэ» о/с., «Кулунчук» бөлөх. Сал. Г.И. Николаева, А.П. Корнилова.
«Олоҥхо олугунан билии» — Мэҥэ Хаҥалас улууһа. Төхтүр нэһ., «Мичил» оҕо сайдар Киинэ, «Ыллыкчаан» бөлөх. Сал. А.Н.. Верховцева.
Оскуола оҕолоро
Биирдиилээн толоруу
1-4 кылаас:
I таһым. Копырин Егор. Уус Алдан улууһа. Лөгөй орто оскуолата. Сал. З.П. Лугинова.
II таһым. Данилов Айсен. Нам улууһа. З.П. Винокуров аатынан Оҕо искусствотын оскуолата. Сал. Е.К. Маркова.
III таһым. Сивцева Рада. Нам улууһа. З.П. Винокуров аатынан Оҕо искусствотын оскуолата. Сал. Е.К. Маркова.
Анал аат:
«Кэскиллээх толорооччу» — Дмитриева Күннэй. Мэҥэ Хаҥалас. Аллараа Бэстээх. Сал. А.С. Оконешникова.
«Кэскиллээх толорооччу» — Гоголев Алмаас. Мэҥэ Хаҥалас. Аллараа Бэстээх. Сал. А.С. Гоголева, А.Н. Гоголева.
«Кэскиллээх толорооччу» — Степанов Эрхан. Дьокуускай к. Сал. А.Степанова.
«Кэскиллээх толорооччу» — Петрова Диана. Мэҥэ Хаҥалас улууһа. Тарат сүрүн уопсай үөрэхтээһин орто оскуолата. Сал. А.А. Авксентьева.
«Кэскиллээх толорооччу» — Евграфова Аина. Чурапчы улууһа. А.Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата. Сал. Д.К. Кузьмина.
«Кэскиллээх толорооччу» — Копырина Ньургуйаана. Нам улууһа. Е.П. Сивцев аатынан II Хомустаах орто оскуолата. Сал. З.Н. Пестрякова.
«Кэскиллээх толорооччу» — Максимова Ньургуйаана. Таатта улууһа. Чымынаайы орто оскуолата. Сал. Т.Ю. Прокопьева.
«Кэскиллээх толорооччу» — Ноговицына Дора. Сунтаар улууһа. Бордоҥ орто оскуолата. Сал. Е.О. Евсеева.
«Кэскиллээх толорооччу» — Тихонов Дархан. Хаҥалас улууһа. Улахан Аан. Сал. Л.В. Харитонова.
«Кэскиллээх толорооччу» — Дьяконова Аня. Амма улууһа. А.Черемных аатынан Оҕо искусствотын оскуолата. Сал. А.Д. Софронова.
5-11 кылаас:
I таһым. Колодезников Ваня. Уус Алдан улууһа. Лөгөй орто оскуолата. Сал. З.П. Лугинова.
II таһым. Попова Сайаана. Чурапчы улууһа. Эрилик Эристиин аатынан Чакыр орто оскуолата. Сал. З.Н. Алексеева.
III таһым. Петухова Диана. Уус Алдан улууһа. Лөгөй орто оскуолата. Сал. З.П. Лугинова.
Анал аат:
«Тэтимнээх толорооччу» — Макарова Аня. Чурапчы улууһа. Эрилик Эристиин аатынан Чакыр орто оскуолата. Сал. Т.И. Адамова.
«Сэһэн сүнньүн тутуһааччы» — Николаев Олег. Чурапчы улууһа. Г.П. Башарин аат. Сылаҥ орто оскуолата. Сал. Л.С. Сивцева.
«Түөлбэ үгэһин тутуһааччы» — Шамаев Алексей. Бүлүү улууһа. Тааһаҕар орто оскуолата. Сал. М.Е. Григорьева.
«Кэскиллээх толорооччу» — Егоров Василий. Ньурба улууһа. Антоновка сэл. Сал. Т.Ф. Федорова.
«Уһун тыыннаах толорооччу» — Жарина Александра. Амма улууһа. А.Черемных аат. Оҕо искусствотын оскуолата. Сал. А.Д. Софронова.
«Ыллам ырыалаах толорооччу» — Егорова Мира. Амма улууһа. А.Черемных аат. Оҕо искусствотын оскуолата. Сал. А.Д. Софронова.
«Хомоҕой тыллаах толорооччу» — Аянитов Никита. Ґөһээ Бүлүү улууһа. Ґөһээ Бүлүүтээҕи 4№-х орто оскуолата. Сал. А.М. Мойтохонова.
«Сэргэх толоруу» — Шамаева Сайыына. Бүлүү улууһа. Тааһаҕар орто оскуолата. Сал. М.Е. Григорьева.
«Дьоһун этээччи» — Захаров Илларион. Сунтаар улууһа. Кутана орто оскуолата. Сал. М.П. Афанасьева.
«Боччум сэһэн» — Барабанова Анастасия. Мира. Амма улууһа. А.Черемных аат. Оҕо искусствотын оскуолата. Сал. А.Д. Софронова.
Бөлөҕүнэн толоруу
I таһым. Уус Алдан улууһа. Лөгөй орто оскуолата, «Кулуһун» бөлөх. Сал. З.П. Лугинова.
II таһым. Нам улууһа. Нам улууһа. З.П. Винокуров аат. Оҕо искусствотын оскуолата, «Дьырылыатта» бөлөх. Сал. Е.К. Маркова.
III таһым. Мэҥэ Хаҥалас улууһа. Майа сэл., «Манчаары сиэннэрэ» бөлөх. Сал. У.Ефремова, В.Кривошапкина.
Анал аат:
«Сэргэх толоруу» — Горнай улууһа. А.Осипов аат. Бэрдьигэстээх орто оскуолата. Сал. Н.Николаева.
«Дьоһун этээччилэр» — Хатас бөһ. «Ситим» норуот айымньытын Дьиэтэ, «Ини-бии Оконушкиннар» бөлөх. Сал. В.Н. Старкова.
«Боччум сэһэн» — Чурапчы улууһа. А.Илларионов аат. Хайахсыт орто оскуолата, «Айаара» бөлөх. Сал. Д.К. Кузьмина.
«Түөлбэ үгэһин утумнааччылар» — Нам улууһа. Нам сэл. Нам начаалынай оскуолата, «Чөмчүүк» бөлөх. Сал. Е.К. Маркова.
«Ґгэһи тутуһар толорооччулар» — Уус Алдан улууһа. Тулуна орто оскуолата, «Түһүлгэ» бөлөх. Сал.Т.И. Дегтярева.
«Кэрэхсэтэр толорооччулар» — Чурапчы улууһа. Г.П. Башарин аат. Сылаҥ орто оскуолата, «Кылыһах» бөлөх. Сал. Л.С. Сивцева.
«Кэскиллээх бөлөх» — Сунтаар улууһа. Кутана орто оскуолата. Сал. В.Н. Федорова, М.П. Афанасьева.
Олоҥхону чинчийии
I таһым. Попова Сайаана. Чурапчы улууһа. Эрилик Эристиин аат. Чакыр орто оскуолата. Сал. З.Н. Алексеева.
II таһым. Макарова Аня. Чурапчы улууһа. Эрилик Эристиин аат. Чакыр орто оскуолата. Сал. Т.И. Адамова.
III таһым. Захарова Нарыйаана. Чурапчы улууһа. П.М. Васильев аат. Соловьев орто оскуолата. Сал. М.Н. Попова.
Анал аат:
«Үтүө саҕалааһын» — Копырина Ньургуйаана. Нам улууһа. Е.П. Сивцев аат. II Хомустаах орто оскуолата. Сал. З.Н. Пестрякова.
«Олоҥхону ырытыыга бастыҥ холонуу» — Тихонов Дархан. Хаҥалас улууһа. Улахан Аан нэһ. Сал. В.М. Трофимова.
Биһирэбил бириис:
Бандеров Коля. Чурапчы улууһа. А.Илларионов аат. Хайахсыт орто оскуолата. Нь.С. Бандерова.
Васильева Юлиана, Докторова Глория. Бүлүү улууһа. Кыргыдай орто оскуолата. Сал. А.Д. Алексеева.
Ефремова Милана. Бүлүү к. Г.С. Донской аат. Бүлүү орто оскуолата. Сал. Р.С. Ефремова, Р.В. Торотоева.
Ксенофонтова Туйгууна-Мария. Бүлүү улууһа. Лөкөчөөн орто оскуолата. Сал. Р.А. Гаврильева.
Матвеева Сардана. Бүлүү улууһа. Хагын орто оскуолата. Сал. Л.В. Власьева.
Никифорова Тася. Бүлүү улууһа. Илбэҥэ нэһ. М.А. Алексеев аат. Баппаҕаайы орто оскуолата. Сал. С.С. Платонова.
Николаева Аня. Чурапчы улууһа. П.Васильев аат. Соловьев орто оскуолата. Сал. М.Н. Попова.
Суханов Айаал. Бүлүү улууһа. Тааһаҕар орто оскуолата. 5 кыл. Сал. В.С. Анисимова.
Ширяева Кэскиляна. Нам улууһа. Е.Сивцев аат. II Хомустаах орто оскуолата. Сал. З.Н. Пестрякова.
Яковлев Александр. Кэбээйи улууһа. Н.Егоров аат. Мастаах орто оскуолата. Сал. А.И. Яковлева.
Е.Н. Протодьяконова, З.Г. Сысолятина, У.М. Флегонтова,
СӨ норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин Киинин исписэлиистэрэ