Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Байанай” күрэҕин бастакы түһүмэҕэ Чурапчыга буолла

Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Байанай” күрэҕин бастакы түһүмэҕэ Чурапчыга буолла

XXIII-с төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Байанай” булчут күрэҕэ быйыл Чурапчы нэһилиэгин Күрүө Тумус алааһыгар саҕаланна. Амма, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Ньурба, Чурапчы улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан уопсайа 12 хамаанда кэлэн кыттыыны ылла.


Күрэхтэһии сиэрин-туомун Чурапчы улууһун биир киэн туттар чөмпүйүөн булчута Николай Саргыдаев анаан-минээн ыытта. Үөрүүлээх чааска булчуттары улуус баһылыгын экономика уонна инвестиция боппуруостарыгар солбуйааччы Алексей Егоров, СӨ экологиятын, ойуур хаһаайыстыбатын уонна айылҕаны туһаныы министиэристибэтин булт хаһаайыстыбатыттан ураты харыстанар территориялар департаменын салайааччы Дьулустан Дьяконов эҕэрдэлээтилэр.

Булчуттар сааларын ыһыыга-хомуйууга, оллооҥҥо чэй өрөөһүнүгэр, ойбон алларыыга сатабылларын, күүстэрин-уохтарын холоннулар. Төрүт үгэс умнуллубакка көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэн салҕанан иһэригэр санааларын тиэртилэр.

Ааптар: Семен Жендринскэй.

Добавить комментарий