Быйыл Өймөкөөн оройуонугар 19-c сылын ыытыллыбыт «Тымныы полюһа» кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ улууска туризм сайдыытыгар кэккэ сонун сүүрээннэри киллэрбит бэлиэ тэрээһин быһыытынан историяҕа хаалла.
edersaas.ru
Ол курдук, сүүрбэччэ сыл устата Саха сирин брендинэн буолбут “Тымныы полюһа – Өймөкөөн” событийнай туризм хайысхатыгар тарбахха баттанар биир бастыҥ тэрээһин быйыл өрөспүүбүлүкэ салайааччыта кыттыылаах аан бастаан ыытылынна. Ил Дархан Айсен Николаев Өймөкөөн улууһун предпринимателлэрэ уонна уопсастыбаннаһа кыттылаах туризм сайдыытыгар туһуламмыт боппуруостары ырытта.
Улуус баһылыга Михаил Захаров Ил Дархан Айсен Николаевка Өймөкөөн улууһугар туризм сайдыытыгар болҕомтону уурарыгар истиҥ махталын тиэртэ уонна Кытай Хэйхэ куоратын кытта бырааттыы сыһыан бөҕөргүүрүгэр туһуламмыт бастакы хардыы оҥоһуллубутун — бэстибээлгэ анал дэлэгээсийэ кыттарын бэлиэтээтэ.
Кэлиҥҥи сылларга Кытай Народнай Өрөспүүбүлүкэтин Хэйхэ куората уонна Өймөкөөн улууһа бырааттыы сыһыаннарын бөҕөргөтүүгэ үлэ түмүктээх буолбутун быйылгы бэстибээл көрдөрбүтүн уонна култуурунай сибээһи бөҕөргөтөн баран, аны экэнэмиичэскэй суолталаах боппуруостарга үлэлэһэргэ бэлэмнэрин туһунан Кытайтан кэлбит салайааччылар санааларын тиэртилэр.
Кытай Хэйхэ куоратын народнай бырабыыталыстыбатын омуктар дьыалаларыгар канцеляриятын салайааччытын солбуйааччы Ду Янь 19 сылы быһа көрөөччү кутун туппут “Тымныы полюһун Кэрэ куота” куонкуруска кытай норуотун икки кэрэчээн кыыһа кыттыыны ылалларын иһитиннэрдэ. Онон быйылгы култуурунай тэрээһин аан бастакытын “Норуоттар икки ардыларынааҕы” статустанна.
Урукку сылларга Тымныы символын Чысхааҥҥа анаан Великай Устюгтан уонна араас дойдуттан кэлбит Тымныы оҕонньоттор туттарар эбит буоллахтарына, быйыл омук сирдэриттэн кэлбит туристар (Кытай уонна Франция бэрэстэбиитэллэрэ) уонна Өймөкөөн метеоыстаансыйатын 90 сылынан ыалдьыттыы кэлбит СӨ Гидрометеосулуууспатын, Нуучча географическай уопсастыбатын бэрэстэбиитэллэрэ туттардылар.
Предпринимательство, эргиэн уонна туризм миниистирэ Ирина Высоких бары тэрээһиннэргэ сылдьан, олохтоохтору уонна туристары кытта бэрт чугастык алтыста.
Өймөкөөн улууһугар туризм сайдыытыгар туһуламмыт мунньах кыттыылаахтара ох курдук оҥостон кэлбиттэр. Уруккулуу курдук тылынан дакылааттааһын буолбакка, мунньах кыттааччылара дакылааттарын инфографиканан оҥорон, олох сонуннук көһүннэ.
Быйыл улууска бастакы метеорологическай кэтээн көрүү олохтоммута 90 сылын туолла. Үбүлүөйдээх сылга Өймөкөөн улууһун тымныытын күн бүгүҥҥэ үөрэтэн көрө сылдьар дьон “Тымныы полюһун киһитэ. Климатическай кэтээн көрүү” төгүрүк осуолга кыттыыны ыллылар.
Кыраайы үөрэтээччи, биологическай наука кандидата Спиридон Слепцов «Аэропорт Оймякон — история и судьбы» диэн саҥа кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.
Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр «Красноярскай-Уэлькаль» салгын трассатынан байыаннай сөмөлүөттэри көтүппүт Өймөкөөн аэропордун историятын, Өймөкөөҥҥө гидрометеосулууспа сайдыытын, сэрии кэнниттэн аэропорт уонна метеосулууспа үлэһиттэрин туһунан бэрт интэриэһинэй кинигэни хайдах бэлэмнээн таһаарбытын кэпсээтэ.
Маны таһынан Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаатын бэрэстэбиитэллэрэ Сергей Обручев «В неведомых горах Оймяконья» диэн саҥардылан тахсыбыт кинигэтин сүрэхтээтилэр.
Быйыл омуктары бэйэтин дьиэтигэр 15-с сылын көрсөр предприниматель, өрөспүүбүлүкэ киин туроператордарын ийэлээтэр ийэлэрэ Тамара Васильева үбүлүйөдээх бэлиэ күнүн бэлиэтээтэ. Кини туристарга «Өймөкөөн — тымныы полюһа» буоларын билиһиннэрэн, бэрт улахан сырдатар үлэни ыытар, туризм сайдыытыгар дьоһуннаах кылаатын киллэрсэр киһи. Тамара Васильева — улуус Бочуоттаах гражданина. Бэстибээл күнүгэр мунньахха кытыыны ылаат, кини Калифорнияттан уонна Японияттан кэлбит омук туристарын көрсөөрү дьиэтигэр тиэтэйбитэ.
Быйыл Саха сирин улуустарыттан хаһааҥҥытааҕар да элбэх турист кэлбит. Кинилэр Тымныы полюһа бэстибээли тэрийэн ыытар салайааччыларга: Ил Түмэн дьокутаата Василий Местниковка уонна улуус баһылыга Михаил Захаровка кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбытыгар истиҥ махталларын тиэртилэр.
Бэстибээл иккис күнүгэр «Чуум бастыҥ хаһаайката» диэн үгэс буолбут эбээн дьахталларын куонкуруһугар дьүөгэлэрин өйөөн, чуумҥа үлэлээбит дьиэ хаһаайкалара эбээннии кыһыҥҥы национальнай таҥастарынан сылдьыбыттара — тэрээһини олус киэргэттэ.
Кыһыҥҥы туризм бэстибээлин киинэ оператордара, суруналыыстар, блогердар эргийэ сылдьан тула өттүттэн хото уһуллулар, үйэтиттилэр.
Өймөкөөн улууһун олохтоохторо бары ыалдьыттарын оһуохайга ыҥыран, Ил Дархан Айсен Николаевы кытта бииргэ үөрэн-көтөн, кыһыҥҥы туризм бэстибээлин түмүктээтилэр.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.