Якутия Сегодня

Иитээччилэр үлэҕэ үөрүйэхтэрин атастастылар

Аныгы иитээччи, кэнчээри ыччаты иитэрин быһыытынан, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан иһиэхтээх. Ол чэрчитинэн Уус Алдан улууһун “Татыйык” уһуйааныгар «Технологии и инструменты развития дошкольников» диэн ааттаах Уһун Күөллээҕи мэтэдиичэскэй холбоһук (Кэптэни, Даалы, Хомустаах, Уһун Күөл, Тулуна), ону тэҥэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Маттатааҕы «Ньургуһун» уһуйаан үлэһиттэрэ мустан кампус тэрийдилэр.

edersaas.ru


Үлэ саҕаланыыта Мүрүтээҕи “Мичил” уһуйаан психолога Анна Макарова уйулҕа дьарыгын (психологическай тренинг) ыытан, иитээччилэр бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса билсэн, үлэ таһымнаахтык барбытын бэлиэтиэххэ наада. Ол кэнниттэн, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Маттатааҕы “Ньургуһун» уһуйаан сэбиэдиссэйэ Марианна Ченянова, мэтэдиистэр, Матрена Матвеева (Кэптэни “Чэчир”), Сахаяна Иванова (Уһун Күөл “Чуораанчык”), Мария Лепчикова (Хомустаах “Хомусчаан”), Айталина Нафанаилова (Даалы оскуола-сад), Варвара Копырина (Тулуна “Татыйык”) иитээччилэрин  кытары уһуйаан хайдах үлэлии олорорун билиһиннэрэн, сыалын-соругун, инники былааннарын кэпсээтилэр, кэрэхсэтэр араас көрүҥнээх быыстапканы тэрийэн баай уопуттарын үллэһиннилэр. Иитээччилэр “Нечто иное…” — диэн сорудахтаах түһүмэххэ (марафон кейсов) “Хомусчаан” уһуйаантан Татьяна Борисова саха оонньуутугар — мохсуоҕа, “Татыйык” (Тулуна) уһуйаантан Татьяна Васильева кылтан мээчиги оҥорууга, “Чуораанчык” (Уһун Күөл) уһуйаантан Саргылана Копырина фольганы, баатаны туһанан папье-маше тиэхиньикэнэн ымыы чыычаахтары, Даалы оскуола-садтан Айталина Нафанаилова  декупаһы оҥорууга кэллиэгэлэрин  үөрэтэн,  эбии билии-көрүү ылынан, төгүрүк остуол тула олорон ирэ-хоро кэпсэттилэр.

 

edersaas.ru саайтка анаан Татьяна ВАСИЛЬЕВА.  

0
0