Мэҥэ Хаҥаласка  илин эҥэр төрөппүттэрэ оҕо иитиитин дьүүллэстилэр

Мэҥэ Хаҥаласка  илин эҥэр төрөппүттэрэ оҕо иитиитин дьүүллэстилэр

Нөөрүктээйи нэһилиэгин В.Н.Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатыгар төрөппүттэр  III  пуорумнара ыытылынна.  Оҕо иитиитигэр  дьиэ кэргэҥҥэ, салалтаҕа, үөрэх, култуура салаатыгар туһаайыллыбыт Ыҥырыы ылыннылар. 


Пуоруму Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтата, улуустааҕы ыччат, дьиэ кэргэн бэлиитикэтин управлениета, үөрэх салалтата, култуура уонна духуобунай сайдыы управлениета тэрийдилэр. Кыттааччылар «Түмсүү ‒ төлкө төрдө» диэн Мандар Уус тылларын дэбиис оҥостон,  төрөөбүт төрүт тылга, норуот үгэстэригэр, итэҕэлгэ олоҕуран билиҥҥи кэмҥэ уолу уоллуу, кыыһы кыыстыы иитиигэ сөптөөх суоллары көрдөөһүҥҥэ, хайысхалааһыҥҥа ыал үөрэҕин тула түмсэр туһунан кэпсэттилэр. Тэрээһиҥҥэ 211 төрөппүт Амма, Таатта, Чурапчы, Мэнэ Ханалас улуустарыттан кэллэ. Оҕо иитиитигэр бүгүҥҥү күҥҥэ сытыытык турар боппуруостары дьүүллэстилэр, уйулҕа үөрэхтээхтэриттэн, ыал хараанньыттарыттан, иитэр үлэҕэ улахан уопуттаах идэтийбит дьоҥҥо боппуруостары биэрэн эппиэттэри ыллылар. Пуорумҥа эдэр ыаллар, үөрэнэр оҕолордоох төрөппүттэр, норуот педагогикатын, олоҥхоҕо ыал олоҕун кэрэһиттэрэ, оскуола иннинээҕи саастаах оҕо уһуйаанын иитээччилэрэ, оскуола үлэһиттэрэ, ыалы кытта үлэни тэрийэр көдьүүстээх бырайыактар ааптардара, нэһилиэк баһылыктара кытыннылар.

Бочуоттаах ыалдьыттарынан Ыал култууратын киинин салайааччыта, дьиэ кэргэн педагога Любовь Аргунова, философскай наука дуоктара, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ бырапыассара, Ыал култууратын киинин бэпэчиитэлэ Виктор Михайлов, норуот педагогикатын ассоциациятын бырабылыанньатын чилиэнэ, Арассыыйа ийэлэрин хамсааһынын чилиэнэ Маргарита Петрова, «Эркээйи» барыл түстээччитэ Татьяна Ильина, Таатта улууһун баһылыгын солбуйааччыта Изабелла Сивцева, норуот педагогикатын ассоциациятын бырабылыанньатын чилиэнэ Иван Кондаков, уйулҕа үөрэхтээҕэ Татьяна Сабарайкина,  Бүлүүтээҕи педагогическэй колледж дириэктэрэ, Россиятааҕы национальнай төрөппүт ассоциациятын Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Семен Иванов, норуот педагогикатын ассоциациятын эппиэттээх сэкэритээрэ Айталина Иванова буоллулар. Анатолий, Светлана Бурнашевтар эр дьоҥҥо уонна дьахталларга туспа былаһааккалары тэрийэн ийэ уонна аҕа оруола оҕо иитиитигэр оруолларыгар бэйэлэрин санааларын, уопуттарын атастаспыттара дьон болҕомтотун тарта, элбэх саҥа санаалары, көрүүлэри киллэрдэ.

Пуорум түмүгүнэн төрөппүттэр киэҥ ис хоһоонноох Ыҥырыы ылыннылар. Төрөппүккэ, дьиэ-кэргэҥҥэ оҕо сахалыы саҥарар эйгэтин тэрийиини көҕүлүүргэ, оҕону төрүөҕүттэн   саха төрүт сатабылларыгар уһуйууну олохсутуу, уруурҕаһыыны-аймахтаһыыны өрө тутан, үтүө үгэс оҥосторго эттилэр. Муниципальнай тэриллиилэргэ ыал  сайдыытыгар   көдьүүстээх бырайыактарын тэрийиини, улуус уопсастыбаннай түмсүүлэрин биир ситимҥэ үлэлииллэрин көҕүлээһини, өбүгэ оонньуутун эт-хаан сайдыытыгар туһаайарга сорук туруордулар. Улуустааҕы үөрэҕирии, култуура  эйгэтигэр төрөппүт иитэр култууратын үрдэтиигэ үлэни утумнаахтык ыытыыны, уйулҕа үөрэҕин суолталааһын, төрөппүккэ көдьүүһүн өйдөтүүнү уонна ыал  үөрэҕэр аныгы технологиялары туһаныыны сүрүннүүргэ туруорустулар.

Ааптар Зоя ГЕРАСИМОВА

Добавить комментарий