ХАРАҤА ХОС: Уопсай абааһыта

Бу уонча сыллааҕыта буолбут түбэлтэ. Балтым усту­дьуоннуу сылдьан саҥа тутуллубут уопсайга олорбута. Биирдэ ыалдьыттыы кэлэ сылдьан бу дьулаан түбэлтэни кэпсээн соһуппуттаах.

Олохтообут хосторугар туох эрэ баар үһү. Хос аанын иһиттэн хатаан, күлүүстэрин тылын ааҥҥа хааллараллара эбит. Биирдэ киэһэ утуйаары сыттахтарына, ааннарын ким эрэ тардыалыыр курдук, күлүүстэригэр иилбит киэргэллэрэ илибирээн олорор үһү. Ким эрэ кэлэн дьээбэлэнэн эрэр диэхтэрин, аан аннынааҕы быыс нөҥүө антах турар киһи атаҕа күлүктэнэн көстүбэтэх. Сүүрэн тиийэн ааны арыйа баттаабыттара – ким да суох. Ол түүн куттанан утуйбатахтар.

Аны биир күн күрүлүүр күнүс дьукаах кыргыттарын кытта кэпсэтэ олорбуттар, оттон балтым оронугар сыппыт. Эмискэ кини үрдүгэр ким эрэ ыарахан баҕайытык миинэ түспүт да, хабарҕа­лаабытынан барбыт. Балтым тыына хаайтаран хардьыгынаан барбыт, ­илиитинэн мээнэ-мээнэ сапсыммытыгар кыргыттара соһуйбуттар. Эмиэ даҕаны, тугу-тугу дьээбэлэнэн бардай диэн санаабыттар. Онтон киһилэрэ нэһиилэ “һуу” диэн салгын ылан, саҥарбытыгар, дьэ, туох эрэ буолбут диэн сэрэйбиттэр. Балтым илии кэлэн хабарҕа­лаан барбытын кэпсээбитигэр кыргыттара дэлби куттаммыттар. Бу кэнниттэн хоско соҕотохтуу олох хаалбат буолбуттар. Аны түннүк тас өттүгэр ынырык хатаннык кыыс часкыйарын куруук истэллэр эбит. Мантан куттанан, кэлин хайалара да хосторугар хоммот буолбут. Бары аймахтарынан, атын хосторунан хоно сылдьыбыттар. Биирдэ кинилэр хосторун анныгар олорор оҕолор: “Түүнү быһа хоскут иһин уларыттыгыт дуо, ону-маны соһор тыаскытыттан утуйбатыбыт ээ”, — диэн соһуппуттар.

Кыргыттар ыксаан таҥара дьиэтиттэн чүмэчи аҕалан хосторун  ыраас­таабыттар. Биир муннуктан олох хап-хара буруо тахсыбыт. Бу ыраастаммыттарын эрэ кэнниттэн хосторугар туох да биллибэт, араас тыас иһиллибэт буолбут. Эһиилигэр ол хоско атын кыргыттар олорбуттар. Олортон ыйыттахтарына, “хос иһигэр кыыс хаамыталыыр, аан диэкиттэн кэлэн баран түннүгү курдат тахсан барар, өссө хараҥаҕа ким эрэ олоппос соһор” диэн кэпсииллэр үһү.

Дьэ, куттал диэтэҕиҥ, саҥа тутууларга даҕаны эҥин араас баар буолар эбит…

«Саха сирэ» хаһыакка, edersaas.ru саайтка анаан Ааныс.

0
0

Добавить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Обязательные поля помечены *