Дьааҥы Күөрэгэйэ киин куорат олохтоохторун абылаата

Муус устар биир сааскы ылааҥы киэһэтигэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Дьааҥы Күөрэгэйэ аатынан киэҥник биллэр  Раиса Чирикова айар киэһэтэ буолан ааста.

edersaas.ru

Раиса Чирикова чаҕылхай талаанын туоһута — төрөөбүт Дьааҥытын өрөгөй ырыата буолар. Кини матыыптаабыт өрөгөй ырыатыгар,  саха дьахтарын национальнай  таҥаһын тигэр Дария Козлова салайааччылаах «Кырадаһын абылаҥа» иис бөлөҕүн дьахталлара сахалыы таҥнан тахсан, театрализованнай көстүүгэ кыттыыны ыллылар. Айар куттаах Раиса Чирикова Дьахтар аналын туһунан дьүһүйүүтэ бу  дьоро киэһэ көрөөччүлэргэ туох эрэ ураты кэнсиэр буолуохтааҕын таайтарда. Бу үөрүүлээх киэһэҕэ «Уран уус» бөлөх салайааччыта Светлана Петрова кыттыыны ылбыта, биллэн турар, айар кэнсиэри олус улахан  суолталаата.

Айар куттаах култуура үлэһитин дьоро киэһэтэ Сомоҕолоһуу сылыгар ананна. Ол курдук, бу кэнсиэргэ өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан, тыйаатырдарыттан, Дьааҥы улууһуттан төрүттээх артыыстар, ырыаһыттар кыттыыны ыллылар.

Биһиги биир дойдулаахпыт Максим Эверстов куоракка олорор дьааҥыларга анаан сыл аайы биирдии айар кэнсиэри бэлэхтиирэ үгэскэ кубулуйан эрэрэ хайҕаллаах. Кини дойдуларыттан тэйбит, сылдьыбатахтара өр буолбут дьону түмэн, дойду ахтылҕанын тыынынан барыларын биир сомоҕолуур. Ол курдук, өрөөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр мелодист, ырыаһыт Николай Слепцов айар киэһэтэ эмиэ үгүс дьону түмпүтэ. Бу олус талааннаах патриот киһиэхэ барҕа махталбын тиэрдэбин, — диэн бэлиэтиир Раиса Чирикова.

«Верхоянский тост» диэн нууччалыы ырыа Дьааҥыга олорбут, үлэлээбит дьон сүрэхтэрин ортотунан киирэр. Ураты ахтылҕаны саҕар ырыаны Раиса Чирикова ыллаан бардаҕына, үгүстэргэ бу дойдуга истиҥ таптал кыыма саҕыллар. Оттон «Дьааҥым маҥан ата» ырыата Саха араадьыйатыттан түспэт хит ырыатынан буолбута ыраатта. Айар кэнсиэригэр бу ырыаны Раиса Чирикова дьүөгэтэ Горнай улууһуттан кэлэн, Нина Максимова толорбутун көрөөччү дохсун ытыс тыаһынан көрүстэ.

Оттон Уус Алданы сирэйдиир Дьааҥы кийиитэ Варя Аманатова норуоттан тахсыбыт талааны айхаллыыр киэһэ киэргэлинэн буолла.

Үгүс айар кэнсиэри көрбүт, элбэх ырыаны истибит уопуттаах көрөөччү Раиса Чирикова кэнсиэригэр сүүнэ улахан экраҥҥа Дьааҥы кэрэ айылҕата, дьоно-сэргэтэ ытыска ууран биэрэрдии көстүбүтүн олус сонургуу ылынна. Бу туһунан Раиса Дмитриевна бэйэтин санаатын үллэстэр:

Кэнсиэр бэлэмнээһинэ, режиссурата, сценарийа, кыттар дьону талыы, репертуары таҥыы — барыта бэйэм үлэм түмүгэ. Экраҥҥа хаартыскалары, видеоны  Николай Самсонов таҥан оҥордо. Ырыа, муусука режиссуратыгар  «Туймаада» ансаамбыл ырыаһыта, Арыылаахтан төрүттээх Гаврил Васильев улаханнык үлэлэстэ. Маны таһынан,киин куоракка олорор дьааңылар — «Табалаах түмсүүтэ» уопсастыбаннай тэрилтэ сүрүн тирэҕинэн буолла. Онон бу ааттаммыт дьоҥҥо барҕа махталбын тиэрдэбин.

Раиса Чирикованы өйөөн «Үүнэр көлүөнэ» тыйаатырын артыыстара кэлэн кыттыыны ыллылар. Раиса Дмитриевна култуура управлениетыгар үлэлии сылдьан гастролга тиийбит тыйаатырдар артыыстарын ытыс үрдүгэр түһэрэн көрсөрө. Онтуката  билигин бэйэтин айар кэнсиэригэр үтүөнэн эргийдэ.

Эстрада сулуһа Константин Степанов «Ийэккэм» диэн ырыатын килиибэ улахан экраҥҥа көстөн, көрөөччүнү барытын долгутта.

«Бу ырыа Раиса Чирикованы кытта туох сибээстээҕэ эбитэ буолла?» — диэн саныы олордохпутуна, хоруйа бэйэтэ сценаҕа тахсан кэллэ.

Дьоро киэһэ Далбар Хотунун кылгастык билиһиннэрэргэ холонон көрүөхпүн баҕардым. Раиса Чирикова соторутааҕыта СӨ Суруйааччыларын сойууһугар киирбитэ. Онтон ыла кинини билэбин, хоһооннорун бэркэ сэргии аахпытым. Сахалыы олус хомоҕойдук, дириҥник эҥсэн суруйарын сөхпүтүм. Аны ыллыыр, уруһуйдуур дьоҕурдааҕын суруйааччылар «Аан ситим» батсаап-бөлөхпүтүттэн билбиппит. Аны айар киэһэтигэр ыҥырыллан кэлэн, бары көрөөччүлэр курдук уу харахпынан көрөн, эт кулгаахпынан истэн астынным, сөхтүм, дуоһуйдум. Экраҥҥа Дьааҥы дьикти кэрэ айылҕата — адаар таас арҕастара, дьүкээбил суһума, Киһилээх хайатын туруук суорба очуостара,  дьоно-сэргэтэ, дьөһөгөй оҕолоро — бииртэн биир аныгы кэм көрдөрөр тэрилинэн таҥыллан доҕуһуолланара олус тупсаҕай, кэрэ буолар эбит. Мин ийэм төрөөбүт Дулҕалаах үрэҕин көстүүлэрэ долгутта. Раиса Дмитриевна ырыаларын тылларын  бэйэтэ суруйар уонна матыыбын эмиэ бэйэтэ айар эбит. Аны толоруута — эмиэ киниэнэ. Сахалыы, нууччалыы, эбээннии бииртэн биир, киһи иһиттэр истэ олоруох курдук олус үчүгэй ырыалара, кини кылыһахтаах куолаһыгар уйдаран, көрөөччүнү ыраах Дьааҥы очуостарын үрдүнэн көтүтэргэ дылы… — диэн норуот сөбүлээн ыллыыр «Ийэкээм» ырыа тылын уонна видеокилиибин ааптара Василий Гоголев-Уйулҕан  Дьааҥы Дулҕалааҕыттан төрүттээх ийэтин туһунан суруйбут хоһоонугар айыллыбыт ырыа кэнниттэн маннык тыл этэн, махтанан туран, Раиса Чириковаҕа тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн туттарда.

Саха эстрадата Дьааҥыттан төрүттээх ырыаһыттарынан баай.  Лэгэнтэй, Олимпия, Паша Бояркина, Олег Беляев курдук саха эстрадатын сулустара улахан сценаттан  айар үлэлэригэр күөх уоту умаппыт холобур туттар киһилэринэн Раиса Чирикованы ааттаатылар.

Кэнсиэргэ кыттыбыт «Зори Яны» бөлөх (салайааччы С. Николаева), «Дьааҥы уола» ырыа бөлөҕө, «Гулун» уонна «Сияние севера» үҥкүү бөлөхтөрө дьоро киэһэни  киэргэтэн, ситэрэн-хоторон биэрдилэр.  Дьааҥыттан төрүттээх устудьуоннартан таҥыллыбыт үҥкүү бөлөҕө (хореограф Мария Васильева) айар киэһэни аныгылыы тыыннаата.

Киһини уйадытар түгэнинэн Раиса Чирикова учууталларыгар анаммыт түһүмэҕэ буолла. Улахан экраҥҥа Дьааҥы киэн туттар дьоно:  айар үлэһиттэр, учууталлар, култуура үлэһиттэрэ көһүннүлэр. Кинилэргэ анаан Раиса Чирикова бэйэтин «Учуутал убайым» диэн ырыатын анаата.

Педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Раиса Чирикова үөрэппит учуутала Акулина Колесова  үөрэнээччитин туһунан олус иһирэх ахтыыны оҥорбутун, саалаҕа олорор дьон дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр. Онон учуутал уонна  үөрэнээччи быстыбат ситимэ айар киэһэҕэ арылхайдык арылынна.

Ырыаһыт биир дойдулаахтарыгар, чуолаан Дьааҥы ыччаттарыгар анаабыт «Тыа уола» ырыатын көрөөччү эмиэ олус истиҥник ылынна.


Кэрэ куоластаах ырыаһыт үрүйэлии ыраас  куолаһыгар уйдаран, дьааҥылар Раиса Чирикова түөрт чаастаах айар дьоро киэһэтигэр  төрөөбүт дойдуларыгар тиийэ сылдьыбыттыы сананнылар. Кинилэр ахтылҕаннарын таһааран, өр көрсүбэтэх дьоннорун кытта көрсөн, астынан, дууһалыын дуоһуйан тарҕастылар.

Бу күннэргэ төрөөбүт Дьааҥытын аатын дорҕоонноохтук ааттаппыт айар куттаах Раиса Чирикова айар киэһэтэ табыллыбытыттан олус үөрэн, улуустааҕы «Дьааҥы аартыга» хаһыатыгар айымньылаахтык үлэлии, дойдутун сайдыытыгар бэйэтин кылаатын киллэрсэ, айа-тута барда.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.

0
0

Добавить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Обязательные поля помечены *