Суруйааччы Петр Аввакумовы ахтан-санаан аастылар

 Бу күннэргэ Күөрэлээххэ биир дойдулаахпыт, суруйааччы, литературнай кириитик, «Чолбон» сурунаал кылаабынай редакторынан үлэлээбит Петр Аввакумов 85 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи 1-кы аһаҕас «Аввакумовскай ааҕыылар» уонна «Тоҥсоҕой» диэн П.Д. Аввакумов айымньыларын ааҕыыга куонкурус буолан ааста.

Улуус 8 нэһилиэгиттэн уонна Дьокуускай куораттан 146 кыттааччы, 124 кэтэхтэн кыттааччы кыттыыны ыллылар.

Үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ  ыҥырыылаах ыалдьыттарынан суруйааччылар Н.Е Винокуров — Урсун, И.И.Осипов- Уйбаан Ойуур, Г.Г. Андросов, » Чолбон» сурунаал кыл. эрэдээктэрэ Д.Н. Макеев, П.А.Ойуунускай аатынан литературнай мусуой дириэктэрин солб. Л.Н. Иванова дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр, оҕолор талааннарын сыаналаатылар.

Албан Аат скверыгар П.Д. Аввакумов Мэҥэ тааһыгар  сибэкки дьөрбөтүн ууруу сиэрэ-туома буолла. Бу дьоро күн биир дойдулаахпыт, СӨ үтүөлээх артыыската, опера ырыаһыта Анна Дьячковская кэлэн бэйэтин эҕэрдэтин тиэртэ.

Кини оскуола үөрэнээччилэригэр бэйэтин анал истипиэндьийэтин туттарда уонна саалаҕа толору мустубут дьонугар биир дойдулаахтарыгар кэрэ куолаһынан бэйэтин ырыатын бэлэх уунна.

Алексей ПЕТРОВ,

Горнай улууһун Октябрьскай нэһилиэгин баһылыга.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru саайтка анаан

0
0