Учуонайдар былыргы кулунчуктан хаанын ыллылар

Саха сирин уонна Корея учуонайдара 42 тыһыынча сыллааҕыта өлбүт кулун хаанын ылан, былыргы сылгы боруодатын сөргүтэр былааннаахтар.


 

 

Былырыын Дьааҥы улууһугар Баатаҕай таһыгар сир хайдыытыттан ирбэт тоҥҥо бэрт үчүгэйдик хараллыбыт, бүтүн сытар кулун өлүгүн булбуттара. Кулунчук 42 тыһыынча сыллааҕыта олорбут диэн быһаарбыттара. Кини өлөрүгэр икки эрэ нэдиэлэлээх эбит. Бадарааҥҥа түһэн өлөөхтөөбүт. Куртаҕар, оһоҕоһугар бадараан, буор баара булуллубут. Тута кэриэтэ тоҥон, түүтэ, тириитэ, этэ-сиинэ, бары уорганнара бүтүн сыппыттар. Бу олус сэдэх булумньу. Онон сүрэҕиттэн убаҕас хаанын ылар кыахтаммыттар.

Кулунтан ылыллыбыт хаан

 

Учуонайдар кинини 4000 сыллааҕыта өлөн бараммыт Ленскэй боруодаҕа киирсэр диэбиттэр. Оччотугар бу тымныыны тулуйар былыргы боруоданы сөргүтэр кыах баара буолаарай? Баҕар, саха сылгыта эмиэ бу боруодаттан хааннааҕа буолуо?

ХИФУ уонна Соҕуруу Кореятааҕы Sooam Biotech научнай-чинчийэр киин учуонайдара кулун хааныттан килиэккэлэри ылан, клоннааһын көмөтүнэн тилиннэрэн баран, кэриэй сылгытын буоһатар былааннаахтар. Ол сатамматаҕына, саха сылгытыгар килиэккэлэри киллэриэхтэрэ.

Баҕар, сатаннаҕына, биологтар 2020 сылга Японияҕа ыытыллыахтаах мамонтовай фауна аан дойдутааҕы быыстапкатыгар былыргы сылгыны тилиннэрэн, улахан арыйыыны оҥоруохтара.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

0
0

Добавить комментарий