Дьокуускайга, А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр, «Музыка барыбытыгар» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак чэрчитинэн «Вместе дружная семья» диэн бэртээхэй театрализованнай кэнсиэр буолла. Бу Дьокуускайдааҕы оҕо айымньытын дыбарыаһын оркестра — Арассыыйа образцовай кэлэктиибэ (дирижер Людмила Белолюбская) уонна С.Зверев-Кыыл Уола национальнай үҥкүү тыйаатырын оркестра (дирижердар Николай Петров, Анюта Иванова) холбоһук бырайыактарынан алтыс төгүлүн ыытыллар тэрээһин дьону-сэргэни улаханнык сэргэхситтэ. Сиһилии А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспатыттан иһитиннэрдилэр.
—Быйылгы үөрүүлээх кэнсиэр (режиссер Елена Корнилова – Мягкая) Арассыыйаҕа — Тыйаатыр, Саха сиригэр — Сомоҕолоһуу, Дьокуускайга — Иллээх ыаллыы буолуу (Добрососедство) сылларын иитинэн ыытылынна. Икки орекстр доҕуһуолунан Саха сиригэр олорор бырааттыы норуоттар ырыалара дьиэрэйдэ, үҥкүүлэрэ-битиилэрэ оройуттан тутулунна. «Раздолье» нуучча народнай ырыатын хора, «Наранай Туяа» оҕолор ансаамбыллара, «Гиркилэн» эбэҥки фольклорун ансаамбыла, «Арарат» ансаамбыл, «СӨ армяннар түмсүүлэрэ» уопсастыбаннай түмсүү аатыттан Дьокуускай куораттааҕы классическай гимназия үөрэнээччитэ Тереза Мелоян, «Ярилов день», «Сюрприз» үҥкүү народнай ансаамбыллара, СӨ дагестаннар түмсүүлэриттэн Арина Суюндукова, кыргызтар диаспораларыттан бэрэстэбиитэл Куттубек Сопуев, Хатастан оҕо искусствотын оскуолатын үөрэнээччилэрэ уонна «Оҕо саас» үҥкүү ансаамбыла кытыннылар. Маны сэргэ, Саха-корея оскуолатыттан «Кидэ» вокальнай ансаамбыл Корея култууратын, татаардар матыыптарын гармонист Хуснутдинов Тахир Хасанович билиһиннэрдилэр. «Русь» вокальнай ансаамбыл, үҥкүү национальнай тыйаатырыттан СӨ народнай артыыһа Дмитрий Артемьев, «Амигос» оҕо аймньытын дыбарыаһыттан театральнай кэлэктиип үөрүүлээх дьоро күнү киэргэтистилэр.
Дьокуускай куорат баһылыга Сардаана Авксентьева кэнсиэри көрдө уонна бу күн кыттыылаахтарыгар, ыалдьыттарыгар туһаайан маннык эттэ:
— Бүгүн биһиэхэ сценаттан киһи эрэ долгуйа, манньыйа көрөр олус кэрэ, сырдык, үчүгэй нүөмэрдэрин бэлэхтээтилэр. Биир түһүлгэҕэ идэлээх артыыстар, айар түмсүүлэр, оҕолор бары биир сомоҕо буолан кыттыбыттара наһаа үөрүүлээх. Мындыр туруоруу бары биир халлаан анныгар олорорбутун, биир салгынынан тыынарбытын, биир сиргэ олорорбутун өссө төгүл тоһоҕолоон бэлиэтээтэ, санатта, көрдөрдө. Бары төһө да бэйэ-бэйэбитигэр майгылаабат туора, атын-атын дьон буолбуппут иһин, бука барыбытын таптыыр дьоллоох Дьокуускай куораппыт түмэр эбээт! Өссө биири тоһоҕолоон этиэм этэ, бүгүн оҕолор тулалыыр эйгэбит харыстабылыгар сыһыаннаах уонна тирээн турар кыһалҕаах боппуруостары таарыйан көрдөрдүлэр. Ити сүрэҕи-быары долгутта, толкуйга т87эрдэ. Мин икки оркестр куолаан тыыннаах музыканан олус табыллан, өрө көтөҕүллэн оонньообутун, доҕуһуоллаабытын астынан туран бэлиэтиибин. Түгэнинэн туһанан, 42 сыл устатыгар оҕо народнай оркестрын сатабыллаахтык салайбыт, элбэх талааны иитэн-үөрэтэн, такайан таһаарбыт салайааччы Людмила Спартаковна Белолюбскаяҕа сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэн тураммын, улахан махталбын тиэрдэбин.
Дьэ, ити курдук, түһүлгэҕэ сүрдээх үчүгэй тэрээһин буолла, — диэн А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын пресс-сулууспатыттан биллэрдилэр.
Көрөөччүлэр үтүө санаа, иллээх-эйэлээх буолуу, доҕордоһуу, хардарыта көмөлөсүһүү, өйөһүү, сомоҕолоһуу күүһүнэн хайдахтаах да ыарахаттары кыайары-хотору көрдөрөр испэктээк-кэнсиэртэн улаханнык астынан, үөрэн-көтөн, махтанан тарҕаспыттар.
Хаартыскалар: А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын пресс-сулууспата