Саахымат оргуйар олоҕо

1953 сыл саас «Советскай спорт» хаһыат кэ­рэспэдьиэнэ Б.Романов ыстатыйата тахсыбыта. Онно «Чычымах диэн кыракый саха дэриэбинэтэ лиҥкир тыа быыһыгар саһан сытар. Маннааҕы аар тайҕа эргиччи кутталлаах. Дэриэбинэ дьоно бэрт кыһалҕаттан айаҥҥа туруналлар… Бу түҥкэтэх сиртэн ааспыт кыһын икки ини-биилэр ыраах аттаммыттар. Төргүүлэригэр уларыттар таҥас-сап, өйүө ас, саахымат уонна ити мындыр оонньуу кинигэлэрэ угуллубут», — диэн суруйбут. Ити убайдыы-быраат Владимир уонна Михаил Афанасьевтар тустарынан.


Кинилэр Таатта Чычымаҕар холкуостаах Куприян Иванович Афанасьев дьиэ кэргэнигэр төрөөбүттэрэ, улааппыттара. Ийэлэрэ эрдэ өлөн, кыраларыгар тулаайах хаалбыттара. Улаханнара Володя сэттэ кылаастаах олох­тоох оскуоланы бутэрэн баран, Ытык Күөл орто оскуолатыгар салгыы үөрэнэр. 1942 сыллаахха оскуоланы бүтэрээт, сэриигэ барбыта. Хаста да ыараханнык бааһыран, 1944 сыллаахха инбэлиит буолан дойдутугар төннүбүтэ.

Олохтоохтор кэпсииллэринэн, аҕалара Куприян саахымат алыбар ылларбыт, саахыматын кыбына сылдьан көрсүбүт киһитин барытын тургутан көрөр эбит. Оннооҕор ходуһаҕа оттуу сылдьан, отуутун иннигэр саахыматын туруоран, кэлэр-барар дьону кэтиирэ, оонньуура үһү.

Михаил Афанасьев – саахымакка бастакы маастар

Дьиэтигэр-уотугар саахыматы өрө тутарга оҕолорун уһуйбут. Сотору кэминэн бырааттыы Владимир уонна Михаил, балтылара Анна Афанасьевтар – Тааттаны, Саха сирин нөҥүөлээн Уһук Илиҥҥэ, Сибииргэ, Арассыыйаҕа, Сойууска тиийэ аатырбыттара. Араас сиргэ ыытыллыбыт күрэхтэһиилэргэ тыа сирин саахыматчыттарын ортолоругар Афанасьевтар үйэ аҥаара устатын тухары мэлдьи үрдүк сити­һиилэнэр этилэр.

Кинилэр, кырдьыга даҕаны, саахымат оргуйар олоҕор олорбуттара. Өрөспүүбүлүкэҕэ хардары-­таары Владимир түөртэ (1949, 1950, 1952, 1968), Михаил сэттэтэ (1954, 1958, 1962, 1966, 1968, 1971, 1973), балтылара Анна эмиэ чөмпүйүөннээбиттэрэ. Дьокуускайга, оройуоннарга, спортивнай уопсастыбаларга, идэлээх сойуустарга хаста кыайбыттарын ааҕа да барбаппыт.

Манна даҕатан эттэххэ, сэрии кэннинээҕи сыллартан саҕалаан, чуолаан саахыматчыттар успуорт бары көрүҥнэриттэн (ол иһигэр тустууттан, буоксаттан, дуобаттан о.д.а.) бастакынан өрөспүүбүлүкэ таһыгар тахсан улахан спорка эрэмньилээх хардыылары оҥорбуттара. Аҕыйах холобуру аҕаллахха, өссө 1952 сыллаахха Саха АССР саахыматчыттара Бурятскай АССР хамаандатын матчевай көрсүһүүгэ кыайбыттара. 1953 сыл­лаахха РСФСР тыатын сирин саахыматчыттарын финалыгар Саха АССР хамаандата иккис буолбута. Онтон 1954 уонна 1955 сылларга сахалар икки төгүл бастаабыттара. Оччолорго хамаанда састаабыгар Владимир, Михаил Афанасьевтар, Мэндэ Таппыров, Александра Ефремова, Анна Афанасьева бааллара. Кинилэртэн Михаил Афанасьев, Мэндэ Таппыров уонна Анна Афанасьева РСФСР хамаандатыгар киирэн Сэбиэскэй Сойуус «Урожай» ДСО-ҕа хаста да чөмпү­йүөннээбиттэрэ.

Оннук чаҕылхай сити­һиилэрдээх 1966 сыллаахха сахалартан бастакынан саахымакка ССРС успуордун маастара буолбут Михаил Афанасьев этэ. Кини тыа сирин саахыматчыттарыгар Сэбиэскэй Сойууска үстэ (1958, 1961, 1962), РСФСР-га түөртэ чөмпүйүөннээбитэ. Михаил Куприянович бары саахыматчыттар дириҥник ытыктыыр, кини талааныгар сүгүрүйэр киһилэрэ этэ.

Томпоттон төрүттээх кырдьаҕас саахыматчыт, бэйэтэ этэринэн, сэрии, үлэ, успуорт уонна баартыйа бэтэрээнэ Роман Семенович Попов өрдөөҕүтэ Михаил Афанасьев туһунан маннык хоһуйбуттаах:

Наҕыл, холку стиллээх

Наһаа мындыр Мэхээлэ

Быйыл эмиэ бастаата,

Быдан куотан таҕыста!

Аны кэлэр өттүгэр

Маастар аатын ыларгар

Баҕарабыт барыбыт…

Михаил Афанасьев маастар таһымыгар оонньообута хас да сыл буолбутун кэннэ, 36 сааһыгар «ССРС спордун маастара» дьэ иҥэриллибитэ.

 

Саахымакка бастакы үтүөлээх тириэньэр

Кэлин ыарахан ыарыыга ыллардар даҕаны, саахыматтан тэйбэтэҕэ. 1970 сылтан тириэньэр түбүктээх үлэтигэр көспүтэ. Бииргэ үлэлиир, биир өйдөөх-санаа­лаах, дьулуурдаах киһитэ – Николай Иванович Алексеевтыын 1981 сылтан Нам ДЮСШ-гар саахымат са­­лаатын тэрийбиттэрэ.

Михаил Афанасьев эрчийбит оҕолоро бастаан «Белай ладьяҕа», онтон улахан дьоҥҥо эрчимнээхтик кимэн киирбиттэрэ. Кинилэртэн Максим Попов өрөспүүбүлүкэ икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, Арассыыйа тыатын сирин саахыматчыттарын 1994 сыллаах (Одинцово) уонна 2009 сыллаах (Ханты-Мансийскай) чөмпүйүөнэ. Виринея Кутукова билигин ФИДЕ маастара, өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх, Арассыыйа тыатын сирин 1992 сыллаах (Иркутскай), Уһук Илин Федеральнай уокурук 2009 сыллаах (Биробиджан) чөмпүйүөнэ. Галина Эверстова Саха сирин үс төгүллээх чөмпүйүөнэ. Иннокентий Сивцев Арассыыйа тыатын сирин 1992 сыллаах (Иркутскай) призера. Айсен Касьянов 1996 сыллаахха «Азия оҕолоро» бастакы спортивнай оонньуулар иккис ­миэстэлээх призердара.

Михаил Афанасьев 1990 сыл­лаахха бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. Кини саахымакка үтүөлээх тириэньэр бо­­чуоттаах аатын Саха сиригэр эмиэ бастакынан ылбыта. 1999 сыллаахха иккиһин инсул­­лаан баран, орон киһитэ буолбута. Ити сылга кини 70 сааһын өрөспүүбүлүкэ саахыматчыттара киэҥник бэлиэтээбиттэрэ. Онтон ыла сыллата кэриэтэ Намҥа ССРС успуордун саахымакка бастакы маастарын бирииһигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллара.

Быйыл Михаил Куприянович баара буоллар, 90 сааһын бэлиэтиэ этибит. Кини сырдык кэриэһигэр аналлаах саахымат турнира сотору Дьокуускайга буолуохтаах.

 

Афанасьевтар үтүө холобурдарынан…

Ити курдук, саахымат сайдыытын олохторун тухары ыалынан турууласпыт Афанасьевтар үтүө холобурдарынан Тааттаттан өссө Таппыровтар, Протодьяконовтар, Охо­тиннар, Мосориннар, Коле­совтар, Даниловтар, Слепцовтар, Максимовтар, Соровтар династиялара, Нам оройуонуттан Альбина уонна Виринея Кутуковалар, Поповтар, Анна, Иннокентий Сивцевтэр уонна кэлин элбэҕи эрэннэрэр ийэлэринэн эмиэ Намтан тардыылаах Местниковтар бүтүн ыалынан бары маастар да, хандьыдаат да састааптаах «ха­маандалара» үүнэн тахсыбыта сүрдээх кэрэхсэбиллээх. Тааттаҕа буоллаҕына, аҥаардас биир Чөркөөх оскуолатыттан саахымакка өрөспүүбүлүкэ алта чөмпү­йүөнэ тахсыбыта бэйэтэ туспа дьиктилээх. Итинник оскуола холобур Дьокуускайга да суох.

Ити курдук бырааттыы Афанасьевтар – Тааттаҕа буоллун, Намҥа буоллун, уопсайынан, Саха сиригэр бүттүүнүгэр даҕаны, саахымат сайдыытыгар биллэр-көстөр суолу хаалларбыт дьон буолаллар. Ону кинилэри кытта саастыы аҕа көлүөнэ саахыматчыттар да, кинилэр үгүс ахсаан­наах үөрэнээччилэрэ да бары били­нэллэр.

 

Туйах хатарааччылар

Бастакы көлүөнэ саахыматчыттартан билигин биһиги кэккэбитигэр сэрии, педагогическай үлэ уонна успуорт бэтэрээнэ Наум Трифонович Слепцов уонна саахымакка ССРС успуордун иккис маастара Мэндэ Тихонович Таппыров эрэ хааллылар. Наум Трифонович быйыл 95, Мэндэ Таппыров былырыын 85 саастарын туоллулар. Кинилэр туйахтарын хатарар, саха саахыматчыттарын урукку боччумнаах ситиһиилэрин куоһарар кыахтаах ыччаттар тахсан эрэллэриттэн үөрэбит.

Биһиэхэ билигин ФИДЕ тоҕус маастара, отучча маастарга хандьыдаат баар. Кинилэртэн бастыҥнара өрөспүүбүлүкэ хастыы да төгүллээх чөмпүйүөннэрэ Владимир Таппыров, Гумар Моисеев, Дмитрий Егоров, Николай Макаров (Назаров), Василий Васильев, идэтийэн оонньооботтор ортолоругар аан дойду чөмпүйүөнэ буолбут Руслан Пахомов даҕаны норуоттар икки ардыларынааҕы маастар күүһүгэр эп­­пиэттэһэр оонньооччулар диэххэ сөп. Дьахталларга балайда үрдүк ситиһиилэрдээх инбэлииттэр ортолоругар аан дойду чөмпү­йүөнэ Александра Александрова (билигин Израильга олорор), өрөспүүбүлүкэ түөрт төгүллээх, Уһук Илин Федеральнай уокурук чөмпүйүөнэ Туйаара Адамова, аан дойду оҕолорго чөмпүйүөнэ, өрөспүүбүлүкэ үс төгүллээх чөмпүйүөнэ Айыына Егорова уонна «Азия оҕолоро» оонньуулар кыайыылаахтара Алена Бурмистрова эмиэ үүнэр-сайдар кэскиллээхтэр. Онтон билиҥҥи оскуола оҕолоруттан арыыйда чорботон элбэҕи эрэннэрэр, эдэр кэскиллээх оонньооччуларбыт диэн Никита Пестряковы (Дьокуускай), Денис Назаровы (Мэҥэ Хаҥалас) уонна Ньургуйаана Баишеваны (Уус Алдан) ааттаталыахха сөп.

Онон убайдыы-быраат Афанасьевтар тэлбит суолларынан саахымат оргуйар олоҕо көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салҕана туруо диэн эрэнэ саныыбыт.

 

Семен ПРОТОДЬЯКОНОВ, саахымат бэтэрээнэ.

 

0
0

Добавить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Обязательные поля помечены *