«Сюрприз» үҥкүү народнай ансаамбыла көрөөччүлэригэр ураты кэрэ үҥкүүлэрин бэлэхтээн көрдөрдө. Ансаамбыл бу айар үлэтин 32-с сезонун түмүктүүр дьоро түһүлгэтэ А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр буолла. Бу туһунан биһиэхэ норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспатыттан иһитиннэрдилэр.
—Долгутуулаах кэнсиэр бастакы чааһыгар «Петр уонна Феврония туһунан номох» көрдөрүлүннэ. Манна эрэллээх буолуу, тапталы өрө тутуу, бэриниилээх, чиэһинэй буолуу, куһаҕаны үтүө, сырдык кыайыыта, өрөгөйө умсугутуулаахтык кэпсэнэр, көрдөрүллэр. Үөрүүлээх кэнсиэр ΙΙ-с чааһа аралдьытар шоу-бырагыраама быһыытынан ыытылынна.
«Сюрприз» ансаамбыл оскуоланы бүтэрбит оҕолору үөрүүлээх быһыыга-майгыга эҕэрдэлээн туран, улахан суолга атаарар үтүө үгэстээх. Итинник долгутуулаах атаарыы быйылгы выпускниктара төрдүөлэр: Анастасия Оловянникова, Юлия Никифорова, Александра Михайлова, Дарья Наумова. Бу кыргыттар үҥкүү кэрэ эйгэтигэр быыкайкаан эрдэхтэринэ кэлиэхтэриттэн үөрэнэн, уһуйуллан, үүнэн-сайдан тахсыбыттара кэрэхсэбиллээх. Кинилэр тапталлаах «Сюрпризтарын» көмөтүнэн элбэх чугас доҕоттордоммуттара, сонун сири-уоту да көрбүттэрэ. Кыргыттар бу отчуоттуур кэнсиэргэ улаханнык долгуйан, ис сүрэхтэриттэн иэйэн, өрө көтөҕүллэн туран хас биирдии үҥкүүлэрин үрдүк таһымнаахтык үҥкүүлээтилэр.
Анастасия Оловянникова: «Аан бастаан дьарыктаныахпыттан, киһи кыһалыннаҕына, дьулустаҕына эрэ үҥкүү хамсаныыларын сатыырга үөрэниэн сөп эбит диэн өйдөөбүтүм. Биллэн турар, хара маҥнайгыттан барытын сатаабытынан барбатаҕым. Педагогтарым: Екатерина Евгеньевна, Диана Васильевна, Виктория Александровна уонна Ирина Андроновна кыһамньыларынан үҥкүү кэрэ алыбар ылларбытым. Бу ансаамбылга киирэммин Кытайга, Санкт-Петербурга тиийэ сылдьыбытым. Тапталлаах «Сюрприһым» миэхэ олус элбэх умнуллубат үтүөкэн күннэри бэлэхтээтэ, элбэх үтүө, чугас доҕоттордоннум, сатаан көрүнэ уонна бэйэбэр эрэллээх буола үөрэнним. Тапталлаах кэлэктииппин куруук өйдүү-саныы, сүрэхпэр чугастык тута сылдьыам. Бука, суохтуурум, ахтарым буолуо диэн саныыбын».
Юлия Никифорова ансаамбылга 2007сыллаахха кэлбит. Үҥкүүгэ 12 сылтан ордук дьарыктаммыт. Юлияны наһаа сүрэхтээх уонна кыһамньылаах диэн хайгыыллар. Юлия олус чэпчэкитик, сэргэхтик, нарыннык-намчытык туттан-хаптан көрөөччүлэргэ «Чужая душа» диэн үҥкүүнү бэлэхтээтэ.
Александра Михайлова: «Мин бу ансаамбыл туһунан аан бастаан эбээбиттэн билбитим. Эбээм кэнсиэргэ илдьэ барбыта. Онно «сюрпризтар» үҥкүүлүүллэрин көрөн баран, наһаа сөхпүтүм уонна ымсыырбытым. Оҕолор хас биирдии хамсаныыларын, туттууларын-хаптыыларын, сценаҕа үөрэллэрин-көтөллөрүн барытын көтүппэккэ долгуйа көрбүтүм-истибитим, кинилэр курдук үҥкүүлүөхпүн олус баҕарбытым. 2012 сыллаахха күһүн Диана Васильевна Посельская үөрэтэр дьарыгар кэлбитим. Оҕолор онно миигин үөрэ-көтө, эҕэрдэлии көрсүбүттэрин өйдөөн хаалбыппын. 2015 сыллаахха Кытайга норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээллэригэр аан бастаан барсыбытым. Онно барарга сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри хас биирдии нүөмэри чочуйар, бэлэмниир этилэр. Маны сэргэ, 2016 сыллаахха «Балтийская Жемчужина» диэн Бүтүн Россиятааҕы куонкуруска кыттыбыппыт. Наһаа да үчүгэй, кэрэ, умнуллубат күннэр этилэр! «.
Дарья Наумова: «Үҥүү киһи дууһатын кылын уратытык таарыйар, уһугуннарар, иэйиини бэлэхтиир олус кэрэ, наһаа нарын-намчы ускуустубалартан биирдэстэрэ. «Сюрприз» миэхэ бэйэтэ туспа кэрэ олоҕу бэлэхтээбит ансаамбылынан буолар. Мин манна 2009 сыллаахха, алталаахпар кэлбитим. Оччолорго биһиги атын куораттан көһөн кэлбиппит. Мин үҥкүүлүөхпүн туох да наһаа баҕарарым иһин, бу ансаамбылга ийэм аҕалбыта. Өйдүүбүн ээ, аан бастакы күҥҥэ, туттарса кэлэн баран, кэнники кэккэҕэ турбутум уонна ансаамбылга ыллаллар ханнык диэн наһаа-наһаа кыһаллыбытым. Аан бастакы хореограбым Екатерина Евгеньевна этэ. Кини бары кыһамньытын, болҕомтотун ууран үөрэппитигэр махталым муҥура суох. Сценаҕа аан бастаан тахсыбыппын эмиэ умнубаппын. «Киндер Сюрприз» диэн үҥкүүнү үҥкүүлээбиппит. Онно сценаҕа дьон иннигэр тахсан үҥкүүлүүр диэн хайдаҕын өйбүнэн-санаабынан, эппинэн-хааммынан билбитим, ылыммытым уонна үҥкүүлүүрбүн наһаа таптаабытым. Дьэ, онтон ыла сценаны олус күндүтүк көрөбүн, таптыыбын. Үҥкүүгэ салгыы уонна өр кэмҥэ миигин Диана Васильевна такайбыта. Киниэхэ махталым эмиэ олус-олус улахан. Диана Васильевнаны кытта биһиги Кытайга, Москваҕа, Санкт-Петербурга гостуруоллаабыппыт. Хас биирдии айаммыт иннинэ бэлэмнэнии «кытаанаҕа» буолааччы. Ол да иһин, куруук бириистээх миэстэлэри аҕалар буоллахпыт. Кэнники сылларга миигин үҥкүү кэрэ алыбар Виктория Александровна үөрэттэ. «Сюрпризка» уон сыл устата үҥкүүлээбит кэмнэрбэр миигин наар үөрүү-көтүү, сырдыктан-сырдык, кэрэттэн-кэрэ эрэ өйдөбүллэр арыаллаатылар. Манна, бастатан туран, народнай, эстраднай уонна аныгы үҥкүүлэри үҥкүүлүүргэ үөрэнним. Үҥкүүгэ уһуйбут тапталлаах хореографтарбар уонна Ирина Андроновнаҕа бары кыһамньыларын ууран үөрэппиттэригэр-такайбыттарыгар махталбын тиэрдэбин.
Бу долгутуулаах күн «Сюрприз» ансаамбыл орто бөлөҕүн үҥкүүһүтэ Софья Шеина Москваҕа көһөрүнэн, төрөөбүт кэлэктиибэ долгуйа, сайыһа уонна бары кэрэни баҕаран атаарда. «Танцы на ТНТ» шоу кыайыылааҕа, «Лучший из лучших танцовщиков страны» ааты ылбыт Антон Пануфник уонна Софья Шеина көрөөччүлэригэр бэртээхэй үҥкүүнү бэлэхтээтилэр.
Ити курдук, олус долгутуулаах уонна үрдүк таһымнаах тэрээһини «Сюрприз» РФ бастыҥ кэлэктиибэ, үҥкүү народнай ансаамбыла тэрийэн ыытта. Саалаҕа толору мустубут көрөөччүлэр улаханнык астынан, үөрэн, хас биирдии нүөмэри дохсун ытыстарын тыаһынан эҕэрдэлээтилэр, арыаллаатылар.
А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспатын хаартыскалара.