«Раздолье» кэрэ, чуор куоластаах ырыаһыттардааҕынан дьон-сэргэ сүрэҕин-быарын «уулларбыт» ансаамбыл сыллааҕы үлэтин түмүгүн билиһиннэрэр кэнсиэригэр саалаҕа киһи толору муһунна. Бу туһунан улаханнык үөрэн, астынан уонна киэн туттан туран, А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспатыттан иһитиннэрдилэр.
—«Раздолье» нуучча норуотун ырыатын толорор ансамбль 2005 сыллаахха тэриллибитэ. Ансаамбылы СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Лидия Андреевна Яйлиян сатабыллаахтык салайар. Ансаамбыл өрөспүүбүлүкэ таһымнаах куонкурустарга, бэстибээллэргэ куруутун ситиһиилээхтик кыттар. 2017 сыллаахха бу ансаамбылга Саха сирин народнай кэлэктиибин аата иҥэриллибитэ.
Отчуоттуур биэчэрдэригэр «От печки», «Как Ивановы дочки», «Во деревне то было в Ольховке», «Косар», «Косякинские страдания», «Заболела Дунина головка», «Ой, кума», «Все вы кумушки домой», «Ярмарка», «Эх, разыграйся гармонь моя», «Зорька алая», «Матушка Россия», «Широка страна моя родная», о.д.а. киһини манньытар, дууһа кылын таарыйар бэртээхэй ырыалары көрөөччүлэр астына, дуоһуйа иһиттилэр.
Манна даҕатан эттэххэ, кэлэктиипкэ өссө «Раздолинки» диэн кырачааннар бөлөхтөрө баар. «Во поле орешина», «Как у наших у ворот», «Пошла млада за водой», «Подай балалайку», «Ромашка» ырыалары ыллаабыттара ытыс тыаһынан арыалланна. Вика Березкина «Балалаечка поет», Арина Суюндукова «Ой, вставала я ранешенька» ырыалара хайҕанна, ытыс тыаһынан арыалланна.
Кэнсиэри «Сюрприз», «Ярилов день» үҥкүү ансаамбыллара, «Ямские бубенцы» Күн Судаар дьаамсыктарын удьуордара, «Ямская гармонь» ситэрэн-хоторон, киэргэтэн биэрдилэр. Кэлэктиип былаана элбэх. Кинилэртэн кэлэр да өттүгэр үрдүк таһымнаах кэнсиэри эрэнэ күүтэбит.
Хаартыскалар: А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата