Якутия Сегодня

Муомаҕа удьуор учуутал утума салҕанар

Муома оройуонугар нуучча тылын уонна литературатын учууталынан, оскуола дириэктэринэн уһуннук үлэлээбит Герман Михайлович Калугин 100 сааһын бэлиэтээтилэр. Үөрүүлээх түгэҥҥэ үтүө киһи утумун салгыыр 182 сыл ыстаастаах династияҕа өйдөбүнньүк дастабырыанньаны туттардылар.


Муомаҕа өр сылларга уһуннук учууталлаан, үгүс кэнчээри ыччаты үөрэх-билии суолунан сирдээбит Герман Михайлович Калугин 100 сааһыгар аналлаах тэрээһин музейга буолла.

Салайааччыта Антонина Ильинична Никулина:

Быйыл биһиги кыһабыт 90 сааһын туолар. Онно сөп түбэһиннэрэн, оскуолабытыгар уһуннук нуучча тылын уонна литературатын учууталынан уонна оскуола ахсыс дириэктэринэн үлэлээбит Герман Михайлович Калугин сүүс сааһын бэлиэтиибит, – диэтэ уонна оскуола историятын сиһилии кэпсээн иһитиннэрдэ.

Научнай үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы Иосиф Петрович Хабаров Г.М.Калугин туһунан ахтыы оҥордо. Үбүлүөйдээх учуутал кыыһа Антонина Германовна Степанова эһэтиттэн, эбэтиттэн саҕалаан дьонун туһунан кэпсээтэ. Елена Дмитриевна Герман Михайловиһы кытта 4 кыыһы, 2 уолу төрөппүттэр. Кинилэр бары үрдүк үөрэхтэнэн үлэһит дьон буолбуттар эбит. Экраҥҥа тыктарыллыбыт хаартыскалары ыйан көрдөрө-көрдөрө кэпсээбитэ олус сонуннук көһүннэ.

Герман Михайлович үөрэнээччитэ, тыыл, үлэ бэтэрээнэ, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ кавалера Иннокентий Семенович Старков: «Сайдыы алын оскуолатын бүтэрэр сылбар үс оҕону Хонууга пионерскай лааҕырга ыыппыттара. Онно мин баарым. Ол лааҕырга сылдьан аан маҥнай Герман Михайловыһы көрбүтүм. Ити сыл кыһыныгар Хонууга кэлэн бэһис кылааска үөрэммитим. Онтон ыла Герман Михайловичка үөрэнэр буолбутум. Кини аҥардас нуучча тылын эрэ үөрэппэт этэ. Учууталлар ыарыйдахтарына, эбэтэр ханна эрэ бардахтарына кинилэри солбуйара. Онон бары өттүнэн билиилээх, талааннаах учуутал. Кини химияны үчүгэйдик үөрэтэн, оскуола кэнниттэн үрдүк үөрэххэ киирэн бэтэринээр быраас идэтин ылбытым», – диир Иннокентий Семенович. «Биһиги учууталбыт оскуолаҕа эрэ үлэлээбэт этэ. Нэһилиэккэ ыытыллар бары үлэлэргэ көхтөөхтүк кыттара, үөрэхтээх киһи быһыытынан лекция ааҕара, суут буоллаҕын ахсын албакааттыыра. Ол иһин нэһилиэнньэҕэ аптарытыаттанара, учууталбытын сөбүлүүрбүт. Кини ирдэбиллээх буолан биһиги үөрэхпитигэр кыһалларбыт, бэрээдэги кэспэт этибит», – диэн истиҥник ахтар үлэ бэтэрээнэ.

Герман Михайлович оҕото Зоя Германовна уола, учуутал Дмитрий Александрович Мосенков төрөппүттэрин уонна бииргэ төрөөбүттэрин туһунан билиһиннэрдэ. Дьиэ кэргэттэрин туһунан ахтыыны Антонина Германовна, Алена Германовна уонна хос сиэнэ Андрей Мярикянов оҥордулар. Ытык киһи ыччата кини таптыыр идэтин салгыырын туһунан учуутал Антонина Германовна сиһилии кэпсээтэ. Калугиннар учуутал династиялара үлэлээбит ыстаастара 182 сылга тиийбит, өссө да салҕыахтара диэн эрэл баар. Оскуола дириэктэрэ В.В.Тихонова Калугиннар учуутал династияҕа өйдөбүнньүк дастабырыанньаны туттарда. Герман Михайлович оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ эһэлэригэр анаан учуутал туһунан хоһоону ааҕан иһитиннэрдилэр. Улахан Учуутал ыччата ыалдьыттары бэйэ оҥоһуу туордунан, минньигэс утаҕынан, кэмпиэтинэн күндүлээтэ уонна бөҕө доруобуйаны, ситиһиилээх үлэни баҕарда.

Оскуолаттан тахсан иһэн Герман Михайловыһы тыыннаах, киниэхэ ыалдьыттаабыт курдук сананным. Үтүө киһи аата үс үйэҕэ умнуллубат диэн этэллэрэ кырдьык эбит, ытыктанар учуутал аатын үөрэнээччилэрэ, ыччата үйэтитэ туруохтара.

Ааптар: Григорий Федотов