Ньургуһуннаах кырдалга ыалдьыттааҥ

Дьокуускайга Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ уонна  СӨ норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин Киинэ Туймаада олохтоохторун, ытык-мааны ыалдьыттарын «Ньургуһуннаах кырдалга…» анал бырайыакка ыҥыраллар. 


Ыам ыйын 16 күнүгэр ыалдьыттарга анаан «Ньургуһуну харыстааҥ» быыстапка тэриллэр. Маны сэргэ, кучу чэйинэн, алаадьынан хас кэлбит ыалдьыты күндүлүү көрсүөхтэрэ.
I түһүмэх. Күөххэ үктэнии.
Күөххэ үктэнии алгыһын түһэрии. Арчылааһын сиэрэ-туома. «Тойук» бөлөх. Сал. Галина Федорова.
II түһүмэх. Ньургуһун — таптал сибэккитэ…
«Ньургуһуннаах кырдалга…» кэнсиэргэ кыттыыны ылаллар Сайа, Саарын, Анастасия Готовцева, Ника, Максима, Намыына, Кыталы-Куо, Лена Старостина-Хотун Арылы, Афанасий Афанасьев, Вера Гаврильева, Анна Лукачевская, Константин Мохначевскай, «Тойук» бөлөх, «Сандал», «Махтал», «Күн ситимэ» үҥкүү бөлөхтөрө, «Күн дьоно», «Саһарҕа» ырыа бөлөхтөрө.
«Ньургуһуннар» — күргүөмүнэн ырыаҕа бука бары кыттаҕыт.
III түһүмэх.
«Ньургуһуну дьиэҕэ үүннэрии» ботаническай сад тэрийэн ыытар, үөрэтэр-такайар маастар-кылааһа.
Үөрүүлээх күн кыттыылаахтарыгар, ыалдьыттарыгар  хаартыскаҕа өйдөбүнньүк түһүү.
Түһүлгэлээх оһуокай. Киирии билиэтинэн оҥоһуктар, сыаналаах бэлэхтэр оонньоноллор.
«Күндү дьоммут, үөрэн-көтөн дуоһуйа сынньаныҥ, самаан сайын алгыһын иҥэриниҥ!» диэн Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин кэлэктиибэ эһигини ыам ыйын 16 күнүгэр 18 чаас 30 мүн. дьоро киэһээҕэ ыҥырар.
 Хаартыска:  интэриниэттэн
0
0