Олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан (Кыайыы күнүн көрсө)

Төрөппүттэрим барахсаттар олус уустук уонна интэриэһинэй да олоҕу олорон ааспыттар эбит. Арааһа, ким барыта түспэтийэр сааһыгар тиийдэҕинэ, ааспыт оҕо сааһын ахтан-санаан ылар кэмнэрдээх буолуо дии саныыбын. Оннук түгэҥҥэ мин оҕо, эдэр сэнэх сааһым дьоллоохтук ааспытыгар төрөппүттэрбэр муҥура суох махтанабын, уйадыйан да ылабын.

edersass.ru


Ийэм Мария Платоновна, аҕам Константин Николаевич Харайдановтар үлэни өрө туппут, уопсай дьыала иһин кыһаллар үтүө дьон этилэр.
Мин бэйэбин өйдүүр буолуохпуттан ыла аҕам элбэҕи ааҕарын, суруйарын, билиитэ-көрүүтэ үрдүгүн сөҕө, астына улааппытым. Ханнык да тиэмэҕэ боппуруос биэрдэххэ, кини толору быһааран биэрэрин оннук буолуохтаах курдук саныырым. Элбэх сурунаалы, хаһыаты суруттарар буолан, кинигэни, сурунаалы ааҕарым эмиэ оҕо эрдэхтэн саҕаланнаҕа.
Тапталлаах аҕам, эһэбит Константин Николаевич Харайданов 1919 сыл муус устар 17 күнүгэр уруккута Таатта (билиҥҥитэ Томпо) оройуонугар Байаҕантай нэһилиэгэр Евдокия Дмитриевна, Николай Алексеевич Харайдановтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтэ, онон быйыл төрөөбүтэ 100 сыла буолар.
Ыал улахан оҕото буолан, олох кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ эриллэн улааппыта. Түөрт кылааһы ситиһиилээхтик бүтэрэн баран салгыы кыайан үөрэммэккэ, 16 сааһыттан «Үөттээх» холкуоска таабылсытынан, суотчутунан ананан, үлэни-хамнаһы билсэн испитэ. Онтон ыла “Кыым”, “Эдэр бассабыык” хаһыаттарга суруттаран ааҕар, дьоҥҥо кэпсиир, устунан агитатордаан, алааһын үөрэҕэ суохтарын икки кыһын ааҕарга-суруйарга үөрэтэн биллэн-көстөн испит. Дьон саҥа кэпсээни сэҥээрэллэрэ, бэйэлэрин уоллара билэн-көрөн кэпсиирин күн аайы кэтэһэллэрэ. “Көстөкүүн, туох сонун баарый? Кэпсии, сырдата түс”, — дэһэллэрэ.
Аҕам оччолортон ыла уопсастыба интэриэһин үрдүктүк тута улааппыта. Төрөөбүт алааһыгар, Үөттээххэ, хомсомуол маҥнайгы тэрилтэтин тэрийэн, сэкирэтээринэн талыллан, бурдук ыһыытыгар, хомууругар ыччат биригээдэлэрин үлэҕэ көҕүлүүрүгэр “кыһыл”, “хара” дуоскалары тэрийбит. Ол туһунан кини: “Хара дуоскаҕа тахсыбыт киһи өргө диэри хомуруллара, ол хара-хара курдук “мэҥ” буолбут курдуга. Оттон “Кыһыл дуоскалаах” ыстаанын өрө тардынан, төбөтүн өрө көтөҕөн үлэлииргэ дылы буолара”, — диэн ахтара.
Эдэр киһи көхтөөх үлэтин таба көрөн, холкуостары салайар каадырдар алта ыйдаах куурустарыгар ыыппыттара. Бүтэрэн кэлээтин кытары, 19 саастааҕар, үһүс Байаҕантай нэһилиэгин сэбиэтин уонна райсовет дьокутаатынан быыбардаан, түһээн да көрбөтөх үлэтигэр – сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн талбыттара. Дьэ, ити курдук кини үлэлиир ыллыга кэҥээн, эппиэтинэһэ үрдээн, төрөөбүт нэһилиэгин, дьонун-сэргэтин туһугар сыралаһан, олоххо буһуу-хатыы оскуолатын баран испитэ.

“Саҥарар Кириэс-Халдьаайы”

1942 с. балаҕан ыйыгар Кыһыл аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллан, 39-с строевой дивизия 149-с мотострелковай полк байыаһа буолан, Халкин-Голга түбэспитэ. Ол дойду ыар усулуобуйатын тулуйумуна, улаханнык ыалдьан өлө сыһан, 1943 сыллаахха күһүн нэһиилэ дойдутун булбута. Доруобуйа туруга учуоттаммат кытаанах кэм этэ. Онон, кэлээтин кытта, «Ударник» холкуос бэрэссэдээтэлинэн ананан үлэлээбитинэн барбыта. 1945 сыл Улуу Кыайыы өрөгөйүнэн кынаттанан тиийэн кэлбитэ. Сэрии кэннинээҕи олох салҕаммыта.
Баартыйа Тааттатааҕы райкома Константин Николаевиһы биир сыллаах бартыыйынай оскуолаҕа үөрэттэрэн баран, штатнай пропагандиһынан анаан, 10 сыл олус таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. “Таатта оройуонугар мин лиэксийэ аахпатах, дакылааттаабатах биир да нэһилиэгим, учаастагым, пиэримэм, сайылыгым суоҕа”, — диэн аҕам кэпсиирэ.
1963 сыллаахха Таатта Чурапчыга холбоһон, төрөөбүт дойдутугар Кириэс-Халдьаайыга көһөн киирбиппит. Баартыйа Индигиирдээҕи, онтон Томпотооҕу оройуоннааҕы кэмитиэттэригэр инструктордаабыта, “Томпо” сопхуос парткомун сэкирэтээринэн, сопхуоһугар социалистическай куоталаһыыны тэрийэр, түмүгүн таһаарар исписэлиис быһыытынан үлэлээбитэ.
Кэлин сааһыран олорон, «Саҥарар Кириэс-Халдьаайы» диэн араадьыйанан биэриини тэрийэн, 13 сыл устата ыыппытын олохтоохтор билиҥҥэ диэри өйдүүллэрэ буолуо. Бу биэриилэригэр бастаан аан дойду балаһыанньатыттан олус да интэриэһинэйдик кэпсиирэ, дойду, оройуон сонунун, үлэҕэ куоталаһыы түмүктэрин, үлэ хаамыытын туһунан айымньылаахтык аттаран, кыайыылаахтары ырыанан эҕэрдэлээн, музыкальнай тохтобуллаан, дьон болҕомтотун тардарын ааһан, тулуйбакка-тэһийбэккэ кэтэһэр биэриитэ буолбута. Бу идеологическай үлэ саҥа көрүҥэ үлэҕэ куоталаһыыны тэрийэргэ, көҕүлүүргэ, уопсастыбаннай интэриэһи түмэ тардарга улахан күүс-көмө буолбутун өрөспүүбүлүкэ таһымыгар үтүө уопут быһыытынан билиммиттэрэ, биһирээбиттэрэ.
Кини нэһилиэгэр, оройуонугар идеологическай үлэһит, пропагандист уонна уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн, кыраайы үөрэтээччи быһыытынан биллэрэ. Оройуон хаһыатын бастайааннай уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ буолан, сопхуоһун, дьонун-сэргэтин олоҕун куруук оройуонун, өрөспүүбүлүкэтин таһымыгар сырдата турара. Кини ыстатыйалара олохтоох «Кыһыл Знамя» уонна «Кыым», «Социалистическая Якутия» хаһыаттарга, «Хотугу сулус» сурунаалга бэчээттэнэллэрэ. Үлэ бастыҥнарын, сэрии кыттыылаахтарын туһунан астынан суруйара, бартыыйынай тэрилтэ, сопхуос үлэтэ хайдах баран иһэрин, туох кыайыылааҕын, туох итэҕэстээҕин ырытара, бэйэтин санаатын этэрэ. Нэһилиэктэри кэрийэн, кырдьаҕастары кытта кэпсэтэн былыргы үһүйээннэри, кэпсээннэри хомуйара уонна ол туһунан эмиэ хаһыат нөҥүө дьонугар-сэргэтигэр кэпсиирэ.

 

Үгүһү кэпсиир күннүктэр

Кини биир кытта кырдьыбыт дьарыгынан бэйэтин санаатын, көрүүтүн кумааҕыга тиһэн, күннүк быһыытынан суруйан испитэ буолар. Ону ырытан, ааҕан көрдөххө, үксэ төрөөбүт дойдутун историятын, үтүө-мааны дьонун былыргы күүстээхтэриттэн саҕалаан аныгы үлэ килбиэннээхтэригэр, бастыҥнарыгар тиийэ суруйбут эбит. Төрөөбүтэ 95 сылын көрсө кини бэлиэтээһиннэрэ, суруйуулара “Көстөкүүн Харайдаанап: Сурукка тиспит санааларым…” диэн кинигэ буолан тахсыбыта.
Аҕам билиини-көрүүнү сэҥээрэрэ, элбэҕи ааҕара, ырытара, «курдаттыы сүүрүгүрэр үрэҕэ суох күөл сытыйар», олохтон хаалар сатаммат диирэ. Кини күннүктэриттэн Арассыыйаҕа, аан дойдуга кини кэмигэр туох сонун, саҥа буолбутун билиэххэ сөп. Холобур, 1961 сыл муус устар 12 күнүгэр «Түүл дуу, бит дуу?.. Биир нуучча боростуой киһитэ аан дойдуну балтараа чааһынан эргийдэ, өйдөө эрэ, Юрий Алексеевич Гагарин киһи оҥорбут, сытыы өйдөөхтөр айбыт көлөлөрүнэн көтө сырытта!.. Кинилэргэ, Гагариҥҥа айхал диэн мин хаһыытыахпын баҕарабын!.. Ыйга, онтон да атын планеталарга тахсар суол барылланна… Сотору, мин да үйэм бириэмэтигэр ый иэнин үллэстии буолуоҕа… Наһаа уустук тиэхиньикэлэр 3-4 эрэ дойдуга буолбаттара чахчы, 10-20 дойдуга баар буоллахтарына, биир дьоҥҥо туһалаах интэриэс иһин туруохтара суоҕа?» — диэн бэлиэтээн хаалларбыт.
Уларыта тутуу кэмин хапсыһан олох уларыйыытын этинэн-хаанынан билбитэ, ол кэмҥэ суруйбут бэлиэтээһиннэриттэн ааҕар эмиэ сүрдээх интэриэһинэй.
1993 сыл, тохсунньу 24 күнэ: “Саха Президенэ Николаев М.Е. ырааҕы толкуйдаан, саха норуотун өрө тардарга, саха аатын аан дойду түһүлгэтигэр таһаарарга улахан үлэни ыытан эрэриттэн хайа саха үөрбэт, хайа саха эдэр киһитэ санаата көтөҕүллүбэт буолуой? Туох ханнык иннинэ саха ыччата үөрэниэн наада, национальнай каадырдар бэлиитикэҕэ, экэниэмикэҕэ, култуураҕа, наукаҕа ситиһиилэнэн, 15-20 сылынан орто сайдыылаах дойдулары кытта тэҥнэһиэххэ наада”.
Ити курдук, олоҕу көрүүтүн, санаатын сурукка тиһэн испит эбит, тапталлаах аҕам, эһэбит Константин Николаевич Харайданов. Үөрэҕэ суох түҥкэтэх алаас уолчаана төрөөбүт дойдутун, дьонун-сэргэтин күндүтүк саныыр, үрдүктүк тутар, сахалыы санааны, мындыр өйү иҥэринэ улааппыт, барыны-быры дириҥник өйдүүр, анааран толкуйдуур уратылаах, билиини-көрүүнү сэҥээрэр буолан, кини нэһилиэгин олоҕун тутуһан, тэҥҥэ хардыылаан, сырдатан, сайыннаран, ол историятын сурукка тиһэн хаалларан, бэйэтин кэмигэр туспа суоллаах-иистээх олоҕу олорон ааспытын бэлиэтиэхпин баҕарабын.

“Көстөкүүн Харайдаанап кыыһабын, сиэнэбин” диэн киэн тутта этэбит

Кини күн-күбэй ийэбинээн 50-тан тахса сыл бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөн-өйөнсөн, бииргэ олорон эбээ-эһээ буолар дьолун билбиттэрэ. Убайым Евгений Георгиевич Герасимов олоҕун эмиэ үлэҕэ анаабыт, Томпо оройуона сайдарыгар үтүө кылааты киллэрбит дьон-сэргэ ытыктыыр киһитэ этэ. Кини уола, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх үлэһитэ Георгий Евгеньевич Герасимов дьонун туйаҕын хатаран, Томпо оройуонун баһылыгынан талыллан үлэлээбитэ, билигин көмүс хостуур промышленнай тэрилтэ солбуйар дириэктэрэ. Күтүөтэ, Александр Дмитриевич Егоров эппиэтинэстээх үлэлэргэ таһаарыылаахтык үлэлээн, Арассыыйа Металлурдарын бочуоттаах үлэһитэ.
Сиэннэрэ, хос сиэннэрэ бары үрдүк үөрэхтээх үлэһит дьон буолан, үлэлии-хамныы сылдьаллар. Олох салҕанар, аҕам, эһэбит үтүө аата умнуллубат, инники сирдиир, кынаттыыр. “Көстөкүүн Харайдаанап кыыһабын, сиэнэбин” диэн киэн тутта этэбит.

Мария ЕГОРОВА-АРЫЛЫЙА, “Саха сирэ” хаһыат, edersass.ru саайтка анаан

1
0