“Өйдөбүнньүк чүмэчи” аахсыйа патриотическай тыыны уһугуннарар

Улуу Кыайыы 74 сылыгар аналлаах ытык дьоммутун кэриэстиир Бүтүн Арассыыйатааҕы “Өйдөбүнньүк чүмэчитэ” аахсыйа буолан ааста.

edersaas.ru

Санатан эттэххэ, “Өйдөбүнньүк чүмэчитэ” аахсыйа Саха сиригэр 2009 сылтан ыытыллар. Итиэннэ сыллата уонтан тахса тыһыынча киһи чугас дьонун, аймаҕын, биир дойдулааҕын туһугар чүмэчи уурар. Быйылгы тэрээһиҥҥэ 15 тыһыынча киһи таҕыста.

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Саха сиригэр күн бүгүн 100 сэрии бэтэрээнэ баарын ахтан туран: “Биһиги кинилэргэ ураты сылаас, истиҥ иэйиини бэлэхтиэхтээхпит. Дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит сайдарын туһугар бары сырабытын ууруохтаахпыт. Ити, биһиги бүгүҥҥү олохпут туһугар сэриилэспит дьон иннигэр ытык иэспит буолар. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр биһиги дойдубутугар дьон дьоллоохтук олорорун туһугар кыргыһыыга киирбиттэрэ. Бүгүн манна кэлбит ыччат, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрэ өрүү биһиги сүрэхпитигэр буолуохтарын, умнуллумуохтарын кэрэһилииллэр”, — диэн эттэ.

Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын ааттарыттан тыл эппит бэтэрээн, бэйиэт Петр Конкин сэрии толоонугар охтубут доҕотторун ахтан ааста. “1418 түүн, күнүс устата барбыт сэрии толоонугар охтубут дьоммутун кэриэстээри кэлэн турабыт. Бу сэрии хаарыйбатах биир даҕаны дьиэ кэргэнэ суох”, — диэн бэлиэтээтэ уонна бу тэрээһиҥҥэ анаммыт хоһоонун ааҕан иһитиннэрдэ.

Дьокуускай куорат мэрэ Сардаана Авксентьева Саха сириттэн фроҥҥа ыҥырыллыбыт буойуннартан улахан аҥаардара төрөөбүт дойдуларын иккистээн көрөр кыахтара үөскээбэтэҕин санатта. “Бүгүн хас биирдии манна кэлэн турар киһи дойдутун туһугар хорсуннук сэриилэспит эһээтин, аҕатын, аймаҕын кэриэстии кэлэн турар. Биһиги сүрэхпит тэбэрин тухары, биһиги дьоруойдарбыт тыыннаахтар, кинилэр туһунан өйдөбүл өлбөөдүйбэт диэн сөпкө бэлиэтииллэр”, — диэн эттэ.

Хотугулуу Илиҥҥи федеральнай университет 2-с кууруһун устудьуона Констанция Никифорова: “Маннык аахсыйа улууспар Мэҥэ Хаҥаласка эмиэ ыытыллар. Хас сыл ахсын кыттааччыбын. Онтон үөрэххэ киириэхпиттэн иккис сылбын Дьокуускайга буолар тэрээһиҥҥэ сылдьан чүмэчи уурабын. Бу курдук тэрээһин ыытыллара хайаан даҕаны наада. Тоҕо диэтэххэ, биһиги туспутугар хорсуннук сэриилэспит өбүгэлэрбитин ытыктыахтаахпыт, өйдүөхтээхпит. Кинилэр кыайыы туһугар бэйэлэрин толук ууран туран сэриилэспиттэрин хаһан даҕаны умнуо суохтаахпыт. Мин санаабар, “Өйдөбүнньүк чүмэчитэ” ыччакка патриотическай тыыны уһугуннарар. Эбээм Матрена Колесова – тыыл бэтэрээнэ, Федор Поповтуун оскуолаҕа биир паартаҕа олорон үөрэммиттэрэ. Хос эһээм Гаврил Колесов уоттаах сэриигэ сылдьан кыайыыны уһансыбыта. Онон бу тэрээһин миэхэ улахан суолталаах”, — диэн санаатын үллэстэр.

 

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Андрей СОРОКИН уонна ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

0
0