Якутия Сегодня

Муома кырачааннара «Лего-баттлга» оонньоотулар

Муома кырачааннара «Лего-баттлга» оонньоотулар

Муома оройуонун «Туллукчаан» уһуйааныгар оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго «Лего-баттл» күрэх ыытылынна. Улуус  6  уһуйааныттан толкуйдуур, оонньууру  таҥар дьоҕурдаах  иитиллээччилэр куоталастылар. «Кэскил» детсад «Лего-сити» хамаандата кыайыыны ситистэ.


Муомаҕа «Лего-баттл» күрэх иккис төгүлүн буолар.  «Бу куонкурус оҕо толкуйдуур, таҥар-оҥорор дьоҕурун сайыннарар, «лего» оонньуу араас көрүҥүн киэҥ араҥаҕа таһаарар соруктаах тэриллэр», — диэн санаатын үллэстэр «Туллукчаан» оҕо саадын муусукаҕа уһуйааччыта С. В. Атласова.

6 уһуйаан хамаандата конструкторскай талаанын көрдөрдө. Ол курдук «Lego-friends» («Туллукчаан» уһуйаан, сал. И. А. Слепцова), «Кэнчээри» («Кэнчээри», сал. А. К. Васильева, Л. С. Слепцова), «Удача» («Чуораанчык», сал. Е. В. Петрова, Л. А. Кириллина), «Лего-сити» («Кэскил», сал. П. Т. Слепцова), «Богатыри» («Теремок», сал. Н. Н. Слепцова, Г. П. Щепина), «Кораблик» («Чебурашка» уһуйаан, сал. Е. Г. Кузнецова) кытыннылар.

Оҕолор бэйэлэрин билиһиннэрдилэр, леготтан араас оҥоһуктары бэлэмнээн аҕалбыттарын кэпсээтилэр. Биирдиилээн бастыыр иһин бириэмэҕэ схеманан вертолет хомуйдулар. Оттон хамаанданан күрэххэ «Зоопарк» легоны таҥнылар.

Бастакы миэстэ — «Лего-сити» («Кэскил» уһуйаан), иккис – «Кэнчээри», үһүс – «Богатыри» («Теремок») буоллулар. Биирдиилээн күрэххэ Тарасов Радослав («Кэскил») бастаата, Тарабукин Арслан («Теремок») иккистээтэ. Никифоров Герман («Чуораанчык») үһүс миэстэни ылла. Күрэҕи «Туллукчаан» уһуйаан иитээччитэ Е. П. Жиркова уонна муусукаҕа уһуйааччы С. В. Атласова иилээн-саҕалаан ыыттылар. Куонкуруһу үөрэх үлэһиттэрэ В. П. Жиркова, С. Н. Томскай, Ю. А. Корякин састааптаах жюри дьүүллээтэ.

Ааптар: «Индигир уоттара» хаһыат