Нам улууһугар «Өйдүүбүт» миитиҥҥэ хаһааҥҥытааҕар да элбэх ыччат кытынна

Нам улууһугар «Өйдүүбүт» миитиҥҥэ хаһааҥҥытааҕар да элбэх ыччат кытынна

Нам сэлиэнньэтигэр «Өйдүүбүт» миитин Кыайыы скверигэр ыытылынна. Улууспут дьоно-сэргэтэ, үгэс быһыытынан Кыайыы күнэ буолуон иннинэ мустан, геройдуу охтубут буойуннары кэриэстээтилэр. Өйдөбүнньүк чүмэчи уматан, дьоллоох олоҕу уһансыбыттарга ытыктабыл биллэрдилэр.


Нам оройуонуттан 1849 киһи сэриигэ ыҥырыллыбытыттан, 841 саллаат сэриигэ өлбүтүнэн ааҕыллара. Чуолкайдаммыт сыыппаралар этэллэринэн, биһиги оройуоммутуттан сэрии хонуутугар 1117 киһи охтубут, 529 киһи эргиллибит.

«Нам улууһа» МТ баһылыга Ю.И. Слепцов, улуус ветераннарын сэбиэтин председателэ С.Д. Кобякова, Ленскэй нэһилиэк дьаһалтатын ыччат дьыалатыгар специалиһа А. Афанасьев мустубут дьону эҕэрдэлээтилэр.

Улуус баһылыга Юрий Слепцов: «74 сыл анараа өттүгэр сэбиэскэй норуот аан дойдуну немецкэй-фашистскай Германия сабардааһыныттан босхолообута. Бу сыллар тухары дьоллоох, эйэлээх олоххо олорон кэллибит. Биһиги эһэлэрбит, эбэлэрбит, аҕаларбыт, ийэлэрбит фашизм аан дойдуну кыайбатын туһугар турууласпыттара, тыыннарын толук уурбуттара. Бүгүн аҕа көлүөнэ дьон кинилэр хорсун быһыыларын ыччаппытыгар тиэрдээри муһуннубут.

Билигин аан дойдуга Сэбиэскэй Армия Улуу Кыайыытын араастаан токурутуу бара турар. Россия баарын тухары кырдьыктаах дьыалабытын дакаастыы туруохпут.

Бу сквергэ мин эһэм аата суруллан турар. Кини 1942 сыллаахха Курскай Дугаҕа сураҕа суох сүппүтэ. Мин манна кэлэн кини аатын көрөбүн, кининэн киэн туттабын».

Суруналыыс, Сэбиэскэй Армия гвардиятын капитана Иннокентий Иванов «Тыыннаахтар умнубат сыллара» ырыанан сэрии ыар сылларын, тыыннаах хаалбыттар ытык иэстэрин санатта. Нам 2-с №-дээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ Гуляева Таня «Помните», Нам алын сүһүөх оскуолатын үөрэнээччитэ Крымкова Снежана «Зажги свечу памяти» хоһооннору дорҕоонноохтук аахтылар.

Тэрээһин чүмэчилэринэн «Помним» диэн тылы суруйуунан түмүктэннэ. Быйыл үгүс ыччат, аҕам саастаах дьон кэлэн көхтөөх кыттыыны ыллылар. Бүгүҥҥү дьоллоох олохпут иһин сырдык тыыннара быстыбыт буойуннары ытыктыылларын, кинилэр хорсун быһыыларын сыаналыылларын биллэрдилэр.

Эһэлэрбит, эбэлэрбит олорон ааспыт олохторо, улуу кыайыылара үйэлэргэ умнуллубатын!

Ааптар: Анастасия Корякина