Уруучуканан суруллубут ахтыы тугу кэпсиирий?

Иннокентий Кириллович Николаев —  Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, сэрии инбэлиитэ, Аҕа дойду сэриитин II истиэпэннээх уордьанын кавалера.

edersaas.ru

“Нууччалыы билбэппиттэн эрэйдэнии да баара…”

1911 сыллаахха уруккута Байаҕантай улууһугар, билиҥҥи Уус Алдан оройуонун 2 Байаҕантай нэһилиэгэр орто бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтүм. Ийэм эрдэ өлөн үөрэммэтэҕим, 1931 сыллаахха “Туос” табаарыстыбаҕа чилиэнинэн киирбитим. 1936-1937 сс. Байаҕантай нэһилиэгэр бөдөҥсүйбүт холкуоска чилиэнинэн киирбитим.
1941 сыллаахха күһүн атырдьах ыйыгар ити холкуостан аармыйаҕа Нам военкоматынан ыҥырыллан барбытым. Балаҕан ыйыгар Иркутскай куоракка тиийбиппит, онтон Читаҕа үөрэнэ барбытым. Маҥнай Маньчжурия диэн Япония кыраныыссатыгар 1941 сыл сэтинньи ыйга диэри сулууспалаабытым. Сотору фроҥҥа барбытым. Бастаан кыратык Москва куорат таһыгар тохтообуппут, онтон Украинаҕа I стрелковай пехотнай чааска түбэспитим.
(Красноармейскай книжка: 9 стрелковай полк, 3 стрелковай рота стрелок красноармеец диэн сурулла сылдьар. I Украинскай фронт буолуон сөп).
Үөрэҕэ суох буолан, ханнык сирдэрин билбэппин. Ити тиийбит сирбэр 4 суукка кэриҥэ сэрии буолбута. Онно мин өттүкпэр бааһырбытым. Ити 1942 сыллаахха олунньу ыйга этэ. Онтон Киев куоракка госпитальга икки ый сыппытым кэннэ комиссиялаан баран, төттөрү фроҥҥа ыыппыттара.
Салгыы мин Ленинград куорат таһынааҕы кыргыһыыга кыттыбытым. Онно үс суукка кэриҥэ сэриилэһэн кыайбыппыт. Онтон чааска тахсан, 25 хонук сынньаппыттара.
1943 сыллаахха тохсунньу ыйга Ленинград бэйэтин иһигэр киирэн кыргыһыы буолбута. Икки суукканы кыайбакка сылдьан атахпар бааһыран кыргыһыы хонуутуттаy туораабытым. Эмиэ госпитальга барбытым. Онно уҥа атахпын быспыттара. Снаряд оскуолката атаҕым уҥуоҕум алдьаппыт этэ. Госпитальга 5 ый сыппытым. Элбэх куораты кэрийтэрбиттэрэ. Саамай кэлин Томскай куорат госпиталыгар сыппытым.
1943 сыллаахха күһүн балаҕан ыйыгар төрөөбүт дойдубар кэлбитим. Ол кэлэн 1944 сыллаахха диэри холкуоска үүт ыйааччынан үлэлээбитим. Онтон 1944 сыллаахха Бороҕон сэлиэнньэтигэр көһөн киирэн промкомбинакка атах таҥаһын уулларар сыахха үлэлээбитим. 1961 сыллаахха, бэйэм доруобуйам мөлтөөбүтүнэн, олоробун. Сэрии инбэлиитэ буолан, аармыйа биэнсийэтин ылабын. Билигин да Бороҕоҥҥо олоробун. Сэриигэ кыттыбытым иһин саас 1946 сыллаахха “Германияны кыайыы иһин” мэтээл кэлбитэ, 1947 сыллаахха Аҕа дойду Улуу сэриитин II истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаламмытым. Онтон кэлин икки үбүлүөйдээх мэтээллэр: Кыайыы 20 сылыгар уонна “ССР Сэбилэниилээх Күүстэрин 50 сыла” (тоҕо эрэ, Кыайыы 25 сылыгар үбүлүөйдээх мэтээлэ суох эбит). Сэриигэ ханнык да дуоһунаһым суоҕа. Рядовой саллаат быһыытынан Ийэ дойдум иһин охсуспутум.
Хос быһаарыы: Мин нууччалыы билбэппин, ол иһин ити быыһыгар элбэх эрэйдэнии да баара, араас түбэлтэлэр буолбуттара. Ону барытын бу кумааҕыга суруйтарар кыах суох. Сирэй көрсөн олорон кэпсиир буоллар…”.

 

кыыһа Анна Николаева

“Аҕам суруйтарбыт ахтыытын булан ытаабытым…”

-Бу аҕам 1968 сыллаахха, мин тохсус кылааска миэхэ этэн суруйтарбыт ахтыыта итинэн түмүктэммит. Кырдьык даҕаны, мин аҕам Иннокентий Кириллович сэрии саамай бастакы уот кутаатын охсуһууларыгар кыттыбыт эбит. Ол курдук, 3 төгүл кыргыһыы хонуутугар кыттыбытын кэпсиирэ. Ленинграды босхолооһуҥҥа кини аҥаар атаҕын сэрии хонуутугар хаалларан, Ийэ дойдутун көмүскэспит, куораты блокадаттан босхолооһуҥҥа кыттыбыт, — диэн Иннокентий Кириллович кыыһа Анна Николаева кэпсиир.
-Аҕам кэпсиирин курдук, үөрэҕэ суох, үрэх баһын киһитэ, эгэ нууччалыы билиэ дуо? 1941-43 сылларга диэри, лоп курдук 2 сыл устата өлбүтэ да, тыыннааҕа да биллибэккэ сылдьыбыта. 1943 сыл дойдутугар аҥаар атаҕа суох, мас баттыктаах тыыннаах эргиллэн кэлбит эбит.
Мин урут, оҕо сылдьан оҕотук санаабар, аҕабын пионерскай сбордарга сэрии туһунан кэпсииригэр ыҥырдахтарына: “Аҕаа, мин кылааспар кэлимэ, атыттарга бараар”, — диир буоларым. Ол аҕам үөрэҕэ суох буолан, сылдьыбыт сирдэрин нууччалыы кыайан ааттаабат, киһи күлүөн курдук саҥарарыттан кыбыстар этим.
Билигин сааһыран баран, кэмсиммитим иһин хайыам баарай? Хата, бу эргэ тэтэрээт 2,5 лииһигэр от күөҕэ шариковай уруучуканан мин бэйэм илиибинэн суруллубут ахтыытын былырыын сайын, 2003 сыллаахха эргэ валетка чымыдаантан суруктарым быыстарыттан булан баран, үөрүүбүттэн ытаабытым. Ол иннинэ аҕам туһунан биир да ахтыыта суох буолан, саатар ханнык да Кыайыы өйдөбүнньүгүн кинигэлэригэр киирбэккэ хаалла. Онно бэйэбин буруйданабын.
Аҕам кэлин кырдьыга доруобуйата мөлтөөн, улаханнык үлэлээбэтэҕэ, арай дьиэтигэр олорон атах таҥаһын тигэр, улларар этэ. Ийэм үлэтигэр көмөлөһөр этэ (промкомбинакка харабыллаан).
Аҕам бүтэһигин Кыайыы 25 сылын юбилейын көрсүбүтэ, ити ыам ыйыгар 1970 сыллаахха этэ. Хараҥа Төрдүгэр сэриигэ барбыттарга обелиск туруорбуттара, онно сылдьыбыта. Ити сыл күһүнүгэр сэтинньигэ ыалдьан өлбүтэ.

Анна Иннокентьевна ийэтэ Аграфена Калининская эмиэ сэрии уонна тыыл бэтэрээнэ этэ. Иккиэн сэрии иннинэ, 1941 сыллаахха ыам ыйыгар сааскы ыһыы кэмигэр билсибиттэр. От үлэтэ бүттэҕинэ, күһүн ыал буоларга былааннана сырыттахтарына, алдьархайдаах сэрии саҕаламмыта. Иннокентий Николаев сэриигэ бааһыран, 1943 сыллаахха төннөн кэлбитин кэннэ, биир сылынан ыал буолбуттар. 1945 сыллаахха бастакы оҕолоро күн сирин көрбүт.
Анна Николаева: “Ийэм Аграфена Гаврильевна “Өйдөбүнньүк” кинигэҕэ киирбитинэн киэн туттабыт. Арай, аҕам барахсан, тоҕо эрэ, киирбэккэ хаалбыт. Билигин ити кинигэни салгыы оҥороллоро буолуо дуо, ааттара умнуллан хаалбыт дьон син баара буолуо…”, — диэн хомолтотун үллэстэр.

Николаевтар  сиэннэрэ, хос сиэннэрэ эбэлээх-эһэлэрэ эйэлээх олох иһин олохторун толук уурбуттарын умнубаттар. Хос сиэннэрэ, Дьокуускай куорат техническэй лисиэйин үөрэнээччилэрэ Юля, Ян Николаевтар кинилэргэ анаан оҥорбут альбом-кинигэлэрин санаатахтарын аайы ылан көрөллөр, чуолаан Кыайыы күнүгэр, дьиэ кэргэнинэн уларса сылдьар күндү өйдөбүнньүккэ кубулуттулар.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru

1
0