Байыаннай тиэхиньикэ параада

Кыайыы болуоссатыгар сыллата байыаннай тиэхиньикэ быыстапката, параада тэриллэр. Дьон-сэргэ, оҕо аймах сөбүлээн көрөр тэрээһинэ. Быйыл даҕаны ити үгэс кэһиллибэтэ.

edersaas.ru


Тиэхиньикэҕэ олорон хаартыскаҕа түһэр, арыйан чинчийэн көрөр, оннооҕор үрдүгэр ыттан тахсар көҥүллэнэр буолан, төрөппүттэр оҕолорун кыра эрдэҕинээҕитин хаартысканан, видеонан хото үйэтитэллэр.

Дьокуускайдааҕы автодорожнай тиэхиньикум 3-с кууруһун устудьуона Семен Пермяков: “Тиэхиньикумҥа түмэли кытта кыттыһан куруһуок тэрийбиттэрэ. Онно сэҥээрэн сылдьабын, бу быыстапкаҕа кэллим. Массыынабыт аата ГАЗ-67 Б. Туох даҕаны хаппырыыһа суох, сэриини барытын ааспыт, хамандыырдар массыыналара. Биллиилээх маршаллар, хамаандыырдар маннык массыынанан айанныыллара. Норуокка “козлик” диэн аатынан биллэр”, — диэн кэпсиир.

Быйыл Прометей микро-оройуоҥҥа Автомобильнай тырааныспар түмэлэ аһыллыахтаах, онно бүгүҥҥүтээҕэр өссө элбэх тиэхиньикэни көрдөрүүгэ туруорар былааннаахтар диир.

Манна даҕатан эттэххэ, эдэр мэхээнньик аармыйаҕа сылдьан ытык иэһин төлөөн кэлэн баран, олоҕун идэтин кытта ситимниир санаалаах: “Бэбиэскэбин тутан олоробун. Ол кэнниттэн салгыы массыыналарбын кытта «тустар» толкуйдаахпын”, — диэн былаанын үллэстэр.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

0
0