Хааннаах сэрии аҕалбыт алдьархайын туһунан киһи эрэ кутун-сүрүн уйадытар тыллардаах уонна кыраһыабай матыыптаах ырыалары үгүс киһи реквием уонна таҥараттан көрдөһүү ырыатын курдук ылынар.
Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан ырыалартан биир бастыҥнара – Расул Гамзатов тылларыгар, Ян Френкель матыыбыгар суруллубут “Туруйалар” үөскээбит устуоруйата эмиэ ураты уонна умнуллубат ис хоһоонноох.
edersaas.ru
Аҕыйах сыллааҕыта бу ырыа сахалыы тылбааһыгар уһуллубут килиип үгүс киһини долгуппута. Маннык тылбааһы Аҕа дойдутун Улуу сэриитигэр Кыайыы 70 сылыгар анаан, Мэҥэ Хаҥалас оройуонун И.М.Сосин аатынан киин бибилэтиэкэтин библиограба Надежда Сидорова оҥорбута, режиссер Иван Кривогорницын килиип устубута. Килиипкэ Надежда Васильевна аҕата, сэрии бэтэрээнэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун уонна Чыамайыкы нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Василий Тихонович Прокопьев уһуллубута. Ырыатын Надежда балта, Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырын хорун артыыската Варвара Борисова толорбута.
ЖУРАВЛИ
“Мне кажется порою, что солдаты,
С кровавых не пришедшие полей,
Не в землю эту полегли когда-то,
А превратились в белых журавлей.
Они до сей поры с времен тех дальних,
Летят и подают нам голоса.
Не потому ль так часто и печально
Мы замолкаем, глядя в небеса?
Летит, летит по небу клин усталый —
Летит в тумане на исходе дня,
И в том строю есть промежуток малый —
Быть может, это место для меня!
Настанет день, и с журавлиной стаей
Я поплыву в такой же сизой мгле,
Из-под небес по-птичьи окликая
Всех вас, кого оставил на земле.
“Сэриигэ охтубут буойуннар
Сиргэ симэлийэн хаалбаккалар,
Санаабар үөр туруйа буоланнар,
Салгыҥҥа сэлэлии көтөллөр.
Көтөллөр ол ааспыт кэми саната,
Көтөллөр сүрэхпитин ытата,
Туруйалыы хаһыытыы, кылана,
Доҕотторун ыҥыра, аймана.
Көтөр үрдүк халлааҥҥа үөр туруйа,
Көтөр түүҥҥү тумарык быыһынан,
Кинилэри баҕар эмиэ батыһа,
Дьайыаҕым кый ыраах үрдүккэ.
Устуом үрүҥ тумаҥҥа сууланаммын,
Эһигини бу сиргэ хаалларан,
Туруйалыы хаһыытыы, кылана,
Доҕотторбун ыҥыра, аймана…”
Бу ырыаны билигин оҕолор да, улахан да дьон сөбүлээн ыллыыллар.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru