Сэрии бэтэрээнэ Николай Назаров туһунан

Быйыл, муус устар 13 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ Ытык олохтооҕо, Социалистическай Үлэ Дьоруойа, Ленин уонна Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннардаах, Арассыыйа үтүөлээх агронома, Сэбиэскэй Сойуус Үрдүкү Сэбиэтин түөрт ыҥырыытыгар дьокутааттаабыт Екатерина Новгородова 90 сааһын томтойо туолбута.

Бүгүн биһиги Екатерина Иннокентьевна үлэтигэр-хамнаһыгар бөҕө тирэх буолбут, кытта кырдьыбыт аргыһын, кэргэнин, сэрии уонна үлэ бэтэрээнэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ытык киһитэ Николай Семенович Назаров туһунан сырдатыахпытын баҕарабыт. Онон мантан салгыы кини кэпсиирин истиэҕиҥ:

Ийэ дойдубут кыаҕар эрэлбит улахан этэ
Мин 1925 с. I Тыыллыма нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Аармыйаҕа 1943 с. холкуос балыксыттарын биригээдэтигэр үлэлии сылдьан ыҥырыллыбытым. Монголия сиригэр турар 17-с армия, 61-с дивизиятын, 61-с мотострелковай полкатыгар сулууспалаабытым. Илиҥҥи боруоҥҥа, Японияны утары сэриигэ кыттыбыт дьон сулууспабыт дьылҕата майгыннаһара буолуо. Ол бастатан туран, уһун бэлэмнэнии уонна күүтүү. Иккиһинэн, 1945 сыл балаҕан ыйыттан сэриигэ киирии.

1945 сыл атырдьах ыйын 9 күнүгэр бойобуой түрүбүөгэнэн стройдааһын буолбута, Иосиф Сталин милитаристскай Японияны утары сэриини биллэрэр туһунан бирикээһин аахпыттара. Сэриигэ Монголия аармыйатын кытта бииргэ киирбиппит. Тус бэйэм сэрии бүтэһик сылларыгар илиҥҥи кыраныыссаҕа тугу да тулуппат модун күүс мунньуллубутун курдук саныырым. Онтон арҕааттан эбии күүс кэлбитигэр Ийэ дойдубут кыаҕар, сэрии кыайыынан түмүктэнэригэр эрэлбит улааппыта. Билигин арааһы кэпсииллэр, онтон биһиги оччолорго кимэн киириилэргэ Ийэ дойдубут уонна Сталин аатын тэҥҥэ ааттаабытынан турунарбыт, ол дууһабыт, сүрэхпит иэйиитэ этэ.

Дьэ, бирикээһи истээт, полкабыт тута сэриигэ киирбитэ. Бастакы сүрэхтэниини Болтай тимир суол ыстаансыйатыгар өстөөх эшелонун урусхаллааһыҥҥа ылбытым. Уматыктаах систиэринэлэр дэлби тэбиилэрэ, тула уот, баһаар, тохтоло суох ытыалаһыы, өлөрсүү… Дьулаан хартыына этэ. Кэрээниттэн тахсыбыт өстөөх күүстээх утарсыыны оҥорбута. Онно көрбүтүм күүһү күүс кыайарын. Салгыы Вениямо куораты атаакалаабыппыт. Сэрии быраабылатынан күүстээх артиллерийскай бэлэмнэнии, буомбалааһын кэнниттэн атаакаҕа туруммуппут. Разведчиктар чугуйбут өстөөх саллааттара куорат таһыгар кукуруза үүнэр хонуу кэтэҕэр хайаларга саһан сыталларын, тоһуур оҥорбуттарын биллэрбиттэрэ. Кылгас да буоллар, ынырыктаах кыргыһыы буолбута. Салгыы Тонаны, Мукдены ылан, Лиолянь куоракка тии­йэн тохтообуппут. Балаҕан ыйын 3 күнүгэр милитаристскай Япония биир тыла суох бэриниитинэн сэрии түмүктэммитэ. Мин дойдубар 1947 сыл муус устар бүтүүтэ демобилизацияланан кэлбитим.

Дьылҕа Хаан тургутуута
Аармыйаттан эргиллэн кэлэн, Марфа Николаевна Григорьева диэн кыыһы кытары ыал буолан, дойдубар олохсуйбутум. 1970 с. Ороссолуодаҕа үлэлии сырыттахпына, бииргэ төрөөбүт убайым кэргэнэ, саҥаһым, оһолго түбэһэн өлбүтэ. Онуоха доҕотторум Павловскайга баран биригэдьиирдээ, убайгар чугас сырыт диэн сүбэлээбиттэрэ. Инньэ гынан, Павловскайга, оччолорго Ленин аатынан сопхуос киин уһаайбатыгар, көспүтүм. Икки сыл буолан баран, кэргэним Марфа Николаевна сүрэҕинэн ыалдьан өлбүтэ… Онон, биэс оҕолоох огдообо хаалбытым. Кырам уон биир саастааҕа, улаханым аармыйаҕа сылдьара.

Кэргэним барахсан баарыгар бэлэмҥэ сылдьыбыт киһи, салгыы хайдах олоробун, оҕолорбун иитэбин диэн толкуй бөҕөҕө түспүтүм. Быыһыгар, кырдьыгынан эттэххэ, ытаан-соҥоон да ыларым. Таҥас сууйуута, ас астааһына диэн баар эбит! Онон кыһалҕа кыһарыйан, дьахтар булунар санааҕа кэлбитим.

Хаптаҕайга олох олоро кэлэбин
Толкуйдаан-толкуйдаан бараммын, биир үтүө күн хорсуммун киллэрэн, Хаптаҕайга, Кэтириис Новгородоваҕа, суруйан сурулаппытым. Суруйар туһунан быһаарыы хайдах киирбитин билигин да сөҕөбүн. Кини биһикки төһө даҕаны икки аҥы отделениеҕа олордорбут, биир сопхуос биригэдьиирдэрэ син билсэр-көрсөр буоллахпыт. Кини оччолорго өссө дьокутаат, этэргэ дылы, киһи эрэ мээнэ чугаһаабат улахан киһитэ этэ. Ол эрээри кэргэнэ Егор Дмитриевич Олорчехонов олохтон туоруоҕуттан уон биэс сыл соҕотоҕун, оҕолорун кытта олорбута. Дьиэтин-уотун көрөрүгэр, маһын-отун хааччынарыгар эмиэ кыһалҕаланнаҕа дии. Мин оччолорго толкуйум оҕолорбун хайдах иитэбин диэн этэ. Хайа уонна сүрэхпинэн сөбүлүү көрбүтүм кини эрэ буолан суруйдаҕым.

Онуоха кини Хаптаҕайтан барар санаам суох, сөбүлүүр буоллаххына, бэйэҥ оҕолоргун кытта көһөн кэл диэн суруйбута. Дьэ, онтон барыта быһаарылыннаҕа дии. Быйыл күһүн ыал буолбуппут 47 сылын туолар. Холбоһуохпутуттан биирдэ киҥир-хаҥыр саҥарсыбакка, хардарыта көмөлөсүһэн олоробут.


Кыайыы күнүн хайаан да бэлиэтиибит
Кэлин, сааһыран баран, куоракка киирэн кыстыыбыт. Хаалыктаах хаамыынан дьарыктанар этибит. Астынабыт, киһи үөрүйэхтэнэн хаалар. Билигин кырдьан, куттанан, ыраах барбаппыт. Ол оннугар бодоруускалаһан баран, Ленин болуоссатын хаста да эргийэн кэлэбит.

Саас буолла да, дойдубутугар Хаптаҕайга тахсабыт. Онно оҕуруот аһын ыһабыт. Мин хаһыат, кинигэ ааҕабын, Кэтириис билиҥҥэ диэри хаппыыстатын кинигэтин ааҕа сылдьар.
Урукку сыллартан олохсуйбут биир үгэстээхпит — Кыайыы күнүн хайаан да бэлиэтиибит. Хаптаҕайга үөлээннээхтэрбитин, бэтэрээннэри ыҥыран дьиэбитигэр чэйдэтэбит. Хомойуох иһин, доҕотторбут сыллата аҕыйаан иһэллэр…

Түмүк оннугар
Кэтирииспэр махталым улахан. Тылбын ылынан, кэргэн тахсан, оҕолорбутун атахтарыгар туруордубут. Кини кэлбэтэҕэ буоллар, туох дьылҕаланыахпытын ким билэр? Оҕолорбутунан, ыччаттарбытынан угуттанан олоробут, отучча сиэннээхпит, биир оччо хос сиэннээхпит, аны хос-хос сиэни күүтэбит.

Уһун үйэлэнии – дьол. Күн сырдыга баҕалаах. Кырдьар сааска соҕотохсуйар куһаҕан. Киһи барытын тулуйар эрээри, соҕотохсуйууну кыайбат. Аҥардас хаалбыт дьону аһынабын. Кэтириис биһикки бэйэ-бэйэбитин сүрдээҕин суохтаһабыт. Биирбит эмэ эрдэ “барбыта” буоллар, ыарахан ээ, бу сааска тиийэрбит. Онон, бар дьоммор соҕотохсуйуу муҥун билимэҥ диэн баҕа санаабын тиэрдэбин, алгыспын этэбин. Кыайыы күнүнэн!

Екатерина Захарова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru анаан.

0
0