Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө — өрөспүүбүлүкэҕэ Кыайыы сыла

Бүгүн, Улуу Кыайыы күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев 1941-1945 сылларга өстөөх саба түһүүтүттэн төрөөбүт дойдуларын босхолообут, кэлэр көлүөнэҕэ бүгүҥҥү эйэлээх олоҕу бэлэхтээбит сэрии бэтэрээннэригэр, хорсун буойуннарга сүгүрүйүү, ытыктабыл бэлиэтин — тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн өйдөбүнньүк монумеҥҥа уурдулар.


Кыайыы харах уулаах, дойду үрдүнэн мөлүйүөнүнэн дьон сүтүктээх кэлбитин, үгүс саллааттар кыргыһыы хонуутугар хаһан да эргиллибэттии охтубуттарын кутурҕан мүнүүтэтэ санатта.


«Аан дойду эйэлээх олоҕун иһин сырдык тыыннарын толук ууралларын кэрэйбэккэ сэриилэспит саллааттарга, тыылга үлэлээбит, Кыайыыны уһансыбыт сахабыт дьонугар сүгүрүйэбит, киэн туттабыт, махтанабыт. Эһиил Улуу Кыайыы 75 сылын көрсүөхпүт. Онно бэлэмнэнэн, 2019 сыл ыам ыйын 9 күнүттэн өрөспүүбүлүкэҕэ Улуу Кыайыыга анаммыт «Эһиги хорсун быһыыгыт — көлүөнэ ситимин сүрэҕэр» диэн сылы биллэрэбит.
Мин эһэм Андрей Титович Титаров Сталинград кыргыһыытыгар сэриилэһэн, дойдутугар, дьиэтигэр кыайыылаах эргиллэн кэлбитэ. Сахабыт сириттэн сураҕа суох сүппүт буойуннар ситэ үөрэтиллэ иликтэр, төрөөбүт дойдуларыгар кинилэр сырдык ааттарын көмүс буукубанан суруйан өйдөбүнньүккэ киллэрии — биһиги ытык иэспит», — диэн эттэ Ил Дархан Айсен Николаев.
Кинини сэргэ, Улуу Кыайыы күнүгэр параакка мустубут бар дьону Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев, сэрии бэтэрээнэ Михаил Попов эҕэрдэлээтилэр.


Марианна ТЫРТЫКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

0
0