Күндү Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара – хорсун-хоодуот буойуннара, икки хараҥаны ыпсаран, тоҥору-хатары билиммэккэ үлэлээбит тыыл уонна үлэ бэтэрээннэрэ!
Эһигини Улуу Кыайыы күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Быйылгы 2019 сыл бары сэрии, тыыл бэтэрээннэригэр олус долгутуулаахтык ааһара чахчы. Эһиил дойдубут бүттүүнэ, Саха сирэ Улуу Кыайыы 75 сылын өрөгөйдөөхтүк бэлиэтээри бэлэмнэнэр. Онон ити бэлиэ даатаҕа бэтэрээннэрбит барахсаттар чэгиэн-чэбдик, этэҥҥэ үктэнэллэрин туһугар бары кыаллары оҥоруохтаахпыт.
Сыл-хонук төһө да аастар, Аҕа дойду Улуу сэриитин ыар сыллара хас биирдии дьон сүрэҕэр умнуллубат баас буолан өрүү саната сылдьаллар. Оччотооҕу буорах сыттаах суруктар, саһарбыт хаартыскалар, эһээлэрбит, эбээлэрбит бэрт кичэллик харайбыт бойобуой наҕараадалара, “Ыстаалын төбөлөөх” мэтээллэрэ бу “тыыннаахтар умнубат сылларын” өрүү да саната туруохтара. Эһиги, бүтүн Сэбиэскэй норуоттуун хорсуннук бииргэ сэриилэспит, Кыайыы туһугар тыылга үлэлээбит дьон, биһиэхэ бүгүҥҥү дьоллоох олохпутун бэлэхтээбиккит иһин махтанабыт. Бүгүн аны ити хардатын үтүөнэн төлүүр иэстээхпитин олох умнуо суохтаахпыт. Эһиги олоххутун төһө кыалларынан уһатан, дьоллоох кырдьар сааһы бэлэхтиэхпит диэн эрэнэбин.
Хас дэриэбинэ, куорат аайы туруоруллубут өйдөбүнньүктэри көрөн-истэн, хас биирдии бэтэрээни чопчу учуокка ылан, кинилэргэ көмөлөһөр, күннээҕи олохторун-дьаһахтарын чэпчэтэр ытык эбээһинэстээхпит. Ону умнуо суохтаахпыт.
Ытык дьоммут! Улуу Кыайыы күнүн сэргэхтик көрсүҥ, чэгиэн буолуҥ!
Руслан Федотов,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бар дьонун дьокутаата.