Ханна шашлыктыахха сөбүй?

Халлаан сылыйан тыаҕа, хонууга дьаарбайарга, шашлыктыырга анаабыт курдук күн-дьыл туран биэрдэ. Бачча үчүгэй күннэргэ дьиэҕэ хаайтаран олорор табыллыбат да курдук. Ол эрээри, түбэһиэх сиргэ уот оттор көҥүллэммэт. Оччотугар ханна шашлык буһарабыт, диэн ыйытыы күөрэйэр.

edersaas.ru

Дьокуускай куорат баһылыгын дьаһалынан нэһилиэнньэ анал сынньанар сирэ ыйыллыбыта. Дьокуускай куорат уокуругар, уопсайа, түөрт көҥүллэнэр сир баар:

    1. Кангаласска беседкалаах тумуска (Өлүөнэ өрүскэ таас чоҕу тиэйэр сир чугаһыгар)
    2. Покровскайдыыр тракт 25 км — “Синньигэс” күөл хаҥас биэрэгэ (Табаҕа сэлиэнньэтэ)
    3. Намныыр тракт 22 км – суол хаҥас өттүгэр (Тулагы-Киллэм нэһилиэгэ)
    4. Покровскайдыыр тракт 20 км – суол уҥа өттө (Хатас бөһүөлэгэ).

Итинтэн атын сиргэ уот оттор көҥүллэммэт. Баччаларга баһаар саҕаланар кэмэ. Онон ордук сытайан туран бэрэбиэркэлииллэр. Өскөтүн, уот тахсыбытын көрдөххүтүнэ тута Саха сирин ойуурга хаһаайыстыбатын 8(4112)44-74-76 суһал нүөмэригэр биллэриҥ.

 

“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

0
0

Добавить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Обязательные поля помечены *