“Арктика – бу дойду ураты чааһа. Ураты баһылааһыны эрэйэр сир-уот бүгүн национальнай куттал суох буолуутун эрэ өттүттэн буолбакка, экэниэмикэ өттүгэр эмиэ стратегическай суолталаах. Арктика сирин-уотун киэҥ иэнин бас билэр Арассыыйаҕа Арктика зонатын туһунан тирэх федеральнай сокуон уонна дойду Арктикатааҕы сирин-уотун састаабын туһунан чопчу өйдөбүл суоҕа”, — диэтэ Саха сирин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев.
Кини Саха сирэ араас былаһааккаларга федеральнай сокуону оҥорор наадатын туһунан бэйэтин этиилэрин хаста даҕаны киллэрбитин бэлиэтээтэ: “Бу тулалыыр эйгэни харыстааһын эйгэтигэр судаарыстыбаннай бэлиитикэ, экологияҕа кэтээн көрүү, этнологическай чинчийии, Хоту дойду аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын төрүт үгэстэрин уонна олорор сирдэрин харыстааһын уо.д.а. туһунан”.
“Арассыыйа Арктикатааҕы зонатын састаабын туһунан боппуруос Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын таһымыгар уһуннук дьүүллэһиллибитэ, түмүгэр дойду бэрэсидьиэнин туспа актатынан Арктика зонатын састаабын быһаарарга этиллибитэ. Өрөспүүбүлүкэ салалтата 13 муниципальнай оройуону Арассыыйа Арктикатааҕы зонатыгар киллэриини тиһиктээхтик туруорсубута”, — диэтэ Петр Гоголев.
Кини Саха сиригэр Арктика зоната сир-уот 52,2 % ыларын, итиннэ 13 оройуон киирэрин бэлиэтээтэ.
“Саамай сытыы кыһалҕаларынан тырааныспар инфраструктурата сайдыбатаҕа, уотунан хааччыллыы мөлтөх туруктааҕа, экэниэмикэ салааларыгар оҥорон таһаарыы кээмэйэ аччааһына, төрүт дьарыктар мөлтөөбүттэрэ буолар. Ити түмүгэр Арктикаҕа олорор нэһилиэнньэ ахсаана аҕыйыыр. Холобур, 13 оройуоҥҥа нэһилиэнньэ ахсаана 1990 сылтан 2,2 төгүл аччаата, өскөтүн 1990 сыллаахха 148,2 тыһыынча киһи олорбут буоллаҕына, 2019 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан нэһилиэнньэ ахсаана — 67,714 тыһ. киһи”, — диэтэ Саха сирин парламенын бэрэссэдээтэлэ.
Ол иһин Арассыыйа Бэрэсидьиэнин дойду Арктикатааҕы зонатыгар Саха сирин Арктикатын 8 улууһун киллэрэр туһунан быһаарыытын өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо өрө көтөҕүллэн туран иһиттилэр.
Ил Түмэн пресс-сулууспата