Таатта улууһа халаан уутун аһарарга бэлэм олорор
Таатта оройуонугар ууга барыан сөптөөх 5 нэһилиэнньэлээх пуун баар. Амма өрүс сүнньүгэр сытар Чымынаайы, Харбалаах, Даайа Аммата, Алдан эбэҕэ – Хара Алдан, Ытык Күөл бөһүөлэктэрин кэтииллэр. Улуус баһылыга М.М.Соров дьаһалынан үрдүкү бэлэмнээх буолуу режимэ биллэриллэн турар.
Ыам ыйын 10 күнүттэн Тааттаҕа гидропостар үлэлээн барбыттара. Улуус Гражданскай оборонаҕа сүрүннүүр исписэлииһэ Юлиан Ильич Андреев кэпсииринэн, икки бастайааннай гидропост Харбалаахха уонна Ытык Күөлгэ баар, быстах кэмҥэ Чымынаайыга, Хара Алдаҥҥа үлэлиир.
«Билигин түөрт чаас буола буола Амма, Алдан өрүстэргэ муус барыыта, уу таһыма мээрэйдэнэ турар. Быйыл муус чараас буолан балаһыанньа арыый да холку курдук. Халаан уута Дьокуускайдааҕы УГМС барыллаан таһаарбыт прогноһунан баран иһэр. Ууга барыан сөптөөх 5 нэһилиэнньэлээх пуун баар. Амма өрүс сүнньүгэр сытар Чымынаайы, Харбалаах, Даайа Аммата, Алдан эбэҕэ – Хара Алдан, Ытык Күөл бөһүөлэктэрин кэтии сылдьабыт», — диир Юлиан Ильич. «Бу нэһилиэктэргэ ыксаллаах быһыы-майгы үөскүүр түгэнигэр быстах кэмҥэ олорор сиринэн, аһынан-үөлүнэн, эминэн-томунан хааччыйарга бэлэмнэр. Дьону эвакуациялыырга 113 киһи, 36 техника, 14 устуука мотуордаах оҥочо туһаныллыахтара», — кэпсиир кини.
Сыл аайы Чурапчы улууһун Хатылы бөһүөлэгэр уу мунньуллар, туолаары гыннаҕына ыыталлар диэн этэр. «Билигин халаан уута этэҥҥэ ааһан иһэрин да үрдүнэн уустук балаһыанньаҕа бэлэмнэнэн олоробут. Былырыын Чурапчыга Куоҕалы гидропост алдьанан ууга эмискэ барбыппыт. Билигин Хадаайы, Буочаҕай үрэхтэр хайдах уу киллэрэллэриттэн, эбиитин биирдэ-иккитэ ардаатаҕына балаһыанньабыт уустугуруон сөп», — диэтэ кини.
Ыам ыйын 13 күнүттэн Таатта улууһугар СӨ быыһыыр сулууспатын ГКУ бастакы солбуйаччыта В.В.Тарскай кэлэн үлэлии сылдьар. Бу күннэргэ үрэхтэри, өрүстэри көрдүлэр.
Ааптар: С.Халгаева, Ж.Бурмистрова хаартыскалара