Нам асчыттара Ыһыах аһын астыырга үөрэннилэр

Нам асчыттара Ыһыах аһын астыырга үөрэннилэр

Нам улууһугар Иннокентий Тарбахов, Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэлэр чэрчилэринэн, саха аһыгар маастар-кылаас ыытта.
Уопсайа 40 асчыт үөрэннэ, 15 асчыкка квалификация иҥэрилиннэ.


Бастакы күн Нам асчыттарыгар теоретическай билиини биэрдэ. Ыһыахха туох ас-үөл астанарын, санитарнай ирдэбиллэр, тус гигиена тустарынан кэпсээтэ. Истээччилэр маастар шах-плову, 3 суол саламааты, дьиэ халбаһыытын, сандалы бэрэскини кылгас кэм иһигэр астаан көрдөрдүбүтүн олус сэргээтилэр, тутан-хабан астаһан дуоһуйдулар.
Иннокентий Тарбахов: “Урут “Сандалы” остолобуой баар эрдэҕинэ, Нам саламаата Саха сиригэр аатырара. Ону састаабын барытын тутуһан оҥордоххо, дьэ, билигин намнар ааккыт аттаныаҕа. Ыһыах кэмигэр итиилии, буруолуу сылдьар саламаатынан дьону-сэргэни күндүлүөххэ наада.
“Сандалы” остолобуой сандалытын дьиҥнээх рецебын тутуһан, фаршыгар эмис биэ хаһатын кырбаан эбии куттахха амтана тупсар. Саха киһитэ сүөһүнү астаан баран, тугу да бырахпат идэлээх. Шашлыкка үчүгэй эрэ эт барар. Онтон хаалбытын эмиэ туһаҕа таһаарыахха сөп. Сибиинньэ сыалаан, чесноктаан, туустаан-тумалаан көрдөрдүм. Сулуллубут эти иккитэ эрийтэрэн, сибиинньэ этин, бульонун кыратык эбэн, биэрэстээтэххэн олус минньигэс халбаһыы тахсар. Кыратык оргутан, ол кэнниттэн куурдан, чоххо икки өттүнэн ыһаарылаан биэрдэххинэ, сылаас, минньигэс бүлүүдэни хайа киһи, ама, сөбүлүө суоҕай?
Семинар кыттыылаахтара аспытын амсайан, сөхтүлэр-махтайдылар. Иккис күн дьиэҕэ сорудах биэрдим. Ол курдук, оскуола, интернат, детсад, кафе асчыттара 1 тэрилтэлэрин аһын, 1-дии эт, балык, 2 сөбүлээн астыыр бүлүүдэлэрин аҕалан көмүскээтилэр. Хас биирдии кыттааччы кыһанан-мүһэнэн астаан, остуолун маанытык тардан, көхтөөхтүк кытынна. Хорчуопкаҕа астааччылар туоһу сурук ылаллар. Идэтийбит асчыттар таһымнарын үрдэттилэр”.

Вероника Верховцева, предприниматель, Нам с.: “Кэргэмминээн “Минньигэс” диэн кондитерскай оҥоһуктары атыылыыр тэрилтэлээхпит. Бүгүн ыһыах тематыгар 2 торт көрүҥүн аҕаллыбыт: шоколаднай уонна бисквитнэй. Биирэ “Кыыс торда” диэн ааттаах. Кыыс дэйбиирэ торт олбоххо сытар, аттыгар сардаана сибэкки, хомус баар. Иккис торт — иһэ шоколадтаах, таһа мастика кытыйаҕа ытыктаах күөрчэх. Маны таһынан ньургуһун моһуоннаах пирожнайы, духуопкаҕа фольгаҕа буспут хатыыһы оҕуруот астарынан киэргэтэн, остуолга уурдубут. Собо тылын сүөгэйдээн, фольгаҕа суулаан баран, духуопкаҕа буһаран ыллыбыт, онтон үтэһэҕэ астыбыт. Муксун балыгы хортуоппуйу кытта сүөгэйдээн фольгаҕа суулаан, тайах этин оҕуруот аһын эбэн, сылгы ойоҕоһун духуопкаҕа фольгаҕа буһардыбыт. Таба этин уонна ис сыатын суулаан, рулет оҥордубут. 2 көмөлөһөөччү уоллаахпын: Верховцев Леня уонна Неустроев Илья. Кинилэр иккиэн разряд ылаары кытыннылар. Мин бэйэм разрядпын үрдэттим”.

Дарья Протодьяконова, Модут н.: “Убаһа хаһатын, этин эрийэн, туустаан-тумалаан баран, убаһа очоҕоһугар кутан, дьиэ халбаһыытын уонна балыгынан пирог оҥордум. Хатыҥ Арыыттан күөх от атыылаһан тумаҕа туһанным. Фаршированнай муксун балыгы аҕаллым. Кучу чэйи, хатыҥ уутун утахха анаан таһаардыбыт. Аспын барытын бу сарсыарда сибиэһэйдии буһардым. Вероникалыын хамаанда тэринэн, уопсайа 12 ас, утах араас көрүҥнэрин аҕаллыбыт. Олоҥхо ыһыаҕар ас атыылаары идэбин үрдэттим уонна көҥүл ылан үөрдүм-көттүм”.

Слепцова Лидия Михайловна: “Хатыыһы иһигэр шампиньоннаан, соркуойдаммыт моркуоптаан, лууктаан духуопкаҕа буһардым. Куурусса этин хос-хос ууран салаат оҥордум. Убаһа этин ыһаарылаан баран, духуопкаҕа буһардым. Күөрчэх, чөчөгөйүнэн оҥоһуллубут саламаат аҕаллым. Амма дьэдьэнин боруобаҕа туруордум. 4-с разряды ылан үөрдүм-көттүм”.
Тамара Дмитриевна Лыткина: “Нам техникумугар үлэлиибин. Кууруса этиттэн рулет, бэҕэһээ үөрэппит рецеппынан сандалы оҥордум. Фруктовай салааты сливалаан, яблоколаан, мүөттээн, сүөгэйдээн оҥордум”.
Намнааҕы педколледж производствотын сэбиэдиссэйэ Анастасия Гаврильевна Ядреева фрукта, оҕуруот аһын карвиҥнааһыҥа боруобаламмыт. Балыктан бөрүөк, кулебяка, бэрэски, баахыла, черносливтаах убаһа этин, эт бөрүөгүн буһаран, боярышниктан утах аҕалбыт. Киниэхэ бу тэрээһини ыытарга толору усулуобуйаны тэрийбитигэр махталларын тиэртилэр уонна 6-с разряды иҥэрдилэр.
Аааптар: Анастасия Корякина