Литературнай пикник ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ – гражданскай сэрии кыттыылааҕа, САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, бэйиэт Е.С. Сивцев-Таллан Бүрэ төрөөбүтэ 110 уонна бэйиэт, тылбаасчыт И.Д. Винокуров-Чаҕылҕан төрөөбүтэ 105 сылларыгар ананар. Ыам ыйын 21 күнүгэр Нам сэлиэнньэтин «Эҥсиэли» пааркатыгар ыытыллыаҕа.
Бу тэрээһини СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, СӨ Суруйааччыларын ассоциацията, Нам улууһун култуураҕа, духобунаска управлениета, киин бибилэтиэкэ ситимэ тэрийэн ыыталлар.
Быйыл Намҥа 13-с төгүлүн ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕа буоларынан, улууска Олоҥхо сыла биллэриллибитэ. Онон Литературнай пикник Олоҥхо сылын тэрээһиннэриттэн биирдэстэрэ буолар.
Ыам ыйын 1 күнүттэн бэс ыйын 10 күнүгэр диэри кэтэхтэн куонкурус буолар: ааптардар «Үчүгэй Өлүөнэ ырыаһыта» диэн тиэмэҕэ хоһоон айан ыыталлар.
Онтон пикниккэ тиийбит дьон «Тута хоһуйуу күрэһэр», Поэтическэй турнирга, Чаҕылҕан хоһооннорун уустаан-ураннаан ааҕыыга уонна Таллан Бүрэ, Чаҕылҕан хоһооннорун сахалыыттан нууччалыы тута тылбаастыырга күрэстэһиэхтэрэ.
Ону тэҥэ, суруйааччылар автограф-сессиялара, литературнай түмсүүлэр хоһоон ааҕыылара, тыл этиилэрэ, кинигэ бородууксуйатын атыыта, уо.д.а. тэриллиэҕэ.
Манна ким баҕарар, нууччалыы, сахалыы суруйар ааптардар (18 саастарыттан), ханна олороруттан, ханнык айар сойууска баарыттан тутулуга суох, кыттыан сөп. Ону тэҥэ, бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ, саха тылын учууталлара, литературнай кириитиктэр, издательство үлэһиттэрэ уонна бары литератураны сөбүлүүр, сэргиир дьон кытталлара биһирэнэр. Айан, ас ороскуотун кыттааччылар бэйэлэрэ уйуналлар.
Тэрээһиҥҥэ кыттыахтарын баҕалаахтар бэс ыйын 10 күнүгэр диэри электроннай почтаҕа сайаапкаларын ыытыахтаахтар.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru