Чурапчыга «Сахалыы иитии саргыланнын!» кинигэ сүрэхтэннэ

Бу күннэргэ Чурапчы улууһун «Туллукчаан» уһуйаана «Сахалыы иитии саргыланнын» босуобуйа-кинигэтин сүрэхтээтэ.

edersaas.ru

 Чурапчы улууһун олохтоохторугар биир бэлиэ түгэнинэн «Айылгы» сынньалаҥ киинигэр, туйгун категориялаах этнопедагог, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэхтээһинин үтүөлээх үлэһитэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Далбар Хотун» куонкурус кыайыылааҕа Ирина Захарова бэлэмнээн таһаарбыт «Сахалыы иитии саргыланнын!» босуобуйа-кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.

Уһуйаан сэбиэдиссэйэ Татьяна Ефремова, үлэһиттэр Анна Макарова, Марфа Дьячковская кинигэ бэчээккэ тахсарыгар бэлэмнэспиттэр.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ  Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэлэрин иһинэн үлэлиир Саха сирин норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин киинин үлэһитэ,  өрөспүүбүлүкэтээҕи«Ийэ кут» түмсүү салайааччыта Зоя Сысолятина, СӨ Национальнай институттар оскуолаларын ыстаарсай научнай үлэһитэ Диана Ефимова, «Чуораанчык», «Колокольчик» оҕо сурунаалларын сүрүн редактора Татьяна Жиркова уонна кинигэни эрэдээктэрдээн таһаарбыт СӨ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньаҕын сис кэмитиэтин референэ Светлана Диодорова-Лаврентьева кыттыыны ыллылар.

Кинигэ эрэдээктэрэ Светлана Диодорова-Лаврентьева оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор иитээччилэригэр аналлаах, олус наадалаах кинигэ туһунан бу курдук билиһиннэрэр:

— Ханнык баҕарар норуот оҕотун бэйэтин олоҕор-дьаһаҕар, дьарыгар, төрүт култууратыгар, тулалыыр айылҕаҕа дьүөрэлээн иитэргэ кыһаллар. Онуоха өбүгэ үгэһэ, сиэрэ-туома, итэҕэлэ, үлэтэ-хамнаһа, өйө-санаата өйөбүл, тирэх буолаллар. Оҕону иитии педагогиката дьиэ-кэргэн, норуот үгэстэрин ньымаларыгар тирэҕирэр.

Чурапчы улууһун Чурапчы сэлиэнньэтин оҕо сайдар киинэ «Туллукчаан» уһуйаан (сал. Татьяна Ефремова) норуот үгэстэригэр олоҕуран «Ыал үгэс буолбут күннээҕи олоҕун тутулун — оҕону иитиигэ» бырагырааманан үлэлиир.

Оҕо сайдар эйгэтин тэрийии сыала-соруга турбутунан саха балаҕанын ис бараанын тутулун туһанан сайдыы эйгэтин тэрийбиттэр.

Уһуйаан иитээччилэрэ Галина Попова-Санаайа кэнсиэпсийэтигэр олоҕуран, саха ыалын күннээҕи түбүгүн сыллааҕы эргииригэр тутуһан үлэлииллэр.

   Босуобуйаҕа «Туллукчаан» уһуйаан үөрэтэр-иитэр сатабыла толору сырдатылынна. Ол курдук, утумнаах дьарыктан саҕалаан, ыйдарынан тэрээһиннэр сценарийдара, сахалыы ааптарскай оонньуулар, бырайыактар, CD дискэҕэ «Туску» этно-бөлөх репертуара киирдилэр.

Кинигэ Мария Колодезникова салайааччылаах «Алаас» кинигэ кыһатыгар  бэчээттэннэ. Киирии тылы СӨ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньаҕын наукаҕа, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ, педагогическай наука доктора, профессор Феодосия Габышева суруйда. Кинигэ туһунан Арассыыйа Федерациятын Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун культурологияҕа кафедратын профессора, доцент Галина Попова-Санаайа, Чурапчытааҕы судаарыстыбаннай физическэй култуура уонна спорт институтун психология уонна педагогика кафедратын сэбиэдиссэйэ, педагогическай наука кандидата Татьяна Макарова уо.д.а. санааларын үллэһиннилэр.

Оҕону кыра сааһыттан уу сахалыы ииттэххэ, норуот тыла, төрүт култуурата, ырыата-тойуга, олоҥхото, сиэрэ-туома умнуллуо суоҕа. Босуобуйа уһуйаан иитээччилэригэр, учууталларга, төрөппүттэргэ ананар.

Кырдьык да, иитээччигэ уонна төрөппүккэ олус туһалаах кинигэ күн сирин көрбүт. Иитээччи күннээҕи үлэтигэр бу босуобуйаны туһанан билиитин-көрүүтүн хаҥаттыаҕа, уопут атастаһыытын быһыытынан чурапчылар холобурдарыгар олоҕуран, бэйэтин түөлбэтигэр сыһыаннааҕы эбии эбэн, ситэрэн үлэтигэр туһаныаҕа.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

  Хаартыска — Чурапчы улууһун Чурапчы сэлиэнньэтин «Туллукчаан» уһуйаанын архыыбыттан.

0
0

Добавить комментарий