2018 сыл Хаҥалас улууһун Төхтүр нэһилиэгэр олохтоох дьаһалта, бэрэстэбиитэллээх уорганнар дьокутааттара уонна төрүччүнү үөрэтэр уопсастыбаннай түмсүү быһаарыыларынан судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэл, Хахсыктан төрүттээх Алексей Широких аатын үйэтитиигэ анаммыта.
edersaas.ru
Ытык Хаҥалас улууһун улуу Эркээни хочотуттан төрөөн-үөскээн тахсыбыт чулуу дьоммут ааттара үйэлэри уҥуордаан баалларын биллэрэн, олохпут оҥкулугар охсуллан, историяны кэпсиир кэрэһиттэринэн буолар. Нэһилиэккэ ыытыллар үлэ туһунан СӨ култууратын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ Мотрена Ефремова бу курдук билиһиннэрэр:
— Ханнык да үйэҕэ олордорбут чулуу дьоммут ааттарын тилиннэрэн үйэтитиэх тустаахпыт. Кинилэртэн биирдэстэрэ бэлэтиичэскэй уонна судаарыстыбаннай диэйэтэл Алексей Широких буолар. Кини ЯЦИК бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан, САССР юстициятын наркомунан, САССР Суутун бэрэссэдээтэлинэн ССРС ЦИГ-н чилиэнинэн үлэлээбитэ. Алексей Дмитриевиһы Саха АССР автономиятын олохтооһуҥҥа Василий Никифоровы (Күлүмнүүр), Гаврил Ксенофонтовы, Былатыан Ойуунускайы, Максим Аммосовы, Исидор Бараховы кытта тэҥҥэ үлэлэһэн, салайсан кэлбит киһинэн билэбит.
Олохтоох дьаһалта баһылыга Кэскил Иванов көҕүлээһининэн биир дойдулаахтарбытын үйэтитэр тэрээһиннэри ыытарга анал хамыыһыйа тэриллибитэ.
Онон үлэбитин сыл саҕаланыаҕыттан былааннаан ыытабыт. Ол курдук, улууспут кыраайы үөрэтэр дьонун, улуус бочуоттаах олохтооҕо суруйааччы Павел Харитоновы, кыраайы үөрэтээччи Прокопий Ноговицыны ыҥыран, нэһилиэк дьокутааттара, уопсастыбынньыктара, оскуола кэлэктиибэ «төгүрүк остуолга» А.Д. Широких аатын үйэтитиигэ сыллааҕы үлэ былаанын торумнаабыппыт. Былааннаммыт үлэ чэрчитинэн иитэр, үөрэтэр суолталаах буоларын инниттэн олохтоох оскуолаҕа А.Д.Широких аатын иҥэриини оскуола кэлэктиибэ туруорсуутун дьокутааттар ылыммыттара. Бу былааны улуус Мунньаҕа бигэргэтэн, улуус баһылыга Гаврил Алексеев илии баттааһыннаах б.дь. олунньу 5 күнүнээҕи 28 №-дээх Уурааҕа тахсыбыта.
Үгүс сылларга биллибэккэ, аата ааттаммакка, былдьаһыктаах былаас охсууһуутугар суох буолбут биир дойдулаахпыт аатын-суолун улууспут, өрөспүүбүлүкэбит истэ-көрө сэргииригэр Дьокуускайдааҕы Национальнай бибилэтиэкэҕэ санаа атастаһыылаах мунньах тэриллэн ыытыллан, элбэх дьон сэҥээриитин ылбыта. Мунньах түмүгүнэн салгыы үлэлииргэ уон пууннаах үлэ чэрчитэ ылыллыбыта.
Бу күннэргэ Төхтүрдээҕи модельнай бибилэтиэкэҕэ “Хахсык ааҕыылара” үйэтитии үлэтин чэрчитинэн наунай-практическай кэмпириэнсийэ буолан ааста.
1940-1958 сылларга холбоһуктааһын кэмигэр Хахсык, Төхтүр, Кыһыл Сулус, Маалтааны дьоно-сэргэтэ төрөөбүт алаастарыттан арахсан, биир сомоҕо буолан “Каландарашвили” холхуос буолбуттара. Бөдөҥсүтүү кэмигэр “Каландарашвили” холхуоһу “Өктөм” сопхуоска отделение быһыытынан сыһыарбыттар.
Быйылгыттан төрүччүлэрбитин үөрэтэн билии соруга нэһилиэккэ күүскэ турар. Олохтоох модельнай бибилэтиэкэҕэ “Древо Жизни-5” төрүччүнү оҥорор бырагыраамаҕа олохтоохтору киллэрии үлэтэ саҕаланан бара турар. Нэһилиэктэр аҕа уустарын үөрэтиигэ бу олук буолар. Төхтүр нэһилиэгэр историяны сэгэтэн үөрэтэр дьарыктанар киһи үгүс. Ол курдук нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо Сина Лиханова бу тэрээһини иилээн-саҕалаан ыытта.
Ааҕыыга 50-тан тахса киһи кэлэн, 18 киһи кыттан араас сонун историческай чахчылары кэпсээтилэр. Тэрээһиҥҥэ төрүччүнү үөрэтэр институт дириэктэрэ Константин Аргунов кыттан, үгүс сүбэни биэрдэ.
Мунньахха кыттыыны СӨ Конституционнай суутун бэрэссэдээтэлэ Александр Ким- Кимэн, улуус Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Анатолий Антонов, Мэҥэ Хаҥалас олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи историк Илья Колосов, кыраайы үөрэтээччи Панкратий Петров, историк, суруйааччы Павел Харитонов-Ойуку уонна Алексей Широких төрүт сыдьааннара кыттыыны ыллылар. Бу да сырыыга Национальнай архыыптан Вячеслав Сивцев кэлэн элбэх туоһу суруктары түмсүбүт дьонҥо көрдөрөн кэпсээтэ уонна А.Д. Широкихха аналлаах матырыйааллары салгыы үөрэтэн эһиил кинигэ буолан бэчээккэ тахсарын былааҥҥа киллэрбиттэрин иһитиннэрдэ.
Олохтоох оскуола үөрэнээччилэрэ дойдуларын историятын үөрэтэн кыттыбыттара астыннарда. Хахсыктан төрүттээх СӨ үтүөлээх учуутала Александра Зыкова архыыптан элбэх докумуоннары сотору тахсыахтаах нэһилиэк кинигэтигэр, тэриллиэхтээх мусуойга анаан хаартыскалаах матырыйааллары туттарда. Елизавета Сыромятникова Үөһээ Бүлүү Боотулуутуттан кэлэн кыттан, интэриэһинэй сэргэх кэпсээннээх буолла. Дойдутугар «Хахсык ууһа» диэн баарын, кини онтон төрүттээҕин ыйан соһутта.
Хахсыктан төрүттээхтэр Полина Попова, Елена Борисова, Октябрина Филиппова элбэх матырыйааллаах кэлэн сонун кэпсэтиини таһаардылар.
Кыһыл Сулустан төрүттээх Сергей Андреев, Ольга Еремеева, Ольга Эртюкова бэйэлэрин төрүччүлэрин кэпсээтилэр.
Кыраайы үөрэтээччи Родион Захаров 1870 с. биэрэпискэ “Кыһыл Сулус” колхуоһу Тааһаҕар аҕа ууһа төрүттээбит буолуон сөбүн сабаҕалааһын быһыытынан эттэ. Бу кэмпимриэнсийэттэн бары даҕаны элбэҕи билэн, сэргээн салгыы үөрэтэр соруктаах тарҕастыбыт. Кыттыбыт дьоммут инникитин маннык ааҕыылар икки сылга биирдэ ыытарга этии киллэрдилэр. Кэлбит дьон тэрээһин сөптөөхтүк ыытыллыбытын кэрэхсээн, сэргээн, махтанан тарҕастылар. Тэрээһиммит сыалын ситтэ.
Ити курдук, Алексей Широких төрөөбүтэ 135 сылыгар былааннаммыт тэрээһиннэр Төхтүргэ өссө да ыытыллыахтара. Саха Өрөспүүбүлүкэтин сайдар кэскилин түстэспит, саҥа олоҕу олохсутууга олук уурсубут ытык киһилэрин, биир дойдулаахтарын, бэлэтиичэскэй уонна судаарыстыбаннай диэйэтэл Алексей Широких аатын үйэтитии салҕанар.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru