Соһуччу булумньу

Ыам ыйын 28 күнүгэр Чурапчыттан төрүттээх Дьокуускай куорат олохтооҕо Татьяна Кардашевская оскуоланы бүтэрбитэ 50 сылыгар бэлэмнэнэн, баҕар, кыра оҕо эрдэҕинээҕи хаартыскаларым төрөппүттэрим альбомнарыгар баара буолуо диэн хаартыскалары бэрийэ олордоҕуна эмискэ альбом иһиттэн хара өҥнөөх кыра киниискэ түһэн кэлбит.

edersaas.ru, Татьяна Павлова

Туох буоллаҕай диэн суруга көстүбэт буола элэйбит чараас киниискэни аспыта арай маннык сурулла сылдьар эбит:

«Свидетельство

От имени Всесоюзного Центрального Исполнительного Комитета Советов Рабочих, Крестьянских, Красноармейских и Казачьих Депутатов Российской Социалистической Федеративной Советской Республики Революционный Военный Совет

ПОСТАНОВИЛ

Наградить знаком отличия ордена

«КРАСНОГО ЗНАМЕНИ» №2939

товарища Михайлова Иннокентия Паисиевича».

Кини бу киниискэ гражданскай сэрии кэмигэр хорсун разведчигынан биллибит, бойобуой сырыытын иһин оччолорго сэбиэскэй былаас саамай үрдүкү наҕараадатынан — «Кыһыл Знамя» уордьанынан наҕараадаламмыт И.П.Михайлов-Харачаас орденскай киниискэтэ буоларын тута сэрэйбит.

Манна даҕатан эттэххэ, былырыын, 2018 сыллаахха, сахалартан бастакы дьоруой, 1926 с. ЯЦИК бэрэссэдээтэлэ П.А.Ойуунускай бастакы солбуйааччытынан үлэлээбит Иннокентий Михайлов-Харачаас төрөөбүтэ 150 сыла өрөспүүбүлүкэ таһымыгар бэлиэтэммитэ. Ол кэмҥэ элбэх тэрээһин үлэлэр ыытыллыбыттара, Дьоруой олоҕун уонна хорсун сырыытын 50-ча сыл чинчийэн үөрэппит Амма улууһун кыраайы үөрэтээччитэ, Харачаас биир дойдулааҕа Петр Павлов кинигэтэ бэчээттэнэн тахсыбыта.

Ол эрээри бу киниискэ уонна Харачаас кыра уолун Николай кэргэнин кытта түспүт хаартыскалара бу кини дьонун альбомугар хайдах киирэн хаалбыттарый? Татьяна Гаврильевна бу соһуччу булумньуттан долгуйбута арыый ааһан толкуйга түспүтэ. Кини ийэтэ — Воронеж куораттан төрүттээх Мария Ермолова Чурапчы оройуоннааҕы балыыһатыгар 50 сыл кэриҥэ үлэлээбит Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо этэ. Аҕата Гаврил Кардашевскай Чурапчы оройуонунааҕы үөрэх отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. И.П.Михайлов-Харачаас кыра уола Николай кини бииргэ төрөөбүт балтын Александраны кэргэн ылбыт. Хомойуох иһин, Николай уонна Александра эрдэ өлөннөр, кинилэр уолларын Гаврил Кардашевскай дьиэ кэргэнэ иитэ ылбыт. Ол да иһин киниискэ уонна Николай кэргэнин кытта түспүт хаартыскалара бу альбом иһигэр сырыттахтара.

Татьяна Гаврильевна кэргэнигэр Николай Кононовка соһуччу булумньутун көрдөрбүтэ уонна иккиэн салгыы тугу гынарга сөбүлэспиттэрэ. Дьоруой Харачаас Амма улууһун Сулҕаччы нэһилиэгиттэн төрүттээх, ол аата аммаларга биллэриэххэ наада диэн буолбут. Онтон-мантан ыйыталаһан Сулҕаччы нэһилиэгин дьаһалтатыгар төлөпүөннээбиттэр.

Ыам ыйын 30 күнүгэр Николай Кононов өрөспүүбүлүкэ историятын өссө биир чаҕылхай кэрэһиттэрин — Дьоруой Харачаас орденскай киниискэтин уонна хаартыскалары Сулҕаччыттан төрүттээх биллиилээх суруйааччы Дмитрий Наумовка Сулҕаччы кыраайы үөрэтэр музейыгар тиксэрэригэр диэн үөрүүлээхтик туттарбыта.

И.П.Михайлов-Харачаас бойобуой «Кыһыл Знамя» уордьана, хомойуох иһин, сүтэн турар. Хас да төгүл төхтүрүйэн көрдөөһүн туох да түмүгү биэрбэтэҕэ. Онон кэргэннии Татьяна Кардашевскаяҕа уонна Николай Кононовка махтал улахан. Хайдах курдук сүдү суолталаах докумуон кинилэр илиилэригэр баар буолбутун өйдөөн, тута биллэрбиттэригэр уонна тугу да утары көрдөөбөккө дьон-сэргэ билиитигэр-көрүүтүгэр диэн буор босхо биэрбиттэригэр.

Дьыл-хонук аастар ааһан иһэр. 2022 сылга Өрөспүүбүлүкэбит тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтиэхпит. Ол тэрээһиннэр кэмнэригэр Былатыан Ойуунускай хоһоонугар хоһуллубут Дьоруой Харачаас орденскай киниискэтэ оччотооҕу кэм тыыннаах туоһута буолан биир сүрүн миэстэни ыларыгар эрэнэбит.

 

 Татьяна Павлова, edersaas.ru саайтка анаан

Петр Павлов хаартыскаҕа түһэриилэрэ ( Ил Түмэн пресс-сулууспата)

0
0

Добавить комментарий