“Сыл иитээччитэ-2019” кыайыылааҕа – Лилия Тимофеева

Түөрт күн устата барбыт “Сыл иитээччитэ-2019” куонкурус түмүктэннэ. Үс түһүмэх кэнниттэн кыайыылааҕынан Мирнэйдээҕи “Олененок” уһуйаан муусукаҕа салайааччыта Лилия Тимофеева буолла.

edersaas.ru

Тэрээһин үөрүүлээх сабыллыыта үгэс быһыытынан Орджоникидзе болуоссатыгар ааста. СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Владимир Егоров, СӨ үөрэҕи сайыннарар уонна квалификацияны үрдэтэр институт дириэктэрэ Галина Алексеева, Москва уобалаһыттан ыҥырыылаах ыалдьыт Анастасия Шлемко, о.д.а. кытыннылар.

Сыл иитээччитэ-2019” куонкурус кыайыылааҕын аатын сүкпүт Лилия Тимофеева Алдан улууһуттан төрүттээх. Бу иннинэ Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтугар преподавателлээн баран, Миринэйгэ муусука салайааччытынан үлэлээбитэ түөрт сыл буолбут:

—Маҥнай үлэлии тиийэн баран толло санаабытым. Ол гынан баран, кырачааннары кытта түргэнник уопсай тыл булан, оннубун буллум, сөбүлээтим. Чахчы мин идэм эбит диэн түмүккэ кэллим.

Былырыын улуустааҕы куонкуруска кыттан иккис миэстэни ылбытым. Ол иһин быйыл миигин ыытарга быһаарыммыттара. Куонкуруска кыайарбар, арааһа, төрүт култуурам уонна айар үлэм көмөлөстө. Ханна да бардарбын илиигэ кэтиллэр таба оонньуурбун илдьэ сылдьабын. Айахпын хамсаппакка эрэ ыллатабын. Дьарыкка ити онньуурбун туһаммытым. Кырачааннар, таба чахчы бэйэтэ ыллыыр диэн соһуйуу бөҕөлөр этэ.

Саха сирин аатыттан Арассыыйатааҕы куонкуруска көмүскүүр улахан эппиэтинэс. Дойдубар Миринэйгэ тиийэн нэдиэлэ курдук сынньана түһэн баран, тута блэмнэммитинэн барыахпыт. Саха сирин аатын дьоһуннаахтык ааттатарга дьулуһуом”, — диэн кылгастык санаатын үллэһиннэ.

Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл иитээччитэ-2018” куонкурус муҥутуур кыайыылааҕа, дьүүллүүр сүбэ чилиэнэ, Анастасия Шлемко (Москва уобалаһа):

Саха сирэ миигин ыҥырбыт онус эрэгийиэн буолар. Эһиги өрөспүүбүлүкэҕитигэр эрэ атын дойдуга сылдьар курдук сананным. Тоҕо диэтэххэ, икки тылынан судургутук кэпсэтэҕит. Уһуйааннаргыт олус элбэх идиэйэлээхтэр. Бэйэм даҕаны интэриэһинэй ньымалары биллим. Биир соһуйа көрбүтүм диэн, дьарыктаргыт босхо бараллар эбит. Холобур, ханна даҕаны робототехника, англия тылын дьарыктара барыта төлөбүрдээхтэр, босхо буолар кыаҕа суох. Арай, эһиэхэ эрэ босхо эбит. Төһө уһуннук тулуһаргытын билбэтим гынан баран, төрөппүттэргэ, оҕолорго ити курдук көмөлөһөргүт олус үчүгэй.

Биһиги бөлөхпүт биэс киһини сыаналаата. Оҕону кытта үлэллэриттэн көрдөххө, бүгүҥҥү күн ирдэбилигэр сөп түбэһэр. Биэс киһиттэн түөрдэ лауреат буолла. Бу сэдэх көстүү. Арааһа, иитээччилэргитин хайдах эрэ уратытык сүүмэрдиигит быһыылаах.

Ханна баҕарар иитээччилэр бэйэлэрэ уонна иитиллээччилэрэ сайдалларын туһугар көрүллэр үлэлэрин бириэмэтин таһынан үлэлииллэр. Иитээччилэр ити сыралара сыаналанара буоллар диэн баҕа санаалаахпын.

Лауреаттар, кыттааччылар СӨ үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин, СӨ үөрэҕи сайыннарар уонна квалификацияны үрдэтэр институт, тэрилтэлэр ааттарыттан бириистэри, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттулар.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Антонина СЕМЕНОВА уонна ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

0
0

Добавить комментарий