Сунтаарга Арассыыйа күнүгэр Бочуоттаах дьону чиэстээтилэр

Сунтаарга «Олоҥхо» төрүт култуура киинигэр Арассыыйа күнүгэр аналлаах үөрүүлээх мунньах буолан ааста. Тэрээһин дойдубут Арассыыйа туһунан ырыанан саҕаланна. Бүгүн хас да киһи оройуон Бочуоттаах гражданинын аатын сүктүлэр.


Олохтоохтору Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев эҕэрдэлээтэ. Кини дойдубут устуоруйатын, Арассыыйа күнүн бырааһынньыга хаһааҥҥыттан баар буолбутун туһунан билиһиннэрдэ.

Ол кэннэ СӨ Бырабыыталыстыбатын, улуус наҕараадаларын туттарда. Бу күн хас да киһи үөрүүлээх быһыыга-майгыга Сунтаар улууһун Бочуоттаах гражданиннара буолалларын туоһулуур дастабырыанньалары туттулар.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Сунтаар улууһун талааннаахтара ыллаан-үҥкүүлээн дьон сүргэтин көтөхтүлэр.

Ааптар: «Сунтаар сонуннара» хаһыат

Добавить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Обязательные поля помечены *