Аммалар Олоҥхо ыһыаҕар ситиһиилээхтик кытыннылар

Аммалар Олоҥхо ыһыаҕар ситиһиилээхтик кытыннылар

Аммалар  ааттара Эҥсиэли хочотугар ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар элбэхтик ааттанна. Анисия Софронова салайааччылаах «Оллоон» фольклор бөлөҕүн иитиллээччилэрэ уонна улууспут ааттаах – суоллаах дьоно ситиһиилээх кэллилэр. 


Амма улуууһун дэлэгээссийэтэ Олоҥхо ыһыаҕар улуус баһылыга Николай Архипов салалтатынан ситиһиилээхтик кыттан кэллэ. Амматааҕы норуот айымньытын дьиэтин фольклорга исписэлииһэ  Василий Кочаткин  иһитиннэрбитинэн, олоҥхоҕо улууспут чиэһин Анисия Софронова салайааччылаах «Оллоон» фольклор бөлөҕө  көмүскээтэ. Оскуола оҕолоругар Анастасия Барабанова кыайыылааҕынан тахсан убаһанан наҕараадаланна. Саша Жарина анал ааты ылан харчынан бириэмийэлэннэ. Бөлөҕүнэн толорууга Анисия Соловьева – Антонова, Самаана, Клара Соловьевалар дьиэ кэргэн аатыттан ыалдьыт быһыытынан кытыннылар. Оһуокай түһүлгэтигэр «Оллоон иитиллээччитэ» Дарина Яковлева «Бастыҥ этээччи» анал ааты ылан харчынан бириэмийэлэннэ. Олоҥхо ыһыаҕын туонатыттан Саха НКИХ  арааадьыйатын эрэдээктэрэ Татьяна Степанова бастыҥ көрдөрүүлээх «Оллоон» бөлөхтөн ыһыах туһунан санаалаарын быһа эфиргэ таһаарда.

«Эҥсиэли хочотугар Олоҥхо ыһыаҕа олус тэрээһиннээхтик уонна үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Нам Бөтүҥүн нэһилиэгин баһылыгар Михаил Марковка, куратор Зоя Марковаҕа, «Мичил» оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Саргылана Федороваҕа уонна олохтоохторго аймахтыы чугастык ылынан, истиҥник көрсүбүттэригэр, икки күн устата маанылаабыттарыгар улахан махталбытын тириэрдэбит. Аны 2021 сылга Олоҥхо ыһыаҕа Аммаҕа ыытыллыаҕа», — диэн этэр «Оллоон» фольклор бөлөҕүн уһуйааччыта Анисия Софронова.

Саха таҥаһын көрүүгэ норуот маастара Любовь Аргунова «Үгэс буолбут саха таҥаһа», Варвара Соловьева кыыһынаан Кларалыын «Саха талба таҥаһа» анал ааттары ыллылар. «Туой тойуга» туойтан оҥоһук маастардарын көрүүгэ Анатолий Романов «Туой утумун тутааччы» анал аатынан бэлиэтэннэ. Сатаҕайтан төрүттээх тимир ууһа норуот маастара Александр Терентьев – Айгын Уус «Төрүт тимир» тимир уустарын оҥоһуктарын быыстапкатыгар анал аатынан бэлиэтэннэ уонна ох саанан ытыыга иккис миэстэ буолан харчынан бириэмийэлэннэ.

«Эр бэрдэ» күүстээхтэр киирсиилэригэр оптуобуһу соһууга, Нам таастарын таһыыга, гиирэни быраҕыыга, 250 киилэни 30 миэтэрэҕэ тиэрдиигэ, 146 киилэ тааһы көтөҕөн хаамыыга кыттан уопсай түмүккэ Егор Баишев үһүс миэстэ буолан харчынан наҕараадаланна. Мас тардыһыытыгар улахан ыйааһыҥҥа Анатолий Баишев муҥутуур кыайыылаах  аатын ылан эмиэ харчынан бириэмийэни тутта.

Олоҥхо ыһыаҕар кыттыы туһунан сиһилии «Амма олоҕо» хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕаарын.

Ааптар: Алтана Артемьева

Добавить комментарий

Ваш e-mail не будет опубликован. Обязательные поля помечены *