Нам улууһун символа — Куба былыт буолан көстүбүт

Улахан тэрээһин аайы туох эрэ дьикти ураты мистическэй көстүүнү Ийэ айылҕа барахсан көрдөрөн ааһар.

edersaas.ru


Ол курдук, бу чааска батсаабынан Олоҥхо Ыһыаҕын дьикти түгэннэрэ тарҕанан эрэллэр.

«Дьикти дии, Уот иччитэ турар курдук. Күүстээх алгыс түстэҕэ…«, — диэн бу хаартыска анныгар суруйан ыыппыттар. Өйдөөн көрдөххө, кырдьык, оннук эбит! Бу күн тахсыытыгар Алгысчыт уоту аһатар кэмэ этэ. Халыҥ былыт бүрүйэн, күн тахсыбатаҕа. Оттон Уот иччитэ көстүбүт.

Куба-былыты эмиэ Күнү көрсүү сиэрин-туомун саҕана түһэрбиттэр. Онон Нам улууһун символа, аны, киэҥ куйаар халлааҥҥа былыт буолан көстүбүт.

Дьон өйүгэр-санаатыгар иҥмит үтүө алгыстаах Олоҥхо Ыһыаҕа Ийэ айылҕалыын эмиэ алтыспытын бу хаартыскалар туоһулууллар. Дьон өйдөөн көрөн түһэрэр да буолар эбит!

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — батсааптан.

0
0