Азербайджан поэзиятын күннэрэ ыытыллыахтара

Бэс ыйын 27-30 күннэригэр Дьокуускайга Азербайджан поэзиятын күннэрэ ыытыллыахтара. Манна Былатыан Ойуунускай “Кыһыл Ойуун” айымньыта азербайджан тылынан тылбаастанан, кинигэ буолан тахсыбытын сүрэхтиэхтэрэ.


Азербайджантан бэйиэт, издатель, уопсастыбаннай диэйэтэл, түүр эдэр суруйааччыларын аан дойдутааҕы холбоһуктарын салайааччы  Экбер Гошалы уонна тылбаасчыт Аида Эйвазова кэлиэхтэрэ. Кинилэр “Кыһыл Ойууну” тылбаастаан, кинигэ оҥорон “Зердаби” полиграфическай кииҥҥэ бэчээттэтэн таһаарбыттар. Бу Саха сирин уонна Азербайджан Суруйааччыларын сойуустарын бииргэ үлэлээбиттэрин түмүгэ буолар.

Суруйааччылар сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Наталья Харлампьева Баку куоракка бара сырыттаҕына

 

Бырагыраамаҕа Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Жирковы кытары көрсүһүү, Литературнай мусуойга азербайджан тылынан саҥарбыт Ойуунускай кинигэтин сүрэхтээһин, Өктөмҥө бастакы бэрэсидьиэн Михаил Николаев киинин бибилэтиэкэтигэр, “Якутцемент” производственнай холбоһукка, Г.В. Ксенофонтов аатынан кыраайы үөрэтэр мусуойга, Е.Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар историяларын, култуураларын мусуойугар сылдьыы, Аччыгый академия лицеистарын кытта көрсүһүү, Өлүөнэ очуостарыгар сынньалаҥ, Туймаада ыһыаҕар кыттыы, “Бичик” кинигэ кыһатыгар сылдьан дьыалабыай кэпсэтии, Дьокуускай кэрэ-бэлиэ миэстэлэринэн экскурсия, о.д.а. баар.

Онон ыалдьыттар кылгас кэм иһигэр саха норуотун култууратын, төрүт үгэстэрин кытта ыкса билсиэхтэрэ, азербайджан уонна саха норуоттарын доҕордоһуулара литература, култуура нөҥүө бөҕөргүү, сайда туруоҕа.

Санатар буоллахха, «Кыһыл Ойуун» драматическай поэманы М.Горькай уһулуччулаах айымньынан сыаналаабыта.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

0
0

Добавить комментарий