Бары билэрбит курдук, “Айар Кут-Hollywood” лааҕыры Матрена Евсеева-Мотокуо салайар. Бу эйгэҕэ, 1999 сылтан баһаатайтан саҕалаан начаалынньыкка тиийэ үлэлээбит педагог, нууччалыы эттэххэ, “собаку съела”. Онон 2013 сылтан чааһынай лааҕыры аһарга санаммыт. Уопсайа, 30-тан тахса үлэһиттээх.
edersaas.ru
Симиэнэҕэ 100-тэн тахса оҕону хабаллар. Төлөбүрэ 15 күҥҥэ 18 тыһыынча солкуобай. Соҕотох ийэ, аҕа, урукку өттүгэр бу лааҕырга сынньаммыт, олохтоох нэһилиэк оҕолоро диэн араас чэпчэтиилэр көрүллэллэр. Сайыҥҥы лааҕыры таһынан күһүн, саас өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр, кыһыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр оскуолаҕа интэринээт симиэнэлэри тэрийэр. Ону таһынан, араас куонкурустары ыытан, бириискэ путевкалары туруорар. Инньэ гынан, биир симиэнэҕэ ортотунан 30-тан тахса оҕо путевканан буор босхо сынньанар эбит.
— Сыллата сайыҥҥы лааҕыр ирдэбилэ күүһүрэн иһэр. Ону барытын тутуһан үлэлиибит. Бэйэм үлэлиир Нам улууһун Хатыҥ Арыы И.Е.Винокуров аатынан орто оскуолатын түүлэһэн базаланабыт. Оскуолам иккис дьиэм кэриэтэ, онон үлэлиирбэр судургу, үлэһиттэрим нэһилиэгим олохтоохторо. Үлэ миэстэтэ тахсар, сайынын хамнастаналлар. Сезон устата оскуола территориятын иһиттэн тахсыбаппын, манна хонобун, аһыыбын, тэҥҥэ үлэлэһэбин. Саамай кыра хамнас 15 тыһыынча солкуобай. Хайдах үлэлээбиттэрин ырытан, онтон аттаран көрөн бириэмийэлиибин. Баһаатайдарым бары кэриэтэ бэйэм үөрэппит, нэммитин билсибит оҕолорум”, — диэн кэпсээнин саҕалыыр.
“Айар Кут- Hollywood” лааҕыр, аата да этэринии, оҕо айар дьоҕурун сайыннарар соруктаах. “Лидер академия” курдук дьиссипилиинэттэн саҕалаан, КВН-ҥа тиийэ дьарыктаналлар.
“Мотокуо лааҕырыгар оҕолор икки нэдиэлэ устата сынньанаары, букатын атын киһи буолан, бэйэлэригэр эрэллэрэ күүһүрэн төннөллөр”, — диэн үгүс киһиттэн иһиттим. Кистэлэҥэ тугуй, диэн туоһуласпыппар: “Бастатан туран, хас биирдии оҕоҕо оҕо саас саамай умнуллубат түгэннэрин бэлэхтиэхтээхпит диэн өйдөбүллээхпин. Бастакы икки сылга талааннаах эрэ оҕолор кэлэллэрэ. Кэлин өйдөтөр үлэни ыытан, төттөрүтүн, симик, оҕоттон туора көрүллэр, көмпүүтэргэ убаммыт оҕолорун аҕалар буоллулар. Бу икки нэдиэлэ иһигэр күүстээх үлэни ыытан, төрөппүттэригэр атын көрүүлээх оҕолору туттарабыт. Иккиһинэн, күнү быһа оҕолору кытта алтыһабын, кэпсэтэбин. Нууччалыы эттэххэ, “интуициям” күүстээх. Оҕону кытта аһаҕастык кэпсэттэххэ, санаатын, кыһалҕатын этэр, арыллар. Сороҕор, төлөпүөнүнэн төрөппүттэри даҕаны кытта үлэлэһэр түгэннэрдээхпин. Үсүһүнэн, чахчы оҕоҕо бэриниилээх, кинини таптыыр, харчы туһугар буолбакка, ис дууһаларыттан үлэлиир эрэ дьону үлэҕэ ылабын”, — диэн санаатын үллэстэр. Оҕо кини лааҕырыгар талаһарын биир үтүө холобур туоһулуур — былырыын өрөспүүбүлүкэ 33 улууһуттан уонна Дьокуускай куораттан тиийэн сынньаммыттар.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru