Хаҥалас улууһун «Орто дойду» этнокомплексыгар «ТАБЫС» («Таптаа, алҕаа, байыт ытык сиргин») диэн ыччат бэстибээлэ буола турар. Бу чэрчитинэн үгэскэ кубулуйбут «Эдэр ыал» куонкурус ыытылынна. Кыайыылааҕынан Чурапчы улууһуттан Ивановтар буоллулар.
Куонкуруска өрөспүүбүлүкэбит 18 оройуонуттан 35 саастарыгар диэри биир эбэтэр онтон элбэх оҕолоох 22 эдэр ыал кытта кэлбит. Күрэхтэһии биэс түһүмэхтээх — бэйэни билиһиннэрии, ыал бэлиэтэ, ойуута, айар түһүмэх уонна толкуй түһүмэҕэ.
Кыайыылааҕынан Чурапчы улууһуттан биэс оҕолоох Елена уонна Герман Ивановтар буоллулар. Эдэр ыалга Ил Дархан Айсен Николаев аатыттан 300 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикэти туттардылар. Маны таһынан Ивановтар ахсынньыга Дьокуускайга ыытыллар «Сыл бастыҥ ыала» күрэхтэһии финалыгар быһа кыттар чиэстэннилэр.
Айтана Аммосова, edersaas.ru
0
0