«ТАБЫС»: горнайдар «Росквиз» оонньууга кыайдылар

Хаҥалас улууһун «Орто дойду» этнокомплексыгар «ТАБЫС» («Таптаа, алҕаа, байыт ытык сиргин») диэн ыччат бэстибээлэ буола турар. Бу чэрчитинэн «Росквиз» өй оонньуута ыытылынна. 

Оонньууга алта улуус хамаандата уонна ХИФУ устудьуоннарын идэлээх сойууһуттан «Хотугу пантеон» диэн дебат кулуубун хамаандата кытынна. Кыттааччылар биэс түһүмэххэ күрэхтэстилэр.

Сонун оонньуу туһунан «Биир Ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Саха сирин эрэгийиэннээҕи сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Василина Лукина кэпсиир:

— «Росквиз» оонньуу тиэмэтэ — Араассыыйа федерациятын судаарыстыбаннаһа. Арассыыйа уонна Былаах күннэригэр анаан сөп түбэһиннэрэн боппуруостары толкуйдаабыппыт. Кыттааччылар оонньууну сөбүлээтэхтэринэ, бэйэлэрин улуустарыгар ыыталларын туһуттан матырыйаалларбытын түҥэтиэхпит. Квизкэ историяҕа сыһыаннаах боппуруостары кытта уопсай билиигэ сыһыаннаахтары эмиэ киллэрдибит.

Оонньуу түмүгэр Горнай улууһун хамаандата кыайыылаах таҕыста.

Айтана Аммосова, edersaas.ru

0
0

Добавить комментарий